Саха суруналыыстыкатын сарыала — «Эдэр саас» хаһыат 30 сыла!

26.11.2023
Бөлөххө киир:

Бу суруйа олороммун, түннүк нөҥүө устар былыттары көрөбүн. Ыраах үрүҥ былыкка олорсон санаам далыгар уйдарабын, элбэҕи ырыҥалаан саныыбын. Бу сиргэ букатын умнуллан хаалар туох да суох бөҕө буоллаҕа. Ол курдук, ааспыт күннэргэ «Эдэр саастан» кынаттаммыт суруналыыстар умуллубат, уостубат көмүс кэмнэрин үөрэн — көтөн ахтыбыттара күн бүгүн өссө күөдьүйэн, үрдээн, сырдаан иһиллэргэ дылы.

Сэтинньи 23 күнүгэр Бэчээт дьиэтин медиа — киинигэр «Эдэр саас» ыччат хаһыата тэриллибитэ 30 сылынан «төгүрүк остуол» ыытылынна. Бу сылларга үлэлээбит эрэдээктэрдэр, суруналыыстар кэлэн кыттыыны ыллылар. Тэрээһини «Саха сирэ» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Александр Тарасов, сүрүн эрэдээктэри солбуйааччы Анивера Акимова ыыттылар.

Хаһыаты төрүттээччи, бастакы эрэдээктэр, Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Иван Ушницкай хаһыат хайдах тэриллибитин кэпсээтэ: «Доҕорум Афанасий Мигалкины, Василий Васильевы-Харысхалы кытта хайдах таһаарабыт диэн бииргэ дьокутаат буола сылдьан сүбэлэһэрбит. Онтон Виктор Ноговицын ыччат уонна спорт миниистирэ буоларын кытта идиэйэбин эттим. Биир күн эмискэ таһааран ыһар хайдах да кыаллыбатын эттим. Онон бастаан сурутуулаах хаһыаттарга сыһыарыы быһыытынан таһаарыахха диэн этии киллэрдим. «Саха сирэ» хаһыакка сыстыбыта. Сүрүн болҕомтобутун ыччат күннээҕи кыһалҕатыгар, тугунан тыынан, үлэлээн-хамсаан олороллорун күүскэ сырдатарбыт».

Бастакы нүөмэр тахсыаҕыттан үлэлээбит суруналыыстар Валентина Бочонина, Сардаана Баснаева, Вера Макарова, Ангелина Васильева тыл эттилэр.

Улахан устуоруйаны бу билигин баар дьоннор солообуттарын көрөн сөҕөбүн эрэ.

«СГУ саха филологиятын уонна төрүт култууратын факультетыгар үөрэнэр кэммэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха сирэ» хаһыакка быраактыкабын барбытым. Салайааччым – биллиилээх суруналыыс Борис Павлов этэ. Суруналыыс буо­луон баҕа­лаах кыргыттар – Света Пахомова, Света Халгаева, Света Гоголева, Люда Егорова уонна мин – Борис идиэйэтинэн «Саха сирэ» хаһыат иһинэн ыччакка аналлаах икки балаһа (разворот) таһаарар буолбуппут. Ону улахан хаһыат бастакы эрэдээктэрэ Василий Васильевич Кириллин тута өйөөбүтэ. Ыччакка ананарын быһыытынан, «Эдэр саас» диэн ааттанара ордук диэн быһаарбыппыт. Онтон ити балаһабытыттан силис тардан, 1993 сыл сэтинньи 18 күнүгэр «Саха сирэ» хаһыат ыччакка аналлаах туспа сыһыарыыта күн сирин көрбүтэ. Биһигини, оччолорго университеты бүтэрээри сылдьар устудьуон оҕолору, «Эдэр саас» бастакы эрэдээктэрэ Уйбаан Уһунуускай, суруналыыстар Сардаана Баснаева, Валентина Бочонина үөрэ көрсүбүттэрэ. Хаһыат бастакы нүөмэриттэн саҕалаан, тигинэччи үлэлэһэн киирэн барбыппыт», — диэн кэпсээтэ биллиилээх суруналыыс Вера Макарова — Бэрээдэк Биэрэ.

«Эдэр саас» хаһыат тэриллиэҕиттэн араас тэрээһиннэри, дьону хамсатар, түмэр шоулары ыытарынан аатырбыт. Аан бастаан «Эдэр саас» күннэрэ Уус Алдаҥҥа, аатырар-сураҕырар Мүрү алааһыгар 1994 сыл бэс ыйыгар буолбуттар. 1995 сыллаахха аан бастаан хаһыат түөрт улууһу сөмөлүөтүнэн, теплоходунан кэрийэ сылдьан уоттаах-күөстээх күннэри ыыппыт, саха эстрадатын сулустарын биир сыанаҕа мунньан шоулары тэрийбит. Бу Саха сиригэр хаһан да буола илик сонун көстүү эбит.

1995 сыллаахха “Эдэр саас” хаһыат 52 тыһыынчаттан тахса тиражтана сылдьыбыт. Бу сахалыы тыллаах хаһыакка билигин да куоһарылла илик рекорд буолар. 1996 сыллаахха Ыччат сылыгар уонна аныгы олимпийскай оонньуулар 100 сылларыгар анаан Дьокуускайга Кыайыы 50 сылын аатынан успуорт дыбарыаһыгар «Эдэр саас» хаһыат 100-с нүөмэрэ тахсыытыгар аналлаах «Сүүс-шоу» ыытыллыбыт.

Хаһыакка араас сылларга үлэлээбит эрэдээктэрдэр Альберт Соров, Данил Макеев үлэлээбит кэмнэрин истиҥник аҕыннылар. Суруналыыс Екатерина Бястинова «Эдэр саас» хаһыат элбэх ыччат сүрэхтэрин холбообута, оччотоҕу саха ыччатын тус олоҕор улахан суолталаах диэн бэлиэтээтэ.

2000-с сыллар саҕана хаһыат «Музыка эйгэтигэр», «Омук сирэ — саха хараҕынан», «Тус санаа», «Ыччат уонна итэҕэл», «Ыччат уонна экология», «Куорсун», «Эн саастыылааҕыҥ», «Айылҕаттан айдарыылаахтар», «Ыччат уонна бырамыысыланнас», «Поп-кулууп» о.д.а. саҥа рубрикалара дьон сэҥээриитин ылбыттар. 2003 сыл муус устар 2 күнүгэр эрэдээксийэ «Дьикти саас – «Эдэр саас» диэн ааттаах Далан үөрэнээччилэрин кытары көлүөнэлэр көрсүһүүлэрин тэрийбит. 2004 сылга хаһыат иһигэр балаһалары бүк тутан, кыракый кинигэ таһаарар буолбуттар.

«Эдэр саас» — туспа дойду», — диэн Прокопий Бубякин бэлиэтээбитэ олус да сөп. Кини «Эдэр саас» хаһыакка 2007-2014 сс. эрэдээктэрдээбит. «Бу тэрээһиммит сүрүннээн ыччакка аналлаах. Үлэни кинилэр тутан хаалыахтара, салгыахтара, сайыннарыахтара», — диэн эттэ.

2008 сыллаахха ыччат оту кэбиһиигэ «От-шоу» күрэхтэһиитэ аан бастаан тэриллэн, Амма улууһугар ыытыллыбыт. Кэлин иккитэ Хаҥалас, Бүлүү, Горнай, Уус Алдан, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Амма улуустарыгар ыытыллыбыт.

2009 сыллаахха “Саха ыччатын – бырамыысыланнаска” бырайыак тэриллибит. 19 төгүл үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта. 10-11 кылаас үөрэнээччилэрэ Ленскэй, Мииринэй, Нерюнгри, Алдан, Дьокуускай, Мэҥэ Хаҥалас промышленнай эбийиэктэринэн эспэдииссийэлэргэ айаннаабыттара. “СЫП” бырайыак иһинэн 10 сыл устата 400-чэ оҕо кыттыбыт. Онтон үгүстэрэ тиэхиньиичэскэй үөрэх кыһаларын бүтэрэн, Саха сиригэр бырамыысыланнас сайдыытыгар үлэлии сылдьаллар. 2012 сыл ахсынньытыгар “Саха ыччатын — бырамыысыланнаска” бырайыакка кыттыбыт оҕолор пуорумнара Москваҕа уонна Санкт-Петербурга ыытыллыбыт.

2016 сыллаахха сэтинньигэ бастакынан сахалыы сонуну суруйар Edersaas.ru саайт төрүттэммит.

Ырыаһыттар Николай Андросов, Егор Толбонов ылбаҕай ырыаларынан киэһэни киэргэттилэр. Клим Федоров Москваттан эҕэрдэтин ыыппытын ыалдьыттар сэргии көрдүлэр.

Араас сылларга үлэлээбит эрэдээктэрдэр.

Кэнникитэ суох бүгүн инникитэ эмиэ быстар дииллэринии, устуоруйаны билэр хайаан да наада диэн өссө биирдэ тоһоҕолоон этиэххэ. «Эдэр саас» хаһыат бу 30 сыл устата унаара-мэнээрэ биллибэт киэҥ хонууну, бардар бараммат түҥ тайҕаны уҥуордаан, күүстээх сүүрүктээх үрэхтэри, түллэр долгуннаах өрүстэри туораабыт кэриэтэ. Олору уҥуордууругар бэйэтин иннигэр аҕыйаҕа суох кирбиилэри көрсүбүт.

Бу сыл муус устарыттан «Эдэр саас» сөргүтүллэн үлэлиир. Ыйга биирдэ тахсар сыһыарыыны ХИФУ устудьуона Эльдар Садовников уонна эдэр суруналыыс Айтана Аммосова сүрүннүүллэр. Бу сэттэ ый устата «Эдэр саас» ыччаты бэрт сэргэхтик бэйэтин тула хомуйан, суруйууга көҕүлээн эрэр. Ону таһынан, балачча элбэх ыччаттар хаһыат, саайт сирэйдэригэр сырдатылыннылар.

Хаһыаппыт 30 сааһын эдэр уонна аҕам саастаах суруналыыстар тэҥҥэ бэлиэтээбиппит — уһуур кэм, «киэһэ» огдолуйбат бэлиэтэ буолар. Ситимнээх, өйөбүллээх, настаабынньыктаах ыччат өйө өһүллүбэт, билиитэ бэттибэт буолар.

Ыччат —  омук кэскилэ,  сайдыы барҕаран турарын мэктиэтэ. Ол курдук, салгыы иккис тэрээһин ыытыллыбыта.  «Эдэр саас» хаһыат туһунан, ону таһынан, тыйаатыр, саха тиэрминнэрин тула интэриэһи, сэҥээриини үөскэппит квиз — оонньууга ХИФУ саха литэрэтиирэтин хаапыдыратын устудьуоннара үс хамаандаҕа арахсаннар кыттыыны ыллылар.

Иккис хамаанда (Аина Егорова, Айна Осипова, Наталья Семенова) кыайыылаах аатын сүктүлэр. Мантан сиэттэрэн эттэххэ, сахалыы суруйар ыччаттар син биир бааллар. Сахалыы суруналыыстыка инникилээх, сайдар саргылаах буолуоҕа диэн итэҕэйэбин. Сүрэхпэр эрэл төлөнө кытыастар. Биһиги көлүөнэ билбэппитинэн даҕаны туруулаһыы кэмигэр айа — тута, үүнэ — сайда сылдьар эбиппит. Билиҥҥи уустук, күчүмэҕэй кэмҥэ «Эдэр саас» ыйга биирдэ даҕаны тахсара — үрдүк үөрүү, ыччакка тыгар уот кэриэтэ дии саныыбын.

Ханнык баҕарар тэрилтэ, биһиги түгэммитигэр, хаһыат, туруктаах буолар төрдүн, уйгутун бигэ тирэҕэ, туохха да тэҥнэммэт баа­йа-дуола — кини бэйэтин тула түмэр ыччатын кыаҕар, санаатын күүһүгэр, үтүөҕэ тардыһар өркөн өйүгэр олоҕурар.

Күүстээх, көдьүүстээх тыл кэмигэр, сөпкө, ис сүрэхтэн этиллиэн, суруллуон наада дииллэр. Оннук тыл кулгаахха иһиллибэт, сүрэххэ иҥмэт буолуон сатаммат. Саха суруналыыстыката саҥа олоҕо саргыланыан, кэлэр олоҕо кэнчээрилэниэн бары баҕарабыт буоллаҕа дии. Бу мантан инньэ саха суруналыыстыкатын саҥалыы сайдар кэмин түөрэҕэ түстэҕэ буолуохтун!

Денис Попов хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
11
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0