Аҕыйах хонуктааҕыта аан дойду дьоно-сэргэтэ Поэзия күнүн бэлиэтээтибит. Дьокуускай “Куруһаалатыгар” бу күн “Тыыннаах автограф” диэн Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун тэрээһинэ бэрт сэргэхтик ыытылынна.
“Тыыннаах автограф” үөрүүлээх аһыллыытыгар үгүс ыалдьыт, ааҕааччылар, суруйааччылар кэлбиттэр. Саамай интэриэһинэйэ – сценаҕа тахсан эҕэрдэ тылын этээччилэр бука бары хоһоон аахтылар. Ол курдук, Конституционнай Суут Бэрэссэдээтэлэ Александр Ким-Кимэн, култуура миниистирэ Юрий Куприянов, “Сахамедиа” РИИХ АУо Генеральнай дириэктэрэ Алексей Чертков, экэниэмикэ миниистирэ Майя Данилова, о.д.а., уонна, биллэн турар, суруйааччылар, бэйэлэрэ сөбүлүүр хоһооннорун хастыыны даҕаны ааҕан, поэзияны таптааччыларга бэртээхэй бэлэҕи оҥордулар.
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева.
—Быйыл ахсынньыга Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 85 сылын туолар. Ол иһин, сыл саҕаланыытыттан толкуйдааммыт, сылы быһа барар тэрээһиннэри ыытыахпыт. Тоҕо диэтэххэ, бу 85 сыл диэн – бэлиэ, киһи астынар даатата.
Бүгүн бу бастакы тэрээһиммит “Тыыннаах автограф” форматынан барда. “Тыыннаах автограбы” биһиги, сороҕор кыратык, сороҕор киэҥник, сыл аайы кэриэтэ ыытабыт. Бу иннинэ Литература сылыгар киэҥник ыыппыппыт.
Бу тэрээһин – үбүлүөй диэн буолбатах. 85 сыл кынатын аннынан өссө да элбэх тэрээһиннэр буолуталыахтара: үбүлүөйдэр, презентациялар, араас көрсүһүүлэр…
Быйыл биһиэхэ Азербайджан Поэзиятын күннэрэ буолуохтара. Эдэр суруйааччыларбыт семинардарын ыытыахпыт. Күһүн, үбүлэниитэ кыалыннаҕына, үгэс буолбут “Үрүҥ хаар алгыһа” аан дойдутааҕы Поэзия бэстибээлин тэрийиэхпит. Бу барыта биһиги сойууспут 85 сылыгар ананар.
Наталья Харлампьева, Куорсуннаах, Урсун ааҕааччыларыгар автограф биэрэллэр.
Оттон бүгүҥҥү тэрээһин туһунан этэр буоллахха, биһиги, поэзияны чахчы интэриэһиргиир, билэр, ааҕар уонна күннээҕи олохторугар тирэнэр дьон баарын билэр буоламмыт, ыҥырбыппыт. Бары сөбүлүүр хоһооннорун аахтылар. Флешмоб буолла. Ырыаны таптааччылар саха норуодунай бэйиэтэ Семен Данилов “Саха үҥкүүтэ” – уостан түспэт ырыатын толоруулара долгутуулаахтык иһилиннэ.
Меценаттар кыттыыны ыллылар. Ол курдук, “Офсет” тэрилтэ суруйааччылартан кинигэлэрин атыылаһан, Инбэлииттэр дьиэлэригэр бэлэхтээтэ. “Айыы кыһатын” бибилэтиэкэтигэр анаан Төрөппүттэр кэмитиэттэрэ эмиэ кинигэ атыылаһан туттарда. Ити курдук, бэйиэттэр, суруйааччылар диэн – халлаанынан дайа сылдьар дьон буолбакка, туох эрэ туһалааҕы оҥорор баҕабытын көрдөрдүбүт дии саныыбын. Ити барыта тэрээһинтэн тахсар. Махтанабын эдэр суруйааччыларбытыгар, Бырабылыанньа чилиэннэригэр, сорохторбут орто саастарыгар да чугаһаан эрдэхтэрэ, кинилэр барытын тэрийэн, бу бырааһынньыгы ыыттылар. Арендата, аппаратурата кэпсэтиллибитин да иһин, араас иһинээҕи иирбэ-таарба үлэтэ үгүс буоллаҕа. Ону барытын эдэрдэрбит, суруйааччылар Гаврил Андросов, Рустам Каженкин, Зинаида Архипова, Аграфена Кузьмина саба тутан, бэркэ тэрийдилэр. Оттон бүгүн бу тэрээһиҥҥэ кэлэн, кинигэлэрин автографтыы олорор суруйааччылар, арааһа, эмиэ астыммыт буолуохтаахтар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэри ааттаан-суоллаан кэлбит ааҕааччылара бааллар. Аны “Бичик” кинигэ кыһата кэлэн кыттыыны ылла. Биһиги кинилэртэн, бэйэбитигэр суох кинигэлэрбитин атыылаһан, эмиэ автографтаатыбыт.
Онон, биһиги Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа баарын эрэ буолбакка, тэтимнээхтик үлэлии турарын, бөҕө ситимнээх, силистээх-мутуктаах уонна инникигэ кэскиллээх буоларбытын өссө төгүл көрдөрдүбүт, бигэргэттибит дии саныыбын. Ол барыта биһиги бэрпит буолбатах. Биһиги – ааҕааччылардаахпыт. Чуолаан кинилэр, этэргэ дылы, тойонуттан-хотунуттан саҕалаан, көннөрү биэнсийэлээх дьон, ыччаттарга тиийэ кэлэн, “Тыыннаах автограф” тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыбыттара ону көрдөрөр уонна итэҕэтэр, — диэтэ Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева.
“Тыыннаах автограф” тэрээһини, баннеры босхо бэчээттээн, Инбэлииттэр дьиэлэригэр анаан кинигэ атыылаһан, Дьокуускайдааҕы ‘‘Офсет» тэрилтэ күүскэ өйөөбүтэ махталлаах, дииллэр тэрийээччилэр. »Кыл саха» бөлөх суруйааччыларга эмиэ өрүү көмөлөһөрө хайҕаллаах. АГИКИ устудьуоннара уонна ФТЛ үөрэнээччилэрэ хоһоон аахтылар. СӨ үтүөлээх артыыһа Байбал Сэмэнэп поэзия бырааһынньыгын кыттыылаахтарыгар ылбаҕай ырыатын бэлэхтээтэ. Флешмобка Дьокуускайдааҕы “Иэйии” ырыа ансаамбыла уонна үҥкүүһүттэр (“Школа III возраста”), ХИФУ устудьуоннара кыттыыны ыллылар.
Олус үчүгэй, интэриэһинэй тэрээһин буолла.
Татьяна МАРКОВА.
Рустам Каженкин, Аграфена Кузьмина уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.