Семен Новгородов — Петербурга-Петроградка-Ленинградка хайдах үөрэммитин туһунан
Семён Андреевич Новгородов 1892 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр Боотуруускай улуус 2-с Хатылы нэһилиэгэр (билигин Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэ) төрөөбүтэ. Оҕо сылдьан Чурапчыга бэлитиическэй сыылынай И.Т. Цыценко чааһынай оскуолатыгар үөрэммитэ.
Семен олус үчүгэйдик үөрэнэн, 1905 сыллаахха Дьокуускайга реальнай училищеҕа киирбитэ. Чааһынай оскуолаҕа да, онтон реальнай училищеҕа даҕаны Новгородов элбэҕи ааҕара; саха фольклорун хомуйан саҕалаабыта. С.А. Новгородов сахалыы тылынан тахсар “Саха саҥата” (1912-1913 сс.) литэрэтиирэ уонна бэлиитикэ бастакы сурунаалын тэрийсиигэ кыттыбыта, онно бэйэтин үлэлэрин таһаарбыта. Реальнай училищены бүтэрэн баран Еловскай алын оскуолатыгар уонна Бүлүү куорат түөрт кылаастаах училищетыгар учууталлаабыта. Ол эрээри, кэнэҕэски учуонай тюркологияҕа үөрэҕин, илиҥҥи тыллары үөрэтэр киининэн биллэр Петербурга салҕыыр санаата үүйэ-хаайа туппута. 1913 сыл атырдьах ыйыгар С.А. Новгородов норуодунай училищелар иниспиэктэрдэрин ыйааҕыгар олоҕуран “үөрэҕин салгыырынан Саха уобалаһыттан көһөр буолан учуутал эбээһинэһиттэн уурайар”. Алтынньы 25 күнүгэр Санкт-Петербурдааҕы императорскай университет илиҥҥи тылларын факультетын арабтыы-перстии-туроктыы-татардыы салаатыгар киирэр. 1913 сыл ахсынньытыгар национальнай меньшинстволар оҕолорун төрөөбүт тылларынан үөрэтии уонна сахалыы тылынан үөрэх кинигэтэ ирдэнэрин туһунан дакылаатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот учууталларын сийиэһигэр кыттар.
Эһиилигэр Санкт-Петербурдааҕы университет илиҥҥи факультетын монголлуу-манчжурдуу-туроктыы (татардыы) салаатыгар көһөр. Манна икки салаа баара – монголлуу-манчжурдуу уонна монголлуу-татардыы. С.А. Новгородов бастатан туран, тюркологияны интэриэһиргиирин быһыытынан, бука, монголлуу-татардыы салааҕа үөрэннэҕэ буолуо.
“Илиҥҥи тыллар факультеттарын билимҥэ үөрэтии көрүүтүгэр” олоҕурдахха 1914-1915 үөрэх дьылыгар тустаах салааҕа устудьуоннар монголлуу (сурук) тылы үөрэтэллэрэ (дьарыгы приват-дассыан А.Д. Руднев ыытара), ону таһынан, туроктыы-татардыы тылы приват-дассыан, кэлин бэрэпиэссэр уонна ССРС Билимин академияларын академига А.Н. Самойлович (1880-1938) эбэтэр калмыктыы уонна манчжурдуу тыллары (приват-дассыан В.Л. Котвич) талан үөрэтэллэрэ. С.А. Новгородов тюрколог быһыытынан бу кэмҥэ уонна кэлиҥҥи үөрэнэр сылларыгар туроктыы-татардыы тыллар кууруһун баһылаабыта саарбахтаммат.
Орто уонна Илин Азияны үөрэтэр нуучча кэмитиэтин сорудаҕынан С.А. Новгородов 1914 сыллаахха Таатта улууһугар сэһэннэри, номохтору хомуйталыыр. 1915 сылга сайыҥҥы сынньалаҥын Уфатааҕы губерния татар тылыгар быраактыкаланан уонна Волга татардарын фольклорун хомуйан атаарар.
1915-1916 сылларга илиҥҥи тыллар факультеттарыгар монголлуу-манчжурдуу-туроктыы разрядка 2-с кууруска үөрэҕин салҕыыр.
С.А. Новгородов тюркологияҕа интэриэһинэн сабаҕалаатахха, ону тэҥэ, автобиографиятыгар ыйан ааһарынан (“Я продолжал заниматься по всем турецким наречиям”) монгол-татаар салаатын бырагырааматыгар салгыы дьарыктаммыт диэн саарбахтааһына суох этиэххэ сөп. Ити сыл тустаах салааҕа “туроктыы-мусульманныы сурук тыллара” (османскай уонна чагатайскай), иккиттэн итэҕэһэ суох түүр икки тыла, итиэннэ “Монголлуу-манчжурдуу сыһыат уопсай көстүүтэ” диэн куурустары ааҕаллара. Ону таһынан, А.Н. Самойлович монголлуу-манчжурдуу-туроктыы разрядка “Классификация турецких племён и наречий” (Арассыыйа үгүс универистеттарыгар ааҕыллар билиҥҥи «Введение в тюркскую филологию» кууруһун бастааҥҥыта) кууруһу ааҕара. Ону тэҥэ, бу салаа истээччилэрэ монгол, манчжур литэрэтиирэлэрин устуоруйатыгар уонна Уһук Илин устуоруйатыгар үс анал куурустан иккитин талан истэллэрэ.
С.А. Новгородов 1916 сыл бүтүүтэ аҕата ыарытыйан, үөрэҕин тохтотор уонна 1916-1917 сыл кыһынын Дьокуускайга олорор, үрдүкү алын училищеҕа учууталлыыр. 1917 сыллаахха “Саха бааһынайдарын бастакы көҥүл сийиэһигэр” оскуолаҕа үөрэтэргэ сахалыы букубаар тахсара ирдэнэрин туһунан дакылааты оҥорор уонна латыынныы алпаабыкка олоҕуран сахалыы саҥа алпаабыты оҥорбутун аан бастаан билиһиннэрэр.
1917 сыл күһүнүгэр үөрэҕин салҕаан, 1917-1918 үөрэх дьылыгар маннык сүрүн куурустары истэр: монгол тыла (бэрэпиэссэр А.Д. Руднев, приват-дассыан Б.Я. Владимирцов уонна лектор Б.Б. Барадийн); “История Востока” уопсай куурус иитинэн «История монголов и монгольских улусов от Чингисхана до падения Юанской династии в Китае» диэн бэрэпиэссэр Н.И. Веселовскай уонна талан ылан: «История монголов после падения Юанской династии» уонна «Завоевание китайцами Восточного Туркестана»; «Манчжурские документы» (дассыан А.Е. Любимов); «Манчжурский язык» (дассыан В.Л. Котвич); «Турецко-татарский язык» (А.Н. Самойлович).
1919 сыл балаҕан ыйын 13 күнүгэр илиҥҥи тыллар факультеттарын урукку Императорскай университет историческай-филологическай уонна юридическай факультеттарын кытта холбоон, биир уопсастыбаннай наукалар факультеттара диэни тэрийэллэр. Бу факультекка иран-араб-турок култуураларын тылларын уонна Уһук Илиҥҥи култууралар тылларын этнологическай-лингвистическай салаата баара. Бастакы сиэксийэҕэ османскай и чагатайскай тыллар, ону тэҥэ, “Введение в изучение турецких языков и народов” куурустары А.Н. Самойлович үөрэппитэ. Иккис сиэксийэҕэ “Монгольский письменный язык (халхаское наречие)”, “Ойратская диалектология”, ону таһынан, «Монгольский буддизм» уонна «Монгольский эпос» анал куурустары (бэрэпиэссэр Б.Я. Владимирцов ыытара) үөрэппиттэрэ. Бэрэпиэссэр В.Л. Котвич «Введение в манчжурскую филологию», «Манчжуро-монголо-китайские эпиграфические памятники», «Заимствования в манчжурском литературном языке» уонна «Обзор тунгусских наречий» куурустары ааҕара. 1923 сыллаахха С.А. Новгородов 1919 сыл алтынньытыгар Петроградтааҕы судаарыстыбаннай университекка саҥа тэриллибит чопчу бу салааны бүтэрбитэ.
1923 сыл сайыныгар, монголлуу тылларын тупсараары, Б.Я. Владимирцов, В.Л. Котвич, биллиилээх географ уонна зоолог Григорий Ефимович Грум-Гржимайло, ону тэҥэ, преподаватель Н.Н. Поппе уонна лектор Б.Г. Очиров үлэлиир Илиҥҥи тыллар Петроградтааҕы институттарын монголуу салаатыгар киирэр. С.А. Новгородов 1923 сыл күһүнүгэр Петроградскай университет иһинэн А.Н. Веселовскай аатынан Арҕааҥҥы уонна илиҥҥи тыллар уонна литэрэтиирэлэр устуоруйаларын тэҥнээн көрөр билим-чинчийэр институтугар (1921-1929 сылларга баар буола сылдьыбыт) научнай үлэһит дуоһунаһыгар үлэҕэ киирэр. Учуонай өлүөн аҕыйах хонук иннинэ Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай университекка билим-педагогика үлэтигэр ыҥырбыттарын ылынар. Сибиир ыраах муннугар, Арассыыйа империятын киин куораттарыттан тэйиччи төрөөбүт С.А. Новгородов чахчы ураты кыахтааҕа. Санкт-Петербург (Петроград) университетыгар үөрэнэ сылдьан лингвистика билимигэр уларыыйылар киирэллэрин үрдүттэн билэ сылдьара. Саха тылын суругун оҥороругар кини Арҕааҥҥы Европа учуонайдарын үлэлэригэр тирэҕэрбитэ уонна норуоттар икки ардыларынааҕы фонетика ассоциациятын үлэтин түмүгүн туһаммыта, Норуоттар икки ардыларынааҕы фонетика алпаабытынан ааттанар, ассоциация транскрипцияны суруйарга туһанар бэлиэлэрин систиэмэтигэр тирэҕирбитэ.
1923 сыл бүтүүтэ С.А. Новгородов алпаабытын барыйаанынан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кыым” хаһыат тахсар буолбута. 1930 сылга диэри сахалыы сурук Яналифка көһөрүллэригэр Новгородов алпаабытынан 30 үөрэх кинигэтин ааҕан туран 200 кинигэ бэчээттэммит этэ. С.А. Новгородов саҥа алпаабыта саха култууратын сайдыытыгар улахан үтэйэр күүһүнэн буолбута.
А.И. ПЫЛЕВ (Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай университет Илиҥҥи тылларын факультета).