Саха сиринээҕи студеннар тутар этэрээттэрэ тэриллибитэ 50 сылыгар. Эдэр саас умнуллубат кэрчик кэмэ
Мин 1971 сыллаахха оччотооҕу Саха государственнай университетын физико-математическай факультетын физика салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Ити сылларга дойду, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн студеннар тутар этэрээттэрин хамсааһынын үгэнэ этэ. Факультекка үрдүкү куурустарга “Тайга” уонна “Маарыкчаан” диэн этэрээттэр бааллара.
Василий Каратаев, https://edersaas.ru
Онон бастакы куурус студеннарыттан өссө биир этэрээт тэрийэр сорук турбута, эппиэттээҕинэн миигин анаабыттара. Этэрээккэ киирэр оҕолору сүүмэрдээһин түмүгэр 50 байыастаах “Софим-72” диэн этэрээт тэриллибитэ. “Софим” диэн нууччалыы “Строительный Отряд Физиков и Математиков” диэн тыллартан үөскээбит аат. Факультекка бастакы “Софим” этэрээт 1968 сыллаахха тэриллэн үлэлии сылдьыбыта. Онон биһиги кинини салҕааччы иккис көлүөнэ этэрээт этибит. Этэрээккэ хамандыырынан эмиэ миигин анаабыттара. Кэлин санаатахха, биир-икки сыл этэрээккэ үлэлээн уопутурбут үрдүкү куурус студена анаммыта ордук буолуо этэ. Бука, мин оскуола кэнниттэн производствоҕа уһуннук үлэлээн, хойутаан үөрэнэ киирэн, бииргэ үөрэнэр оҕолорбуттан уонча сыл аҕа саастааҕым төрүөт буолбута быһыылааҕа. Хата, уобаластааҕы уонна университет штабтара үөрэх тэрийэн, өссө Хабаровскайга семинарга ыытан, арыый бэлэмнээх курдук буолбутум. Миэхэ аармыйаҕа сулууспалаан кэлбит, улахан тэрийэр дьоҕурдаах, лоп-бааччы тыллаах-өстөөх, студеннар бас-көс туттар уоллара Чехордун Петя комиссарынан талыллан күүс-көмө, тирэх буолбута.
Ити сыл сайыныгар этэрээт Үөһээ Бүлүүгэ “Дүллүкү” сопхуоска үлэлии тиийбитэ. С.А. Филиппов дириэктэрдээх сопхуос салалтата биһигини үөрэ-көтө көрсүбүтэ, үлэлиир, олорор, аһыыр усулуобуйабытын төһө кыалларынан тэрийбитэ. Улахан үлэбит — сопхуос саҥа хонтуора дьиэтин тутуу этэ. Дьиэ остуолба атах (свая) үрдүгэр тутуллуохтааҕа. Остуолбалары паарынан үрдэрэн хаһыллыбыт дьаамаларга түһэрии балачча сэрэхтээх да, кутталлаах да үлэ этэ. Өссө Дүллүкүгэ ыскылааты, чугас баар алааска ынах сүөһү сайыҥҥы титиигин туппуппут, кэлин Тамалакааҥҥа, Ороһуга баран ыскылааттар тутууларыгар үлэлээбиппит.
Студеҥҥа хаһан баҕарар харчы наадалаах эрээри, тутар этэрээттэр аҥардас харчы эрэ эккирэтиитигэр үлэлээбэтэхтэрэ. Ол курдук, биһиги этэрээппит сүрүн үлэтин таһынан оччолорго нэһилиэккэ, сопхуоска ыытыллар үгүс субуотунньуктарга – оттооһуҥҥа, хортуоппуй хостооһунугар, сүөһү эбии аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыбыта. Итини тэҥэ, бөһүөлэккэ сынньатар, иитэр хайысхалаах сайыҥҥы оҕо лааҕырын үлэлэппитэ, оттуур звеноларга, сайылык фермаларга агит-биригээдэнэн сылдьан элбэх бэсиэдэлэри оҥорбуппут, кэнсиэртэри көрдөрбүппүт.
Түмүгэр, тутар этэрээт бастакы сайына ыччаттарга туһалаахтык, кэрэхсэбиллээхтик, үгүс умнуллубат түгэннэрдээх ааспыта дии саныыбын. Этэрээт үс сыл субуруччу үлэлээбитэ. Биһиги кэннибититтэн “Софим” диэн ааттаах этэрээт тэриллибэтэҕэ: сотору кэминэн факультеппыт икки тус-туһунан хайысхаҕа араарыллыбыта.
Оскуоланы саҥардыы бүтэрбит эдэр дьоҥҥо тутар этэрээккэ үлэлээһин төһө да романтика курдугун иһин, олох бастакы оскуолата буолбута, “бары биир киһи туһугар, хас биирдиибит барыбыт туһугар” диэн принцибинэн олорон, түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах, өр сылларга доҕордуу буолууга бастакы олугу уурбута саарбаҕа суох. Ол туоһутунан этэрээт бары байыастара ааспыт түөрт уонтан тахса сыл устата бэйэ-бэйэлэрин сүтэрсибэтэхтэрэ, былырыыҥҥыттан “батсаапка” бөлөх тэриммиттэрэ буолар.
“Софим-72” этэрээппит тэриллэн үлэлээбитэ быйыл 45 сылын туолар. Этэрээт урукку байыастара билигин аҕамсыйбыт биэнсийэлээхтэр кэккэлэригэр киирдибит, хомойуох иһин, сорохторбут олохтон туораатылар.
«Софим» студеннар тутар этэрээттэрэ Үөһээ Бүлүүгэ.
Аны сайын 45 сылбытын бэлиэтиир көрсүһүү оҥороору тэрээһин үлэтин саҕалаатыбыт. Көрсүһүүбүт “Саха сиринээҕи студеннар тутар этэрээттэрин 50 сылын көрсө” диэн девизтээх барыаҕа. Онно анаан этэрээт олоҕун, ол сыллардааҕы үөрэх, үлэ умнуллубат түгэннэрин туһунан ахтыы кинигэ таһаарар баҕа санаалаахпыт. Ол иһин хас биирдии байыастан ахтыы сурук, хаартыска хомуйа сылдьабыт. Өскөтүн, үбүлээһинэ кыаллан, ахтыы кинигэ тахсара буоллар, биһиэхэ үйэлээх өйдөбүнньүк, үөрэммит факультеттарбытыгар, университеппытыгар этэрээттэр үбүлүөйдэригэр дьоһун бэлэх буолуо этэ. Биир эмэ тэрилтэ дуу, биир эмэ үтүө санаалаах киһи дуу көмөлөһөн кинигэ таһаартардар, махталлаах дьыала буолуо этэ. Ахтыы кинигэ тахсара баҕа санаа эрэ буолбатар ханнык.
Студеннар тутар этэрээттэригэр оччотооҕу дойдуну салайан олорор хомуньуус баартыйа уонна былаас уорганнара улахан болҕомтолорун уураллара. Холобур, мин үлэ көрдүү Горнай оройуонугар тахса сырыттахпына, райком бастакы сэкирэтээрэ Данилов Э.Ф., райисполком бэрэссэдээтэлэ Жиркова Д.Н. анаан-минээн приемнаабыттара. Оттон Үөһээ Бүлүүгэ дуогабар түһэрсэ сылдьан оччолорго райком сэкирэтээрэ, кэлин Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ буолбут Николаев М.Е. приёмугар сылдьыбытым.
1972 сыллааҕы үлэ түмүгүнэн бастыҥ байыас, университет тыа хаһаайыстыбатын факультетын студена Богимов Федя үлэ мэтээлинэн, оттон историко-филологическай факультет этэрээтин хамандыыра кыыс “Бочуот Знага” уордьанынан наҕараадаламмыттара. Кэлин уобаластааҕы этэрээт комиссара, университет преподавателэ И.С. Сивцев “Норуоттар доҕордоһууларын” уордьанынан бэлиэтэммитэ. Бу биир өттүнэн, Саха сирин тутар этэрээттэрин үрдүк ситиһиилэрин бүтүн Сойуус таһымыгар билинии уонна сыанабыл бэлиэтэ буоллаҕа. Аны күһүн студеннар тутар этэрээттэрин Бүтүн Россиятааҕы слёттарын Дьокуускайга ыытар буолбуттарыттан киһи үөрэр уонна киэн туттар.
1968 сылтан саҕалаан өрөспүүбүлүкэ анал орто уонна үрдүк үөрэхтэрин кыһаларын уонунан тыһыынча студеннара тутар этэрээккэ байыас буолан бустахтара-хаттахтара, өй-санаа, күүс-уох өттүнэн сайыннахтара, үүннэхтэрэ, өрөспүүбүлүкэлэрин инники сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрдэхтэрэ, ыччаты иитиигэ холобур буоллахтара. Итиннэ улахан суолта биэрэн, өрөспүүбүлүкэ тэлэбиидэнньэтэ, араадьыйата, хаһыаттара “Саха сиринээҕи студеннар тутар этэрээттэрин 50 сылын көрсө” диэн рубрика аһан араас ис хоһоонноох биэриилэри, суруйуулары тиһигин быспакка оҥороллоро буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Иккиһинэн. Бары анал орто, үрдүк үөрэх кыһаларыгар студеннар тутар этэрээттэрэ тэриллэн ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ, ордук тыа сирин сайдыытыгар кырата суох көмөнү оҥорбуттара. Хас биирдии үөрэх кыһатыгар этэрээттэрин историятын көрдөрөр информационнай стендэлэри оҥоруохха, оттон федеральный университекка өрөспүүбүлүкэтээҕи мусуойу аһыахха сөп этэ. Хас биирдии этэрээт бэйэтэ символикалаах-былаахтаах, эмблемалаах, гимн-өрөгөй ырыалаах буолара, сайыҥҥы үлэ түмүгүнэн отчуот-альбом оҥорон туттарар үгэстээҕэ. Баар матырыйааллары мустахха, онно эбии хомуйдахха, мусуойу арыйыы кыаллыан сөп дии саныыбын. Салгыы экспонат эбиллэн иһиэ буоллаҕа.
Үсүһүнэн. Үөрэх кыһаларын тэлгэһэлэригэр былаһаакка дуу, сквер дуу оҥоруохха. Онно стела туруоран, этэрээттэр кылгас историяларын, холобур, сылларынан хас этэрээт тэриллибитэ, онно хас студент үлэлээбитэ, төһө суумалаах үлэни оҥорбуттара, кимнээх судаарыстыбаннай наҕараадалары ылбыттара суруллуон сөп. Манна үлэлии барар студеннары мунньан үөрэхтэрин кыһатын чиэһин үрдүктүк туталларыгар, ситиһиилээхтик үлэлииллэригэр, этэҥҥэ сылдьалларыгар алҕаан үөрүүлээх быһыыга-майгыга атаарар үгэһи олохтуохха, күһүнүн көрсүһүүнү тэрийиэххэ сөп.
Бу барыта ыччат аҕа көлүөнэ олорон ааспыт историятын сиһилии билэригэр, кини холобуругар патриотическай тыыҥҥа иитиллэригэр ураты суолталаах буолуо этэ.
Түмүкпэр, аныгы олох билиҥҥи сайдыытын тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн саҥалыы ис хоһооннонон, саҥалыы тыыннанан студеннар тутар этэрээттэрин хамсааһына салҕана турарыгар баҕарабын.
Мин бу кылгас ахтыыбын уонна санааларбын урукку көлүөнэ байыастар ааҕан, олохторун умнуллубат биир кэрчик түгэнин ахтан-санаан ааһыахтара, өйөөччүлэр ахтыыларын “Саха сирэ” хаһыакка суруйуохтара, санааларын үллэстиэхтэрэ диэн эрэллээх суруйдум.
Василий Каратаев, “Софим-72” СТЭ хамандыыра.
Дьокуускай.