Саха сылгыта – норуот дьылҕата 3

Ааптар: 
12.12.2019
Бөлөххө киир:

Тыа сирин дьылҕата нэһилиэктэр туруктарыттан улахан тутулуктаах. Кэскили олохтоохтук оҥостор туһуттан, хас биирдии нэһилиэк бэйэтигэр сүүрбэ сылы хабар бырагыраамалаах буолуохтаах.


Уон биэс оҕо таабырына

Бу бырагыраамаҕа сыллата кырата 15-тии оҕону төрөтөр сорук киллэриллиэхтээх. Дьэ ону хайдах ситиһэр туһунан боппуруоска олохтоох дьаһалта баһылыга төбөтүн үлэлэтиэхтээх.
Билигин нэһилиэнньэ ахсаанынан үбүлээһин ситимэ киллэриллэн, сарбыйыы куттала дьону-сэргэни улаханнык долгутар. Оттон сыл аайы 15-20 оҕо күн сирин көрөр буоллаҕына, нэһилиэккэ оскуола, балыыһа сарбыллыбаттар, нэһилиэнньэ ахсаана элбэҕин быһыытынан учууталлар, эмп уонна култуура тэрилтэлэрин үлэһиттэрин ыстааттара тахсан кэлэр.
Дьон үлэлээх-дьарыктаах буолуутун хааччыйыыга мин биир холобуру аҕалабын. Өймөкөөн Үчүгэйигэр сопхуос дириэктэринэн үлэлии тиийээт, нэһилиэк олохтоохторугар сыллата уон биэстии оҕону төрөтөргө эппитим уонна начаалынай оскуола оннугар аҕыс кылаастаах оскуоланы (үөрэх управлениета сөбүлэспэтэҕин иһин, сопхуостан ыстаат көрөн) астарбытым, сопхуоска табаны уонна сылгыны хаалларан баран, ынах сүөһүнү чааһынай ыалларга тарҕаппытым. Күн бүгүн Үчүгэй нэһилиэнньэтин ахсаана элбии турар, орто оскуолаҕа уо.д.а. тэрилтэлэргэ сарбыйыы суоһаабат, ыал барыта ынах сүөһүнү ииттэр.

Эр дьону түмэр хаһаайыстыба

Биллэн турар, нэһилиэккэ бүддьүөт тэрилтэлэригэр сүрүннээн дьахталлар үлэлииллэр. Оттон эр дьоҥҥо, ыаллар аҕаларыгар, хочуолунайтан ураты сөптөөх үлэ суох, биир-икки киһи хаартыскаҕа түһэрэр, этэрбэс улларар биитэр такси өҥөтүн толорор, атыттар, ойохторун үлэлэтээри, дьиэһит буолан олороллор диэтэххэ сымыйа буолбат.
Онон элбэх эр киһини хабан үлэлиир хаһаайыстыба тэриллиэн наада. Манна саамай тоҕоостооҕунан сылгы хаһаайыстыбата буолар. Өскөтүн 2400 сылгылаах, ити иһигэр 800 биэлээх хаһаайыстыбаны тэрийдэххэ, нуорма быһыытынан биир сылгыһыт 50-нуу сылгыны көрөрүнэн суоттаатахха, итиэннэ мэхэньисээтэрдэри эптэххэ, 80-90 киһи (эр дьон, ыал аҕалара!) үлэлээх буолара ситиһиллэр. Бу дьон хайдах быһыылаахтык тэриллэн үлэлиэхтээхтэрий итиэннэ хамнастара хантан хааччыллыахтааҕый?
Бырамыысыланнас эйгэтигэр ханнык баҕарар тэрилтэ тэриллэригэр аан бастаан базатын оҥороллор, ол эбэтэр дьиэтин-уотун туталлар, туһаныллар-туттуллар мэхэньиисимнэрин, тиэхиньикэтин таҥан туруораллар, ол мэхэньиисимнэр үлэлээн-хамсаан, бородууксуйаны биэрэр буоллахтарына, дьэ дьиҥнээх идэтийбит оробуочайдары, эпэрээтэрдэри, силиэсэрдэри, мэхээнньиктэри, компьютерщиктары о.д.а. аҕалан үлэлэтэллэр. Оттон тыа хаһаайыстыбатын, уруккулуу тэрээһин быһыытынан көрөммүт, итинник тэрийбэппит. Ырыынак со­куонунан олорорбут быһыытынан, манна судаарыстыба уонна харчылаах дьоннор көмөлөрө быһаарар оруолу ылыаҕа. Былырыын инновационнай бырайыак чэрчитинэн норуодунай хаһаайыстыбалары тэрийиигэ судаарыстыба көмөтүн оҥорор туһунан Арассыыйа бырабыыталыстыбатын уурааҕа тахсыбыта. Дьэ биһиги бу уурааҕы күөн тутан, сылгы хаһаа­йыстыбатын инновационнай бырайыак быһыытынан тэрийиэхпитин наада.

Үлэҕэ идэтийии

Ханнык баҕарар аахсыйаламмыт хаһаайыстыба бүтэһиктээх түмүгү (конечный результат) биэрэр эрэ буоллаҕына, барыстаахтык үлэлиирин олох көрдөрдө. Тыйыс усулуобуйалаах уонна суола-ииһэ суох нэһилиэккэ тэриллэр хаһаайыстыба бородууксуйаны (сылгы этин) оҥорон, астаан-үөллээн, атыыга бэлэмниири биитэр бэйэтэ атыылыыры ситиһиэх тустаах. Манна биир суолу өйдүүр наада, дьон хамнаһа бородууксуйаны батарыыттан тутулуктааҕын. Билигин үгүстэр: ”Сылгыны сүүскэ биэрэн баран, этин Дьокуускайга тиэйэн киллэрэн, атаҕынан атыылаа да бүтэр, икки бүк барыс “лас!” — дии саныыллар итиэннэ аҕыйах сылгылаах дьоҕус хаһаайыстыбалар оннук даҕаны дьаһанан олороллор.
Хаһаайыстыба үлэтин тэрээһинэ элбэх салааттан турар. Биир салаа күннээҕи үлэ-хамнас буолар. Сылгыны көрүү-истии, аһатыы-сиэтии наука этиитигэр олоҕуруохтаах, сылгы баазата, сылгыһыт олорор дьиэтэ, күрүө-хаһаа барыта ирдэбил быһыытынан оҥоһуллуохтаах. Онуоха, бастатан туран, улахан күрүөнү тутуллар, онон бэриллибит сир бэ­лиэтэнэр уонна сылгыны көрүү-истии бэрээдэктэнэр, сылгы сүтүүтэ таһаарыллыбат. Сылгылары “биэ”, “убаһа”, “тый”, “биэ буолар тиҥэһэ”, “уотууга турааччы”, “идэһэҕэ барааччы”, “көлүүр ата” диэн сааһынан уонна аналынан араарыллан көрүллүөхтээх.
Итинэн зоотехническай уонна бэтэринээринэй үлэни кэмигэр тэрийэн, сылгыны барытын эмтиир-сэрэтэр дьаһалларынан хабар, племенной үлэни дьиҥнээхтик ыытар, сылгыны талар итиэннэ төрүөҕү эрдэттэн былаанныыр, ол түмүгэр, сылгы хаачыстыбатын лаппа тупсарар ситиһиллэр. Сылгыһыттар идэтийэн үлэлииллэр: сорох ыччат сылгыны, сорох уотууга турааччылары, сорох төрүүр биэлэри көрөр-истэр исписэлиискэ кубулуйаллар. Оттон биирдиилээн бытарыйбыт хаһаа­йыстыбалар итинник үлэни тэрийбэттэр, тэрийэр кыахтара да суох. Инньэ гынан, туох кистэлэ кэлиэй, төрдө-ууһа биллибэт, боруодата буккуллубут сылгы элбээтэ.
Иккис салаа үлэ ыччат сылгыны иитии буолар. Мин биир бэйэм убаһаны идэһэҕэ туттары төрүт утарабын. Быһа холуйан, 800 биэттэн 60 бырыһыана төрөөтөҕүнэ, сылга 600 убаһа кэлэр. Олору барыларын сүрүн үөртэн арааран, туспа бааза тутан, үс саастарыгар диэри иитиэххэ наада. Салгыы тыһыларын талан, биэ оҥорорго бэлэмниэххэ, бэйэ туттарыттан ордубутун саҥа тэриллэр хаһаайыстыбаларга атыыланыахтаах. Үөргэ хаалларыллар атыырдартан уратылар идэһэҕэ бараллар. Онуоха үрдүк суортаах эти ылар туһуттан, уотар пууну тутуохха итиэннэ дьоҕус буойуна сыаҕын арыйан, күн аайы иккилии сылгыны өлөрөн астаан, нэһилиэнньэҕэ сибиэһэй эти дьыл кэмиттэн тутулуга суох хааччыйыахха наада. Биһиги билигин баччаларга эрэ эти атаҕынан бырахсан баран, саас тиийэн хаһан сүөһүнү өлөрүөххэ диэри айахпытын атарбыт тохтуохтаах. Биллэрин курдук, сылгы иһэ, субайа хайа да кэмҥэ атыыга үчүгэйдик барар. Эти атаҕынан буолбакка, киилэнэн эрбээн (“куҥ эт”, “ойоҕос” о.д.а. диэн арааран), суордун ыйан, үчүгэйдик суулаан-хаалаан баран атыылыыр быдан барыстааҕын өйдүүр кэм кэллэ. Дьиҥинэн, Дьөһөгөй оҕото барахсан туга барыта, туйаҕар тиийэ туһаҕа турар эбээт. Аны хаана уонна былчархайдара араас битэмииннээх эбииликтэри, эми-тому оҥорорго туһаныллаллар. Холобур, учуонайдар столбняк, гангрена, дифтерия, ботулизм о.д.а. курдук уодаһыннаах ыарыылары утары эмтиир-сэрэтэр сывороткалары сылгы хаанынан оҥороллор. Онон, научнай институттары кытары сөҥнөһөн, сылгы хаанын уонна былчархайын соҕотуопкалыахха сөп. Нэһилиэккэ сылгы иитэр бөдөҥ хаһаайыстыба үбүн-харчытын аахсыйалаахтар (баай дьоннор) хааччыйаннар, үлэтэ-хамнаһа ити курдук тэриллиэхтээх.

Үбүлээһин элбэҕи быһаарар

—Саҥа хаһаайыстыба хантан итиччэ элбэх сылгыланарый, чааһынай дьонтон былдьаан ылар дуо? – диэн мунаарар дьон ыйытыан сөп.
Ааспыт суруйуубар эппитим курдук, бу хаһаайыстыбаҕа чааһынай сылгы суох буолар. Сылгы хаһаайыстыбата чааһынай дьон, бааһынай хаһаайыстыбалар идэһэҕэ туттарга былааннаабыт сылгыларыттан тыһытын атыылаһан ылан тэриллэр уонна сылгытын ахсаанын элбэтэн иһэр. Мин сылгыны сиппитин кэннэ идэһэҕэ өлөрөргө этэр буоламмын, үлэ түһүмэҕин биэс сылынан быһабын. Бастакы биэс сыл кэнниттэн хаһаайыстыба атаҕар турар, ол эбэтэр 800 биэлэнэр. Бу кэм устатыгар баазалар, күрүөлэр-хаһаалар тутуллаллар уонна буойуналаах астыыр сыах тэриллэр. Итинэн икки суол быһаарыллар: олохтоох дьон үлэнэн хааччыллаллар уонна сылгы сылдьар сирин-уотун көрүү-истии быһыытынан, сылгыһыттар күһүн-саас кур лаҥханы, сэтиэнэҕи өртөөннөр, сири-уоту ыраастыыллар, тупсараллар. Оҥоһуулаах сиргэ мэччийэр сылгы сылы үчүгэй туруктаах туоруур.
Ханнык баҕарар тэрээһин үбүлээһинтэн улахан тутулуктаах. Хаһаайыстыба тэрээһинигэр бастатан туран, били аахсыйаны атыылааһынтан киирбит үп туттуллар. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата уонна Ил Дархан бу боппуруоска хамсатыылаах дьаһаллары ылаллара эрэйиллэр. Тоҕо диэтэххэ, сылгы хаһаайыстыбатын тэрийии Айсен Николаев былырыын таһаарбыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан» ыйааҕар 2024 сылга диэри туһаныллар сир иэнин кэҥэтэргэ, сылгы ахсаанын элбэтэргэ, 200 сылгы баазатын тутарга, эти уонна эт бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны 30 %-ҥа тиэрдэргэ эппитин олоххо киллэрии биир хардыыта буолар.

Василий Винокуров, экэниэмикэ наукатын хандьыдаата, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0