Саха сириттэн 42 киһи «Арассыыйа лиидэрдэрэ» куонкурус эрэгийиэннээҕи полуфиналыгар ааста

14.01.2020
Бөлөххө киир:

Саха сириттэн 42 киһи «Арассыыйа лиидэрдэрэ» куонкурус эрэгийиэннээҕи полуфиналыгар ааста диэн «Интерфакс-ДВ» иһитиннэрэр. Түһүмэх кыайыылаахтарын ааттара Владивостокка тохсунньу 15-16 күннэригэр биллиэҕэ. 

«Уһук Илин федеральнай уокуруктан уопсайа 9 644 сайаапка киирбитэ. Полуфиналга бастыҥ көрдөрүүлээх 330 кыттааччы ыҥырылынна: Хабаровскай кыраайтан — 71 киһи, Приморскай кыраайтан — 76 киһи, Амур уобалаһыттан — 30 киһи, Бурятияттан — 39 киһи, Еврейскэй АУо — 2 киһи, Саха сириттэн — 42 киһи, Камчаткаттан — 14 киһи, Сахалин уобалаһыттан — 24 киһи, Магадан уобалаһыттан — 9 киһи, Забайкальеттан — 23 киһи», — диэн «Россия — страна возможностей» АНО пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Куонкуруска уопсайа 11 полуфинал ыытыллыаҕа, онтон аҕыһа — эрэгийиэннээҕи, үһэ —специализациялар полуфиналлара.

«Полуфиналга ыҥырыллыбыт 3 399 кыттааччыттан 300-һэ суперфиналга тахсыахтара. Кинилэр 1 мөл. суумалаах граннары ылыахтара. Кыайыылаахтарынан 100 киһини талыахтара, кинилэри кытта дойду салайааччылара үлэлэһиэхтэрэр», — диэн иһитиннэриигэ суруллубут.

Куонкруус ыытыллыаҕыттан 150 кыттааччы үрдүк дуоһунаска анаммыттарын туһунан бэлиэтээбиттэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0