«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл онлайн ыытыллар буолла

Бөлөххө киир:

Сылын аайы ыытыллар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл быйыл сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Аан дойдуга биллэр бэстибээл быйыл онлайн киэбинэн буолуоҕа. Бу туһунан СӨ урбааҥҥа миниистирэ Ирина Высоких иһитиннэрдэ.

«Коронавирус дьаҥа туран, биһиги бэстибээли куйаар ситиминэн ыытарга быһаардыбыт. Бу бэстибээл бүтүн дойдуга Саҥа дьыллааҕы хамсааһыны саҕалыыр тэрээһин буолар. Биһиги ыалдьыттарбытын уонна кыттааччыларбытын бырааһынньык иннинээҕи эйгэҕэ киллэриэхпит, хотугу полушарие саамай тымныы эрэгийиэнэ кыһыны хайдах көрсөрүн көрдөрүөхпүт. Маныаха билигин тэрээһин үлэтэ бара турар.

Кэлэр сылга бу бэстибээл тэриллибитэ уон сылын бэлиэтиэхпит. Сыллата бэстибээл кэҥиир, улаатар, элбэх киһи кыттар. Оттон быйыл онлайн ыытар буоламмыт, аан дойдуттан барытыттан ким баҕалаах социальнай ситиминэн холбоһон, бэстибээлбитигэр ыалдьыттыыр кыахтанна», — диэн Ирина Высоких этэр.

edersaas.ru

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0