Саха сиринээҕи IV норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивала
Көрөөччүлээх киинэ инникилээх
Биэс күнү быһа киинэни таптааччыларга дьиҥнээх бырааһынньык буолла! Ол курдук, атырдьах ыйын 17-21 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ киинэни сэргээччилэрэ киинэ тыйаатырдарыгар барыларыгар кэриэтэ итиэннэ Саха тыйаатырын улахан, аччыгый саалаларыгар Россия, омук дойдуларын бастыҥ киинэлэрин күҥҥэ хастыыны да көрөрө букатын көҥүл-босхо буолла. Улахан болҕомтону, интэриэһи саха киинэтэ тарта. Саамай үчүгэйэ баар – хас киинэ кэнниттэн, уус-уран буоллун, документальнай буоллун, режиссердары, сценаристары, продюсердары кытта атах тэпсэн олорон, дьүүллэһии буолла. Холобур, фестиваль чэрчитинэн ыытыллыбыт “Режиссер билиһиннэрэр…” бырагырааманан көрөөччүлэр “Училка” (“Окно в Европу”, “Золотой Феникс”, о.д.а. киинэфестивалларын призера) киинэ режиссерун уонна продюсерын Алексей Петрухины кытта алтыстылар. Режиссер Павел Бардин араас мөккүөрү да, хайҕабылы да, кириитикэни да көрсүбүт “Салам, Масква” сериалыттан бастакы серияны көрдөрдө. Оттон Сүрүн куонкурус дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Кэриэйэ режиссера Пэ Чхан хо “Последний свидетель” детективин билиһиннэрдэ.
Кырдьык, тэрийээччилэр сөпкө хайгыыллар, махтаналлар – биһиги көрөөччүбүт олус көхтөөх. Хас сеанс аайы киинэ саалалара тобус-толорулар!
Ыалдьыттарбыт Саха киинэфестивалын өссө биир уратытынан, киинэ сайдыытыгар өрөспүүбүлүкэ салалтата улахан болҕомтону уурарын, бары өттүнэн өйүүрүн сөрү-сөпкө бэлиэтээтилэр. Холобур, Бурятия бэрэстэбиитэлэ ити өттүнэн биһиэхэ “үчүгэйдик” ымсыырарын кистээбэт.
- — Фестиваль түмүктэнэн эрэринэн эмиэ да курус санаа кууһар, эмиэ да, эһиил өссө көрсүөхпүт, диэн эрэл санаа баһыйар.., — диэтэ түмүктэри таһаарыы, фестивалы сабыы тэрээһинигэр кыттыбыт СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай. Кини биллиилээх кинокириитик, киновед, Дьокуускайга киинэ фестивалыгар төрдүөннэригэр көхтөөх кыттыыны ылбыт “саха киинэтин доҕоругар” Сергей Анашкиҥҥа СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин Грамотатын уонна кыһыл көмүс чаһыны туттарбытыгар дьон үөрэн, саала ытыс тыаһынан өрө хабылла түстэ.
“Чээрин” күн сирин көрөр буолла!
Эппиппит курдук, фестиваль дьыалабыай бырагырааматынан Бүтүн Россиятааҕы регионнааҕы киинэ форума ыытылынна. Форум биир олус интэриэһинэй, көдьүүстээх тэрээһининэн киинэ бырайыактарыгар Саха сиринээҕи аан бастакы питчинг буолла. Бу дьикти тыл — питчинг суолтата – саха кинематографистара хас да түһүмэхтээх куонкуруһу ааһаннар, инвестор буолар кыахтаах дьон иннигэр киирэн бэйэлэрин киинэлэрин бырайыагын, идиэйэлэрин көмүскүүллэр. Талыллан-талыллан 10 бырайыак киирбититтэн алтата саха киинэтэ. Дьэ манна “Чээрин” киинэ бырайыага (сценарист Светлана Таайко, продюсер Ньургун Иванов) гран при ылан, ааптардар Экспертнэй сэбиэт бэрэссэдээтэлиттэн, режиссер Алексей Петрухинтан Москваҕа пост-продакшн өҥөлөрүнэн туһаныыга 4 мөлүйүөн солкуобай суумалаах сертификаты туттулар. Онон, “Чээрин” киинэ ситэри уһуллар кыахха киирдэ диэххэ сөп. Сэрэйбиккит курдук, бу киинэ саха чулуу уола, аатырбыт снайпер Егор Чээрин туһунан буолар. Манна даҕатан эттэххэ, хаһан эрэ, хорсун буойун Чээрин туһунан киинэни устууну ыра санаа оҥостон, биллиилээх артыыс, режиссер Аркадий Новиков саҕалаабыта… Онон бу киинэ хорсун снайпер уонна талааннаах артыыс ааттарын үйэтитиэҕэ.
Дьэ, уонна, фестиваль кыайыылаахтарын билиһиннэриэҕиҥ:
Сүрүн куонкурус кыайыылаахтара
“Бастыҥ киинэ” — “Мой убийца” (“Сайсары күөлгэ”). Режиссер Костас Марсан, продюсер Марианна Скрыбыкина.
“Бастыҥ режиссер үлэтэ” – Сиро Герра. “Объятия змея”. Колумбия.
Дьүүллүүр сүбэ анал бириистэрэ: Бастыҥ операторскай үлэ иһин – Михаил Хасая. “Холодный фронт” киинэ (Россия). Эдэр, кэскиллээх режиссерга Прокопий Бурцевка. “Феррум” киинэ.
Оттон “NETPAS” бирииһэ үгэстэри тута сылдьарын иһин режиссер Б. Жаргалсайхаҥҥа ананна. “Содура” киинэ. Монголия.
Фестиваль спонсора ЭПЛ компания бэйэтин анал бирииһин – бриллианнаах хомуһу “Чума в ауле Каракас” киинэ ааптардарыгар туттарда. Казахстан.
Документальнай киинэҕэ бастыҥнар
“Бастыҥ киинэ” – “24 снега”. Режиссер Михаил Барынин, продюсер Егор Макаров.
“Бастыҥ режиссер үлэтэ” – Катье Гаурилофф. “Волшебный лес Кайсы”. Финляндия.
Дьүүллүүр сүбэ анал бириистэрэ: Чаҕылхай көрүүлээх үлэтин иһин оператор Юрий Бережневка. “24 снега”, “Холодный рубеж”. Дьокуускай. Уонна үгэстэри сонуннук тиэрдиитин иһин режиссер Анастасия Зверьковаҕа. “Шэнэхэнская царица”. Иркутскай.
Көрөөччүлэр “Муммуттары” таллылар
Интернет куоластааһын түмүгүнэн “Бастыҥ саха киинэтэ” номинацияҕа кыайыылааҕынан “Муммуттар” таҕыста. Режиссер Алексей Амбросьев-аччыгый.
“Саха киинэтигэр бастыҥ дьахтар оруола” – актриса Галина Тихонова “Сайсары күөлгэ…” киинэ.
“Саха киинэтигэр бастыҥ эр киһи оруола” – актер Илья Портнягин “Муммуттар” киинэ.
Маны сэргэ, оператор Иннокентий Аммосов аатынан бириис үс бастыҥ үлэлээх операторга туттарылынна: Юрий Бережнев, Семен Аманатов, Михаил Кардашевскай.
ХХХ
Биллэрин курдук, былаан быһыытынан быйыл балаҕан ыйыттан “Командор Полярной звезды” (В.Федоров “Созвездие Марии” пьесатынан, режиссер А.Борисов испэктээкилинэн) уус-уран киинэ уһуллуута саҕаланыахтаах.
Киинэ фестивала түмүктэниитигэр бу улахан тэрээһин уус-уран салайааччыта, СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов, эһиил V фестивальбытын, саҥа киинэбитин устан кэлээт, “Якуцкъ” историческай хараабылга ыытыахпыт, диэбитин айар куттаах дьон бука бары үөрэ ылыннылар.
Галина Тихонова: Идэҕитин таптааҥ!
- — Мин “Бастыҥ дьахтар оруола” бирииһи ылыам дии санаабатаҕым даҕаны… Ол гынан баран, киһиэхэ итэҕэйэр наада! Бу кыайыым – ийэм, учууталларым, чугас дьонум, табаарыстарым — уопсай кыайыыбыт дии саныыбын. Уонна хас биирдии киһи бэйэтин идэтигэр итэҕэйиэхтээх, идэтин олус таптыахтаах уонна эрэниэхтээх, оччоҕуна ити барыта киһиэхэ бэйэтигэр эргиллэн кэлэр! Мин Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлиибин. Ханнык да оруолтан аккаастаммаппын. Билигин өссө күүскэ ылсан, кыһаллан, айымньылаахтык үлэлиэм! Махтал барыгытыгар, күндү көрөөччүлэрим!
Татьяна Маркова.
Хаартыска: фестиваль пресс-сулууспата.