Саха сирин ыччата СӨ бэрэстэбиитэлистибэтигэр этиилээх киирдэ

Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнигэр СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ-бастакы вице-премьер Андрей Федотов бу күннэргэ Саха сирин ыччатын бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин, “Айтал”, “Сайдыы” эдэрдэр түмсүүлэрин кытары көрүстэ.

Көрсүһүү биир сүрүн тиэмэтинэн аныгы үйэҕэ эдэр дьону сиэр-майгы сыаннастарыгар иитии, үөрэтии буолла. Андрей Сандаминович эдэрдэргэ туһаайан, билиҥҥи үйэҕэ төһө да технологическай сайдыы балысханнык барбытын иһин, киһи сиэр-майгы өттүнэн сайдыахтааҕын, элбэҕи ааҕыахтааҕын, уопсастыба олоҕор көхтөөхтүк кыттыахтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Биһиги хас биирдиибит уопсастыбаҕа саамай сүрүнэ киһи буоларын, кини үлэтэ-хамнаһа, олоххо бэйэтин сыалын-соругун булунуута, бэйэтин күннэтэ сайыннара-үүннэрэ турара буоларын умнуо суохтаахпыт. Уопсастыбаннай сыаннастары хайдах сайыннарыахха сөбүй диэн ыйытыыгытыгар, киһи аан бастаан бэйэтиттэн саҕалыахтаах диэн хоруйдуом этэ, – диэн этэр Андрей Федотов.

Эдэрдэр социальнай ситимнэргэ билиҥҥи ыччат наһаа ылларбытын билинэллэр, сүрэҕэ суох буолуу, туохха барытыгар ээл-дээл сыһыаннаһыы уопсастыбаҕа кутталы үөскэтэрин этэн туран, кинилэр анал бырагыраама оҥоро сылдьалларын иһитиннэрдилэр. Ону таһынан нэһилиэнньэҕэ информацияны ылыныыга анал куурустары ыытыы, кинилэри кытары кэпсэтии улахан оруоллааҕын эттилэр.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0