Ааспыт нэдиэлэҕэ “Эбии үөрэхтээһиҥҥэ саҥаны киллэрии: уопут уонна инники кэскил” диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы II научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста.
Кэмпириэнсийэҕэ Саха сирин бары улуустарыттан, Дьокуускай куораттан итиэннэ уопут атастаһар сыаллаах Ярославскай, Вологодскай уобаластартан, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтиттэн, Ханты-Мансийскай автономнай уокуруктан, бырайыак олоххо хайдах киирэрин көрө-истэ Москватааҕы үөрэх тэрилтэлэриттэн, уопсайа, 180-ча киһи кыттыыны ылла.
Сыалын ситтэ дуо?
“Оҕолорго тоҕоостоох эбии үөрэхтээһин” приоритетнай бырайыак биир сүрүн хайысхатынан – биирдиилээн оҕоҕо үбүлэммит сэртипикээт (персонифицированное финансирование) буолар. Тустаах пилотнай бырайыакка Саха сирэ былырыыҥҥыттан 8 атын эрэгийиэни сэргэ хабыллыбыта. Ол аата тугуй? Эбии үөрэҕи таһынан дьарыктанар 5-18 диэри саастаах оҕолорго бүддьүөттэн харчылаах сэртипикээттэри туттараллар. Оҕо ону туһанан босхо уонна төлөбүрдээх куруһуоктарга сылдьар. Быһатын эттэххэ, бырайыак төһө кыалларынан элбэх оҕону хабар, эбии үөрэхтээһининэн дьарыктанар тэрилтэлэр, педагогтар икки ардыларыгар куонкуруһу үөскэтэр сыаллаах.
Биирдиилээн оҕоҕо үбүлэммит сэртипикээт бырайыакка быйыл Дьокуускай куораты сэргэ 26 улуус сайаапка биэрэн куонкуруһу ааспыта. Кэмпириэнсийэ маҥнайгы күнүгэр кинилэр түмүктүүр аһаҕас отчуот оҥордулар. Тустаах бырайыак федеральнай сүбэһитэ, Үөрэҕи сайыннарар федеральнай институт научнай үлэһитэ Семен Славин, олохтоох министиэристибэ, “Саха сирин кэнчээри ыччата” өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх киин салайааччылара, үлэһиттэрэ кытыннылар. Туох проблема баара манна барыта ырылхайдык көһүннэ.
Бырайыак – улуустарга
Маҥнайгынан Дьокуускай куорат уокуруга отчуоттаата. Отчуоту үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Егор Охлопков оҥордо итиэннэ ааспыт сыллааҕар көрдөрүү эбиллибитин, барыта 5297 сэртипикээт бэриллибитин иһитиннэрдэ. Атыттартан уратыта диэн, Дьокуускайга “ANT” үөрэх киинэ, “Хачиров” ИП уонна “Дьоҕур” талааннаах оҕолору көрдүүр уонна сайыннарар өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэҕэ, уопсайа, 185 оҕо дьарыктанар эбит.
Улуустар отчуоттара сүнньүнэн барыларын гиэнэ биир. Арай, сыыппаралара эрэ уратылаһаллар. Үгүс улуустар бэрэстэбиитэллэрэ тустаах бырайыак, күрэстэһэр кыахтаах тэрилтэлэрдээх улахан куораттарга ордук көдьүүстээх эбит диэн этэллэр. Оттон улууска оҕо талар кыаҕа суох, биир судаарыстыбаннай тэрилтэ баарыгар дьарыктаммыттарын курдук дьарыктаналлар диэн ыйаллар. Ол эрээри, бырайыак сүрүн сыалынан – судаарыстыбаннай уонна чааһынай эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин икки ардыларыгар куонкуруһу үөскэтэн, эбии үөрэхтээһин хаачыстыбатын үрдэтии, аныгы олох хаамыытын, тэтимин батыһан оҕону сайыннарыы буолар.
Сиһилии отчуоту Горнай улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Күннэй Тарасова оҥордо. Горнайдар төрөппүттэр ортолоругар ыйытык ыыппыттарын иһитиннэрдэ. Манна 139 төрөппүт кыттыбытыттан, биирдиилээн оҕоҕо үбүлэммит сэртипикээт бырайыага киириэҕиттэн, эбии үөрэх киинигэр уларыйыы тахсыбытын ыйытыкка кыттыбыт дьон 37% бэлиэтии көрбүт, 15 % эппиэттииртэн туттуммут, 48 % уларыйыыны бэлиэтээбэтэхтэрин эппиттэр. Оттон порталга “личнэй кабинеттарын” төрөппүт 8 % эрэ киирэн көрөр эбит. Ити интэриниэт төлөбүрэ үрдүгүттэн, мөлтөҕүттэн эбэтэр төрөппүттэргэ ситэ быһааран биэрбэтэх буолуохпутун сөп диэн сабаҕалыыр.
Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Спиридон Борбуев атыттартан букатын ураты отчуоту оҥордо диэххэ сөп. Эбии үөрэх тэрилтэлэрин дьиэтин-уотун, үбүлээһинин эмиэ таарыйда. Итиэннэ эрэгийиэҥҥэ барытыгар биир ньыманы туһаммакка, анаалыстаан, үөрэтэн баран субсидия сууматын көрүөххэ сөп этэ диэн эттэ.
Уопут атастаһыыта
Тэрээһин чэрчитинэн атын регионнар кыттыылаах видео кэмпириэнсийэ, биэс секциянан үлэ, киэҥ ыҥырыылаах мунньах, “Оҕолорго тоҕоостоох эбии үөрэхтээһин” приоритетнай бырайыагынан федеральнай тэрилтэлэр үлэһиттэрин сэминээрдэрэ буоллулар, “Кванториумҥа” сырыттылар.
“Үөрэҕи сайыннарар саҥа ньымалар фондалара” департамент салайааччыта Ольга Миронюк РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыам ыйынааҕы ыйааҕар олоҕуран, 2020 сылга диэри 5-18 саастаах оҕо 70-75 бырыһыанын эбии үөрэҕинэн хабыахтаахпыт диэн мунньах кэмигэр эттэ. Кини, сүрүннээн, эбии үөрэхтээһиҥҥэ саҥаны киллэрии, уларыта тутуу туһунан кэпсээтэ.
Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 5-18-гар диэри саастаах 130 719 оҕо эбии дьарыкка сылдьар. Ити 73,3 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр итиэннэ Арассыыйа орто көрдөрүүтүнээҕэр лаппа үрдүк диэн федеральнай салайааччылар бэлиэтииллэр. СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Эдуард Кондратьев кэлиҥҥи сылларга Саха сиригэр оҕо сайдыытыгар барбыт уопсай хамсааһыннары билиһиннэрдэ. Манна “Дьулуур” оҕо сайдыытын хамсааһыныттан, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тэнийэн эрэр JuniоrSkills чөмпүйэнээттэн саҕалаан “Арктика оскуолата” норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыакка тиийэ барытын хапта. Бүгүҥҥү күҥҥэ сэртипикээтинэн 16 тыһ. 20 оҕо эбии үөрэҕинэн дьарыктанарын иһитиннэрдэ.
Кэмпириэнсийэ уопут атастаһыытын, санаа үллэстиитин быһыытынан ааста. Онон улуустар үгүһү туһаннылар, эбиннилэр диэн бэлиэтиир оруннаах.
2016 сыл Саха сиригэр Эбии үөрэхтээһин сылынан биллэриллибитэ. Арассыыйаҕа соҕотох холобур буоларын үгүстэр ыйаллар. Ити кэмтэн ыла баһырхай хамсааһыннар бардылар диэн бэлиэтиир оруннаах: биирдиилээн оҕоҕо үбүлэммит сэртипикээт, “Кванториум” техническэй паарка… “Саха сирин кэнчээри ыччата” өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх киинин дириэктэрэ Мария Петрова түмүккэ эбии үөрэхтээһин аҥаардастыы үөрэтиинэн эрэ дьарыктаммакка, төрөппүт, оҕо хайдах сананарыгар, эмоциятыгар, материальнай-техническэй базаҕа эмиэ болҕомтобутун ууруохтаахпыт диэн бэлиэтээн эттэ уонна инники былааннары үллэһиннэ.
Болҕомтону туохха уурабыт?
Ольга Миронюк, “Үөрэҕи сайыннарар саҥа ньымалар фондалара” департамент салайааччыта:
— 2015 сылтан эһиги өрөспүүбүлүкэҕитигэр “Саха сирин кэнчээри ыччата” өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх киин үлэлиир. Быйыл үгүс үлэни ыытта. Арассыыйа атын субъектарыгар тарҕатыахха сөптөөх интэриэһинэй уопуттардаах. Эбии үөрэхтээһин ис хоһоонун уларытыы сүрүн миэстэни ылар. Бу каадыр боппуруоһун саҥардыыттан тутулуктаах. Итиэннэ устудьуоннары сыһыарыы ирдэбилин механизма уларыйар. Педагогическай үөрэҕэ суох дьону үлэҕэ ылан баран булгуччу квалификацияны уларытыыны (переквалификация) ааһыахтарын сөп. Хамнас эбиллиитигэр эмиэ болҕомто ууруохха наада.
Семен Славин, Үөрэҕи сайыннарар федеральнай институт научнай үлэһитэ:
— Саха Өрөспүүбүлүкэтэ ылыммыт эбээһинэһин толордо. Кыһалҕалар, уустуктар бааллар. Улуустар сыраларын-сылбаларын уурбакка эрэ, үп-харчы схематын олоххо киллэрэллэрэ уустуга биллэрэ. Итини эһиги үөрэххит министиэристибэтэ федеральнай таһымҥа туруорда, кэмпириэнсийэ кэмигэр даҕаны этилиннэ. Систиэмэни арыый уларытар сыал-сорук турар, күрэстэһии биир тэрилтэ иһигэр педагогтар икки ардыларыгар буоларын курдук. Өскөтүн, үлэлэһиэн баҕалаах чааһынай киһи көһүннэҕинэ, онно харгыс суох буолуохтаах. Кэмпириэнсийэ баар кыһалҕалары таарыйда, онон анаалыстаан, ыараҥнатан көрөргө кыаҕы үөскэттэ.
Күннэй Тарасова, Горнай улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы:
— “Саха сирин кэнчээри ыччата” өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх киин биһиэхэ улаханнык көмөлөстө. Хас биирдии боппуруоһу быһааран, ыйытыыларбытыгар сиһилии хоруйдаан… Биһиги сэртипикээт туһунан түһээн да баттаппат этибит. Улуустааҕы эбии үөрэхтээһин киинэ (салайааччы А.М.Колесова) маҥнай кэлэктиибин кытта үлэлэһэн, салгыы бары оскуолаларынан төрөппүт мунньаҕар сылдьан өйдөтөн, быһааран, оҕолору эрдэттэн хомуйан, туох баар быһаарар, сырдатар үлэтин кинилэр сүкпүттэрэ, биһиги үп-харчы хамсааһынын эрэ быһаарабыт. Быйыл үбүлээһин механизма уустук этэ. Бырайыак киирэн, эбии үөрэхтээһини дьаарыстаата, кини ис-дьиҥэр хайдах буолуохтааҕын көрдөрдө. Биһиги оскуолаттан, уһуйаантан ордон кинилэргэ, чахчы, улаханнык болҕомто уурбат этибит. Билигин арыый да атын харахпытынан көрөр буоллубут.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Алексей ВАСИЛЬЕВ хаартыскаҕа түһэриилэрэ.