Саха суруналыыстыкатын устуоруйатын сэгэттэххэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл Саха аптаныамыйата төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтээтибит. Судаарыстыбаннаспытыттан арыый аҕа саастаах, үйэлэр алтыһыылара, олохпут тутула уларыйыыта аргыстаах, түһүүлээх-тахсыылаах, буһуулаах-хатыылаах кэмнэргэ Сахатын сирин, дьонун-норуотун быстыспат сорҕото, эрэллээх доҕоро буолан айан-тутан, үлэлээн-хамсаан кэлбит саха суруналыыстыкатын устуоруйатын сэгэтэн көрөргө, уруккуну-хойуккуну ахтан-санаан ааһарга быһаарынныбыт.

Онон сибээстээн, ССРС, РСФСР, САССР, СӨ суруналыыстыкаларын бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэчээтин туйгуна, 8 сыл ыстаастаах тэлэбиидэнньэ эрэдээктэрэ, ыстаарсай эрэдээктэрэ, үйэ чиэппэрэ кэриҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруналыыстарын сойууһун эппиэттиир сэкирэтээринэн, бэрэссэдээтэли солбуйааччынан, бэрэссэдээтэлинэн бэриниилээхтик үлэлээн, салайан кэлбит аҕа суруналыыспыт Иван Васильевич Борисов кэпсээнин, санаатын күндү ааҕааччылар, эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.

– Сэрии иннинэ үлэлээбит дьоннору биһиги адьас билбэппит. Бу киһи билэрэ буолуо, киниттэн ыйыталас, диэҕи ол дьонноруҥ эмиэ суохтар. Онон бэйэбит кырдьаҕас көлүөнэ биир идэлээхтэрбит тустарынан адьас умнан кэбиспиппит кыһалҕабытынан буолар. Арай кинилэр ханан эрэ сыдьаан аймахтара, ыччаттара баар, төрүттэрин-уустарын интэриэһиргиир, үөрэтэр буоллахтарына, син сээкэйи кэпсиэхтэрин сөп эбитэ буолуо. Ол гынан баран, дьон кэнники кэмҥэ хайдах эрэ күннээҕи олоххо, үпкэ-аска, эргиэҥҥэ эриллэн хаалбыттара, олохтон тэйии курдук саныыбын. Холобур, биһиги кэпсэтэр эйгэбит, бэчээт, суруналыыстыка устуору­йатынан интэриэһиргээччи бэрт аҕыйах буолуо оҥоробун.

Мария Бурцева –  саха бастакы суруналыыс дьахтара

Сэрии инниттэн “Кыым” хаһыакка үлэлээбит Мария Бурцева диэн баара. Москваҕа “Правда” хаһыакка баран үөрэнэн, саха дьахталларыттан аан бастакынан суруналыыстыка дьыалатын билбит-көрбүт, өр сылларга “Кыым” хаһыакка сэбиэскэй эргиэн отделын салайбыт, сүрдээх интэриэһинэй олохтоох, дьылҕалаах саха дьахтара этэ. Дэлэҕэ Байҕал дэниэ дуо!

Өссө кырдьаҕастартан ылар буоллахха, сэрии инниттэн “Кыым” хаһыакка кэрэспэдьиэ­нинэн, отдел сэбиэдиссэ­йинэн, эппиэттиир сэкирэтээринэн, эрэдээктэри солбуйааччыга тиийэ үлэлээбит Василий Климентьевич Алексеев-Байҕал буолар. Бу кырдьаҕас өссө “Кыымҥа” үлэ­лиэн иннинэ Араадьыйа кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ буола сылдьыбыта. Аны кэлин, биэнсийэҕэ тахсан баран, баҕа өттүнэн дойдутугар Уус Алдаҥҥа тахсан Түүлээх нэһилиэгэр олохтоох Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.

Василий Климентьевич Байҕал диэн хос ааттаммыта мээнэҕэ буолбатах. Кэпсээҥҥэ киирбит күүстээх-уохтаах саха бухатыыра этэ. Бэл, Авксентий Егорович Мординов сөҕө-махтайа кэпсээн турардаах.

Биирдэ Москваттан иккиэн буойаһынан айаннаан, Амур уобалаһыгар Тахтамыгда ыстаан­сыйаҕа кэлбиттэр. Салгыы Алдаҥҥа массыынанан айанныахтаахтар. Оччолорго массыына да аҕыйах буоллаҕа. Арай, эс­пэдииссийэлэр таһаҕас таһар массыыналарыгар ыйан ыыппыттарын, дьонноро үөрэ-көтө көрсүбэтэхтэр. Туох эрэ чаастарынан толору хааламмыт тимир дьаа­һыгы кыайан өндөппөккө ырычаахтаһа сылдьар дьону: “Ну-ка, эрэбээтэ, мало каши ели”, – диэн туора хаһыйталаан баран, тимир дьааһыгы өрө көтөҕөн сымарытан таһааран, массыына куусабыгар олордон кэбиспит. Били дьон сөҕүү бөҕөнү сөҕөн, саллан, сыһыаннара сымнаан, Баһылай Климентьевиһи, бэл, кэбиинэҕэ олордо сатаабыттарын, бэйэтин оннугар Авксентий Егоровиһы олордубут. Итинник эмиэ интэриэһинэй дьылҕалаах, өйдөөх-санаалаах, ураты суоллаах-иистээх хаһыатчыт этэ.

Таатта Дэбдиргэтиттэн – “Кыым” хаһыат икки эрэдээктэрэ

“Кыым” эрэдээктэрдэринэн үлэлээн ааспыт дьон ортолоругар киһи бэккиһиирэ баар, Тааттаттан Дэбдиргэ нэһилиэгиттэн “Кыым” хаһыат икки эрэдээктэрэ үүнэн тахсыбыта. Биир нэһилиэктэн. Николай Семенович Яковлев “Эдэр бассабыык” ыччат хаһыатын эрэдээктэрэ, онтон “Кыым” хаһыат эрэдээктэрэ буолар. Ол үлэлии олордоҕуна баартыйа обкуомун дьаһалынан Кэбээйи оройуонугар райком сэкирэтээринэн ыыталлар. Сэрии кэминээҕи туруоруллар соруктары толоро-олохтуу, үлэлии-хамсыы сырыттаҕына, ханнык эрэ боппуруоһунан бэрэбиэркэ түмүгүнэн партийнай лиинньэнэн быыгабар биэрэллэр. Ол кэмҥэ судаарыстыбаннай соруктары, былааннары ситиһиилээхтик толорбут оройуоннар райкомнарын сэкирэтээрдэрин Аҕа дойду сэриитэ II истиэпэннээх уордьанынан наҕараадалааһын дьаһала тахсыбыта да, Н.С.Яковлев быыгабардаах буолан, наҕараадаҕа түһэриллибэтэҕэ. Итинник уордьанынан “Кыым” хаһыат отделын сэбиэдиссэйэ Семен Иннокентьевич Окоемов Бүлүүгэ райком сэкирэтээринэн үлэлии олорон наҕараадаламмыта.

Аны Николай Семенович биир дойдулааҕа, эмиэ Дэбдиргэ ыччата Иван Александрович Аргунов “Эдэр коммунист” уонна “Кыым” хаһыаттар эрэдээктэрдэринэн үлэлээбитэ. Николай Семенович Яковлев туһунан салгыы бэлиэтиир буоллахха, кэлин 60-80-с сылларга Гостелерадиоҕа эрэдээктэринэн бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Тэлэбидэнньэнэн, араадьыйанан биэриилэрин таһынан, “Кыым” хаһыакка утумнаахтык суруйара.

“Кыым” эрэдээктэринэн үлэлээбит Спиридон Ксенофонтович Дмитриев туһунан ахтан ааһар наада. Сэрии иннигэр обкуомҥа Бэчээт сиэктэригэр үлэлээбитэ. Сүрдээх суруксут, бэчээт устуоруйатын үөрэппит учуонай буолар. “Национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ бэчээт сайдыыта” диэн тиэмэҕэ бүрээттэри, тувалары, эбэҥкилэри, сахалары холобурдаан, ырытан докторскай диссертациятын суруйан бүтэрэн, көмүскүүрэ эрэ хаалбыта. Хомойуох иһин, ыалдьан өлбүтүн кэннэ, кэргэнэ суруйааччы Анастасия Саввична Сыромятникова бэлэм диссертацияны Москваҕа илдьэн МГУ Суруналыыстыкаҕа факультетыгар туттарбыта. Үлэ биир эксэмпилээрин О.Д.Якимовка тиксэрбитэ. Ол билигин симэлитиллибэтэх, баар буолуон, көстөн кэлиэн сөп. Кини кыыһа Надежда Спиридоновна Дмитриева өр сылларга, биэнсийэҕэ тахсыар диэри тэлэбиидэнньэ-араадьыйа эрэдээктэринэн үлэлээбитэ.

“Якутский университет” – Спиридон Дмитриев, Авксентий Мординов таһаарбыт хаһыаттара

Өссө биир дьээбэтэ, Спиридон Ксенофонтович Дмитриев “Якутский университет” хаһыаты тэрийэн таһаарбыт бастакы эрэдээктэринэн буолар. Ити устуоруйата маннык: 1956 сыллаахха саҥа тэриллибит университет бастакы ректора Авксентий Егорович Мординов Спиридон Ксенофонтовиһы философия кафедратыгар үлэҕэ ыҥыран ылар. Муударайын муударай өйдүүр буоллаҕа, оччолорго “Кыым” хаһыат эрэдээктэринэн үлэлии сылдьыбыт, үрдүк таһымнаах бэлэм хаһыатчыты таба туһанар көдьүүстээҕин.

Манна Авксентий Егорович өссө 30-с сылларга педтехникумҥа үөрэнэ сылдьан “Эдэр бассабыык” хаһыакка эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Бастыҥ үөрэнээччини, ыччат хаһыатын таһаарааччы актыыбынай эдэр киһини хомсомуоллар таба көрөннөр, Москваҕа үөрэххэ ыыталлар. Дьиҥинэн, эдэр Авксентий суруйааччы, прозаик буолар баҕалаах эбит. Бастакы холонон көрөр суруйууларын “Харайдаатап” диэн псевдонимынан илии баттыыр. Ону убайа улахан суруйааччы буолан, философияҕа көһөн хаалар.

Инньэ гынан, этэр курдук, хаһыатчыт хаһыатчыты өйдүүр, өйүүр, эрэнэр буолан, Спиридон Ксенофонтовичка “Якутский университет” хаһыаты таһаарарыгар сорудах биэрэр. Биллэн турар, бэйэтэ эмиэ быһаччы кыттыыны ылар. Хаһыат бастакы нүөмэригэр биир балаһалаах ыстаты­йаны суруйар. Онон Авксентий Егорович Мординов кырдьаҕас суруналыыстартан, хаһыатчыттартан биирдэстэрин быһыытынан билиниллэр. Кини өссө сыл ­аҥаара кэмҥэ “Кыым” хаһыат эппиэттиир эрэдээктэрин эбээһинэһин толорбуттаах. Этэр курдук, хара өлүөр диэри хаһыакка мэлдьи ыстатыйалара бэчээттэнэллэрэ. Бүтэһик ыстатыйатын Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сыла туолар үбүлүөйүгэр суруйбута.

Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, бырабыыталыс­тыба бэрэссэдээтэлин солбу­йааччы, идеологи­ческай үлэһиттэр быһаччы салайааччыбыт К.К.Корякиҥҥа этии киллэрбиппин өйөөн, дьыаланы хаамтаран, Авксентий Егоровичка П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэ­мийэни иҥэрэр туһунан бэрэ­сидьиэн М.Е.Николаев ыйаа­ҕа тахсыбыта. Ол күн Тааттаҕа П.А.Ойуунускай 100 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһинин кэмигэр улуус баһылыга Г.М.Артемьев ол үөрүүлээх сураҕы иһитиннэрбитигэр биир дойдулаахтара – таатталар сүһүөхтэригэр туран эрэ ытык киһилэрин эҕэрдэлээбиттэрэ. Нөҥүө сарсыардатыгар саха саарына, улуу учуонай, кырдьаҕас суруналыыс Авксентий Егорович Мординов сырдык тыына быс­таахтаабыта…

Туомтуу тардан

Суох буолбут, ытык кырдьаҕас көлүөнэ суруналыыстар тустарынан, кинилэр аҕыйах бэрэстэбиитэллэрин ааттарын ааттаан, олохторун, үлэлэлээн, айан-тутан ааспыт суолларын бэрт кылгастык ахтан аастахха итинник. Хомойуох иһин, билиҥҥи сааһырбыт суруналыыстар тыын­наах устуоруйабытыгар дьалаҕай сыһыаммыт тэбиитигэр саха бэчээтин атаҕар туруорбут бүтүн көлүөнэ хаһыатчыттар сырдык ааттара умнуллубутугар, сирэйбитин буорга анньан туран, буруйбутун билиниэх кэриҥнээхпит.

Төрөөбүт сахалыы тылларынан кыайан суруксуттаабат, саха суруналыыстыкатын устуо­руйатын, төрүт үгэстэрин интэ­риэһиргээбэт маргинал суруналыыстар тэллэй курдук үүнэн иһэллэрэ аныгы бэчээт эйгэтигэр тыыннаах ситим быстыбытын, утумнааһын умнуллубутун туоһута. Кэннэ быстыбыт, иннэ эмиэ сарбыллар, кэскилэ кэхтэр…

Күндү суруналыыстар, хаһыатчыт аймах, эһиги санааҕытыгар?

Хаартыскаҕа: Иван Борисов «Бэлэм буол» хаһыат фотосурунаалыыһын Иннокентий Канаевы кытта

Иван Ксенофонтов-Силиги,

“Саха сирэ” хаһыат

“Манчаары” сыһыарыытын эрэдээктэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0