Саха сирин танкистара түмүстүлэр

15.03.2017
Бөлөххө киир:

Танковай чаастарга Саха сириттэн сулууспалаабыт эр дьон түмсэргэ быһаардылар. Бүгүҥҥү кэпсэтиибит дьоруойа Петр Барашков  – Дьокуускай куорат олохтооҕо.

Федор Павлов, «Саха сирэ» хаhыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, edersaas.ru

— Петр Юрьевич, туох идэлээх киһигиний уонна туох санааттан Саха Сирин танкистарын түмэргэ сананныҥ?

— Мин бэйэм идэбинэн историкпын, ол эрээри үгүс сылларга алмаас, көмүс хостооһунугар бульдозерга үлэлээбитим. Бу умнуллубут үтүө бырааһынньыгы тилиннэрэр санааттан, 2015 сыллаахха социальнай ситимнэр нөҥүө танкистарга ыҥырыы ыыппытым. Үгүстэр тута баалларын уонна түмсэр баҕаларын биллэрбиттэрэ. Билигин танкист, тааҥка оҥорооччу уонна механизированнай күүстэр күннэрэ Дьокуускай куорат күнүн кытта сөп түбэһэр – балаҕан ыйын иккис өрөбүлэ. Биһиги Дьокуускай куорат салалтатыттан көҥүл ыламмыт, “Вечный огонь” өйдөбүнньүккэ сибэкки дьөрбөтүн ууран, сэрии хонуутугар охтубут буойуттары санаан “чуумпу мүнүүтэни” оҥорбуппут, ол кэннэ Кыайыы болуоссатыгар диэри хааман тиийэн хаартыскаҕа түспүппүт. Бу бастакы билсиибит этэ. Онтон ааспыт күһүн манна эбии биһиги үөрүүлээх кэнсиэр оҥорбуппут, ону сэргэ КС-М (малый) — бастакы сэбиэскэй тааҥка макетын бэйэтин улаханын саҕа оҥорон куорат устун айаннаппыппыт. Бу күн полевой куукуна үлэлээбитэ. Түгэнинэн туһанан, кэнсиэр тэрээһинигэр көмөлөспүт Губинскай уокурук култуураҕа уонна духуобунаска салалтатыгар муҥура суох махтал.

— Былаас өттүттэн өйөбүл төһө баарый? Хайдах cыһыаннаһалларый?

— Бастаан сэрэхэчийэ соҕустук сыһыаннаспыттара – этэргэ дылы, хайдах дьоммут биллибэт этэ буоллаҕа дии. Эбиитин Дьокуускай күнүгэр сөп түбэһэр буолан, түбүктэрэ даҕаны үгүс этэ, онно эбии биһиги. Онтон кырдьык чөл олоҕу тутуһарбытын көрдөрөн, кэнсиэр ыытан, куорат олохтоохторун биһирэбиллэрин ылбыппыт кэннэ Дьокуускай куорат баһылыга Айсен Николаев инникитин өйүөх буолан мэктиэ тылын биэрбитэ, онон улаханнык үөрэ сылдьабыт. Танкист, тааҥка оҥорооччу уонна механизированнай күүстэр күннэрэ үгүстэргэ хайыы үйэҕэ дьиэ кэргэн бырааһынньыга буолан эрэр, ол курдук танкист уолаттар кэргэттэрин, оҕолорун илдьэ кэлэллэр, тэҥҥэ үөрэллэр-көтөллөр. Бэйэм арыгы испэппин, табах тардыбаппын, танкист доҕотторбуттан эмиэ оннугу ирдиибин.

— Билигин төһө элбэххитий уонна туох былаан баарый?

— Бөлөхпүтүгэр 300-тэн тахсабыт. Араас улуустартан бааллар. Сыал-сорук быһыытынан, улуустары бу хамсааһын нөҥүө биир сомоҕо күүс оҥоруохпутун баҕарабыт. Бары билэбит, улуустар икки ардыларыгар атааннаһыы даҕаны баар буолан ылааччы. Оннугу суох гынан, эйэлээх олоҕу тутуохтаахпыт. Аармыйаҕа сэриилэһээри буолбатах, эйэлээх олоҕу көмүскээри бараллар. «ЮнАрмия» диэн РФ Оборона министиэристибэтин иһинэн тэриллибит оҕо хамсааһына баар, онно биһиги эмиэ кыттыһан үүнэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитэргэ үлэлэһэн эрэбит. Бэйэм билигин үлэтэ суох сылдьабын, ол эрээри педагог идэлээх киһи буоларым быһыытынан, оҕону иитэр-үөрэтэр эйгэҕэ үлэлиэхпин баҕарабын, онно сөптөөҕүн бустум-хаттым дии саныыбын.

Кэпсээниҥ иһин махтанабын. Түмүккэ дойдубут дьонугар тугу баҕарыаҥ этэй?

— Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин олохтоохторугар билиҥҥи уустук кэмнэргэ тулууру баҕарабын.

Федор Павлов, «Саха сирэ» хаhыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, edersaas.ru

Ыспыраапка

Германияны кыайарга тааҥкалар сүҥкэн оруолу оонньообуттара. Ол курдук, кытара кытыастар Кыайыы знамята Рейхстаг үрдүгэр тэлимнииригэр танкистар, тааҥка оҥорооччулар уонна механизированнай күүстэр киллэрбит кылааттарын сыаналаан, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун 1946 сыл от ыйын 1 тахсыбыт Уурааҕынан, сэбиэскэй норуот танкистар, тааҥка оҥорооччулар уонна механизированнай күүстэр күннэрин балаҕан ыйын 11 күнүгэр (Восточно-Карпатскай операцияҕа тааҥкалаах күүстэр улахан ситиһиилэрин күннэрэ) бэлиэтиир буолбута. Урукку кэмнэргэ улахан куораттарга бу күн тааҥкалар парадтара буолар, киэһэтин салют ытыллар эбит буоллаҕына, кэнники бу үтүө үгэс симэлийэр аакка барбыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0