Быйыл сэтинньигэ Өймөкөөн улууһуттан төрүттээх саха аатырбыт суруйааччыта, литературнай кириитигэ, Николай Заболоцкай-Чысхаан төрөөбүтэ 110 үбүлүөйдээх сыла бэлиэтэнэр.
edersaas.ru
Төрөөбүт дойдутугар Ньукулай Чысхаан аата Томтордооҕу орто оскуолаҕа уонна бу нэһилиэк кыраайы үөрэтэр мусуойугар иҥэриллибитэ. Түмэл быйыл төрүттэммитэ 25 сылын бэлиэтиир. Суолталаах үбүлүөйдээх тэрээһини өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах оҥорор инниттэн улуустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева култуура миниистирин солбуйааччы Марина Силинаны кытта көрсөн, тэрээһин боппуруостарын дьүүллэстэ.
Ньукулай Чысхаан саха литературатын төрүттээбит Былатыан Ойуунускай үөлээннээҕэ. Иккиэн Тыл институгар бииргэ үлэлээбиттэрэ. Саха биллиилээх суруйааччыта, литературнай кириитик Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан 110 сылыгар анаан биһиги Ньукулай Чысхаан айымньыларынан айар куттаах дьон киинэ оҥорууларын, оҕолор өйтөн суруйууларын, народнай тыйаатырдар испэктээхтэрин көрүү курдук тэрээһиннэри ыытарга толкуйдуубут. Бу туһунан кэлэр нэдиэлэттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах айар тэрилтэлэр салайааччыларын кытта сүбэлэһиэхпит. Биллэн турар, Тыл гуманитарнай институтун исписэлиистэрин кытта Ньукулай Чысхаан айар олоҕор анаммыт научнай-практическай кэмпириэнсийэни ыытыахпыт. Ахсынньыга буолуохтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиҥҥэ Тымныы полюһун Өймөкөөн айар кэлэктииптэрэ кыттыыны кэлэн ылыахтара, — диэн кэпсиир Аксинья Сивцева.
Онон Өймөкөөн улууһугар быйылгы тэрээһин барыта саха аатырбыт суруйааччыта Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан 110 сылыгар туһаайыллыаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.