Саха сирин тутааччыларын үс тэрилтэ сүрүннүөҕэ

24.01.2017
Бөлөххө киир:

Былырыын ыам ыйыгар РФ Президенэ Владимир Путин тутууга сыһыаннаах Судаарыстыбаннай сэбиэт мунньаҕар 372-с №-дээх “РФ Градостроительнай кодексыгар уларыйыылар” федеральнай сокуон тахсыбытын билиһиннэрбитэ. Ол сокуоҥҥа хас биирдии тутуу хампаанньата бэйэтин регионугар баар бэйэни салайар тэрилтэҕэ усунуос төлөөн киириэхтээҕин туһунан этиллэр. Холобур, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэлиир тутуу хампаанньалара Москва куоракка (атын регионнарга даҕаны) баар бэйэни салайынар тэрилтэҕэ буолбакка, бэйэбитигэр үлэлии сылдьар анал тэрилтэлэргэ киириэхтээхтэр.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Тутааччылары сүрүннүүр үс тэрилтэ баар буолуо

Маннык бэйэни салайынар тэрилтэлэр өрөспүүбүлүкэбитигэр элбиир чинчилээхтэр. Ол курдук, аан бастаан “Саха сирин тутааччыларын сойууһа” бэйэни салайынар тэрилтэ тэриллибитин кэнниттэн былырыыҥҥыттан “Дьокуускайдааҕы тутуу комплексын бэйэни салайыныы тэрилтэтэ” уонна “Саха сирин тутуу хампаанньаларын ассоциацията” коммерческайа суох партнерстволар үлэлииллэр. Итини тэҥэ, төрдүһүнэн, Новосибирскайтан “Сибирь” тэрилтэ кэлэн эрэрэ иһиллэр. Туох билиэй, бэһис да баар буоллаҕына, көҥүлэ. Күн бүгүн Саха сирин үрдүнэн тутуунан дьарыктанар 1500 кэриҥэ хампаанньа баар. Мантан 400-тэн тахсата 2009 сылтан үлэлиир “Саха сирин тутааччыларын сойууһа” бэйэни салайынар тэрилтэҕэ баар, салайааччы Айхал Габышев. Бастакынан тэриллибит буоланнар, билигин олохторун үчүгэйдик булан, таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар.

Саха сирин тутуу хампаанньаларын ассоциацията” коммерческайа суох партнерство былырыын балаҕан ыйыгар СӨ Юстицияҕа министиэристибэтигэр тэрилтэ быһыытынан регистрацияланан, билигин 116 тутар хампаанньалаах. Кинилэр истэригэр “Колмар” ХЭУо, Денисовскайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт уонна “Нерюнгриуголь” курдук бөдөҥ тэрилтэлэр бааллар. Бу ассоциация билигин бэйэни салайынар статуһу ыла илик эрээри, генеральнай дириэктэр Николай Авксентьев этэринэн, бу олунньуга Москваҕа тустаах тэрилтэҕэ докумуон туттарыахтаах.

Дьокуускайдааҕы тутуу комплексын бэйэни салайыныы тэрилтэтэ» 2016 сыл сэтинньи ыйдааҕы туругунан, 19 тутар тэрилтэлээҕэ биллэр. Оттон Новосибирскайтан кэлэн иһэр “Сибирь” тэрилтэ хайдаҕа-туга өссө биллибэт. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1500 тутар хампаанньаттан 400-һэ бастаан тэриллибит “Саха сирин тутааччыларын сойууһугар” баар. 100-тэн тахсата бу статуһу саҥа ылыахтаах “Саха сирин тутуу хампаанньаларын ассоциацията” коммерческайа суох партнерствоҕа кыттыста. Хаалбыттар ханна баралларын бэйэлэрэ быһаарынан эрдэхтэрэ. Сорохтор ол саҥа кэлиэхтээх “Сибирь” тэрилтэҕэ киирээри сылдьаллара буолуо.

Күрэстэһии баара үчүгэй

Онон этэҥҥэ буоллаҕына, өрөспүүбүлүкэ тутуутугар бэйэни салайынар үс-түөрт тэрилтэ баар буолуох курдук. Элбээн да хаалыахтарын сөп. Ону кэм-кэрдии көрдөрөн иһиэ.

Тутуу хампаанньаларын үлэлэрин хаачыстыбатын үүннүүр-тэһиинниир анал тэрилтэлэр элбииллэрэ үчүгэй дуо диэн ыйытыы үөскүүр. Элбэх хаһан баҕарар куһаҕана суох буолуо. Этэргэ дылы, монополист тэрилтэ үөскээбэт. Тутуу тэрилтэлэрэ көрөн-истэн баран, сөбүлээбит, санаалара

сытар бэйэни салайынар тэрилтэлэргэ киириэхтэрэ турдаҕа. Элбэхтэн биир үчүгэйи талыахтара. Ол аата, бэйэни салайынар тэрилтэлэр таһымнарын үрдэтиигэ күүскэ ылсан үлэлиэхтээхтэр. Этэргэ дылы, “здоровай” күөн көрсүһүү баар буолуоҕа.

Тутуу эбийиэгэ хаачыстыбалаахтык тутулларыгар бэйэни салайынар (СРО – саморегулирующая организация) тэрилтэлэр улахан оруолу ылаллар. Санатар буоллахха, бэйэни салайынар тэрилтэлэр Россия үрдүнэн 2009 сылтан тэриллэн үлэлээбиттэрэ. 

Тутааччылар санаалара

Николай Авксентьев, “Саха сирин тутуу хампаанньаларын ассоциациятын” бэрэссэдээтэлэ:

Былырыыҥҥыттан тэриллэн үлэлээн эрэбит. 100-тэн тахса тэрилтэлээхпит. Бэрт сотору Москваҕа баран, бэйэни салайынар статуһу ыларга аналлаах докумуон туттарыахпыт. Бэрэбиэркэлээн баран, сүрүн статуһу биэрдэхтэринэ, тэрилтэлэрбитигэр тутууну ыытар анал көҥүлү биэрэр кыахтаныахпыт. Саамай сүрүнэ, биһиэхэ баар хампаанньалар тутууну хайдах ыыталларын үчүгэйдик хонтуруоллуохпут. Бары өттүгэр сөптөөх сүбэ-ама биэрэн көмөлөһүөхпүт. Өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэни салайынар тэрилтэлэр элбииллэрэ үчүгэй. Бэйэ-бэйэбитин кытта хойох хостоспокка, бары биир санаанан көмөлөсүһэн үлэлиэхпитин наада. Оччоҕуна өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн киирэр тутааччылары кытта туруулаһар кыахтаныа этибит.

Александр Романов, Ил Түмэн тутууга, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа сис  кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
Тутааччылар баҕа өттүнэн уонна талан киирэллэр
игэр бэйэни салайынар тэрилтэ элбэҕэ туох да куһаҕана суох. Компенсационнай пуонданы үүннүүр-тэһиинниир федеральнай сокуоҥҥа уларыйыы киирээри турар. Манна араас санаа, толкуй элбэх. Бэйэни салайынар тэрилтэлэргэ (СРО-ларга) биир кэлим реестр оҥоһуллуохтаах. Оччоҕуна мөлтөх үлэлээх тэрилтэлэр уопсай учуокка туран, бэйэни салайынар тэрилтэттэн атыҥҥа көһө сылдьыа суоҕа этилэр. Билигин үлэлии олорор “Саха сирин тутааччыларын сойууһа” бэйэни салайынар тэрилтэ пуондатын «Алмаасэргиэнбааҥҥа» уура сытар. Итинтэн сиэттэрэн, чилиэннэр ити баантан чэпчэтиилээх кирэдьиити туһаналлар. Уһук Илиҥҥи уокурук үрдүнэн биһиги курдук элбэх чилиэннээх бэйэни салайынар тэрилтэ суоҕун кэриэтэ. Бары дьоҕус соҕустар. Мин санаабар, өйдөһөр дьон туспа баран буруо таһаарыналлара билиҥҥи кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр

Григорий Кобяков, «Лигран» ХЭУо дириэктэрэ:

Тутааччылар хайаан да бэйэни салайынар тэрилтэлээх буолуохпутун наада. Мин санаабар, өрөспүүбүлүкэбитигэр үс-түөрт анал тэрилтэ баар буоллаҕына, тутааччылар олорго бэйэлэрэ талан киирэллэрэ быдан ордук. Биһиги тэрилтэбит “Саха сирин тутуу хампаанньаларын ассоциацията” коммерческайа суох партнерство бэйэни салайынар статуһу ылла даҕаны, кинилэргэ киириэхпит диэн быһаарынан олорор.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0