Саха сирин суруйааччылары бэлэмниир үлэтэ Арассыыйаҕа кэрэхсэннэ
Олунньу 13-16 күннэригэр Москва уобалаһын Химки куоратыгар Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун Эдэр литератордарын сүбэтэ үһүс төгүлүн Бүтүн Арассыыйатааҕы эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарын ыытта.
Москватааҕы культура судаарыстыбаннай институтун тирэх оҥостон ыытыллар тэрээһиҥҥэ сыллата дойду үгүс муннугуттан 100-тэн тахсалыы айар ыччат түмсэр. Быйылгы сүбэ мунньахха Калининградтан саҕалаан Читаҕа, Мурманскайтан саҕалаан Краснодарга диэри Арассыыйа 43 регионуттан 127 эдэр суруйааччы уонна уус-уран литература эйгэтигэр саҥа үктэнэн эрэр ааптар кэлбит.
Бу бөдөҥ сугулааҥҥа өрөспүүбүлүкэни Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын чилиэннэрэ Гаврил Андросов уонна Аграфена Кузьмина билиһиннэрдилэр.
Гаврил Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ уонна киин Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэнэ буоларын быһыытынан, тэрийээччилэргэ анаммыт анал тэрээһиннэргэ кытынна. Билигин М. Горькай аатынан Литература институтун иһинэн Үрдүкү литература куурустарыгар үөрэнэр Аграфена ону тэҥэ “Росписатель” сайт салайааччыта Николай Дорошенко уонна Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун Краснодардааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ Светлана Гриценко салайбыт прозаҕа семинардарыгар кытынна.
Бүтүн Арассыыйатааҕы эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарын үөрүүлээх арыллыытыгар Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Николай Иванов эҕэрдэ тылыгар Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа былырыын “Бастыҥ регионнааҕы салаа” аатын мээнэҕэ ылбатаҕын, литература эдэр солбугун бэлэмнээһиҥҥэ утумнаах үлэни ыытан кэлбиппит туһунан санаппыта, Эдэр литератордар сүбэлэрин салайааччы Андрей Тимофеев сойуус бу салаата Саха сиригэр биир бастакынан тэриллибитин чорботон бэлиэтээбитэ биһиги айар холбоһукпут үлэтин үрдүк сыанабыл буолар.
Анал тэрээһиннэр чэрчилэринэн Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун киэҥ ыҥырыылаах секретариата, Эдэр литератордар сүбэлэрин мунньаҕа, Арассыйа Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Николай Федорович уонна Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ Геннадий Викторович Ивановтары кытта көрсүһүү, айар холбоһук Национальнай литератураларга сүбэтин салайар Валерий Латынинныын атах тэпсэн олорон кэпсэтии, Сибиир суруйааччыларын уонна литература “халыҥ” сурунаалларын төгүрүк остуоллара буоллулар. Манна Гаврил Андросов көхтөөхтүк кыттан Саха сиригэр эдэр суруйааччылары кытта туох үлэ ыытылларын, өрөспүүбүлүкэ норуоттарын уус-уран литератураларын бүгүҥҥү туругун, суруйааччыларга уонна духуобунай нэһилиэстибэҕэ былаас уонна уопсастыба өттүттэн туох сыһыан баарын билиһиннэрдэ. Арассыыйа үрдүнэн национальнай литературалар сайдалларын уонна биир ситимнээх литература эйгэтэ баар буоларын туһугар, эдэр суруйааччылар хайысхаларынан эмиэ уус-уран тылбааһы тэрийэр, национальнай литератураларга сыһыаннаах анал тэрээһиннэри ыытар туһунан санааларын үллэһиннэ.
“Чолбон” сурунаал сүрүн редакторын солбуйааччы буоларын быһыытынан Гаврил “Наш современник”, “Москва”, “День литературы” курдук дойду үрдүнэн киэҥник биллэр литература бөдөҥ сурунаалларын редактордара кыттыылаах “Литература “халыҥ” сурунааллара: эдэр ааптарга көмө” диэн төгүрүк остуолга уонна Саратовтааҕы “Волга 21 век”, Башкортостаннааҕы “Бельские просторы” сурунааллар, “Лиterraтура” электроннай таһаарыы бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах медиа кыһаҕа кыттан эрэдээксийэ айар үөрүйэхтэрин, сахалыы бэчээт туругун туһунан кэпсээтэ.
Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ сүбэ мунньах үгүс тэрээһиннэрин быыһыгар Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун салайааччыларын – бэрэссэдээтэл Николай Ивановтыын, бырабылыанньа бастакы сэкирэтээрэ Геннадий Ивановтыын, бэрэссэдээтэли солбуйааччы Василий Дворцовтыын, Эдэр литератордар сүбэлэрин салайааччыта Андрей Тимофеевтыын, тас дойдулары кытта үлэни сүрүннүүр Олег Бовыкинныын көрсөн кэпсэттилэр. Ону тэҥэ атын сиртэн кэлбит үөлээннээхтэрин, ол иһигэр ыаллыы Чита уонна Иркутскай, национальнай регионнартан Башкортостан, Хакасия, Коми, Марий Эл, Ненец автономнай уокуругун бэрэстэбиитэллэрин кытта билсэн хардарыта ситими олохтоотулар.
Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун Эдэр литератордарын сүбэтэ ыыппыт бөдөҥ сугулаанын түмүгэ Москва куоракка Комсомольскай уулуссаҕа баар айар холбоһук киин офиһыгар буолла. Онно алта эдэр ааптар Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнин билиэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэрэссэдээтэл Николай Иванов илиититтэн тутта. Өссө 29 айар ыччат сойууска киирэргэ мэктиэ ылла, 50-тан тахса эдэр литератор айымньыларын Россия бастыҥ литератураҕа таһаарыыларыгар бэчээттэтэр кыахтанна. Санатар буоллахха, бу тэрээһиҥҥэ Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун тиһигэр киирбит Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна регионнар икки ардыларынааҕы сүбэ мунньахтар уонна семинардар нөҥүө сүүмэрдэнэн эбэтэр, Эдэр литератордар сүбэлэригэр регионнааҕы салаалар мэктиэлээһиннэринэн эрэ кыттыахха сөп. Ону тэҥэ уһулуччу түгэҥҥэ киин Сүбэ быһаччы ыҥырар кыахтаах.
Химки куоракка буолбут Бүтүн Арассыыйатааҕы эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарын туһунан сиһилии “Чолбон” сурунаал кулун тутардааҕы нүөмэриттэн ааҕыаххытын сөп.
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун пресс-киинэ