«Саха сирин тимир суоллара» уонна Хаҥалас улууһа бииргэ үлэлиэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Саха сирин тимир суоллара” хампаанньа дириэктэрэ Василий Шимохин уонна Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһиигэ илии баттаатылар.

“Тыа сирин кэлимник сайыннарыы” федеральнай бырагыраама чэрчитинэн бырайыактары үлэлэтэн, улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт өр сыллаах үлэ хаамыыта торумнанна.

Манна тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын уопсастыбаннай миэстэлэрин тупсарыы, саҥа тутуулары ыытыы, экология, санитарнай миэрэлэри тутуһуу өттүнэн, о.д.а. үлэ барыахтаах.

Оттон “Саха сирин тимир суоллара” хампаанньа култуурунай-маассабай тэрээһиннэргэ, куонкурустарга, бырааһынньыктарга кыттыһан, көмөлөһөргө бэлэм. Социальнай партнерство чэрчитинэн, бииргэ үлэлэһэн, уопут үллэстэн, икки өттүгэр туһалаах буоларыгар туһуламмыт үлэ-хамнас барыахтаах.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0