Саха сирин суруйааччыларын айымньылара — «Литературнай хаһыакка»
Саха сирин суруйааччыларын сойуустара, Саха сирин суруйааччыларын ассоциацията «Литературная газета» эрэдээксийэтин кытары ыкса ситимнээхтик үлэлииллэр. Саха суруйааччыларын, бэйиэттэрин айымньылара тылбаастанан бэчээттэнэллэрэ үтүө үгэскэ кубулуйан эрэр.
edersaas.ru
Бу кэнники нүөмэргэ, Саха сирин поэзиятыгар аналлаах таһаарыыга, өрөспүүбүлүкэ бэйиэттэрин уонна кэпсээнньиттэрин айымньылара ааҕааччы дьүүлүгэр таҕыстылар. Кинилэр ортолоругар Натальи Харлампьева, Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ, Марина Клюева, Рустам Каженкин-Арчы Уола, Сергей Москвитин, Елизавета Мигалкина уо.д.а. бааллар.
Проза түһүмэҕэр Аграфена Кузьмина «Мааппыс» уонна Владислав Авдеев «Фокус» кэпсээннэрэ бэчээттэммиттэр.
Ону сэргэ, ааҕааччылар Елена Слепцова—Куорсуннаах интервьютун уонна Дьокуускайга ыытыллыбыт «Үрүҥ хаар алгыһа» аан дойдутааҕы IV бэстибээл туһунан суруйуулары билсиэхтэрэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru