«Саха сирин судаарыстыбаннаһа төрүттэммитэ 100 сылыгар 100 анал ааттаах алмаас»
Эрэгийиэн баһылыга Айсен Николаев уонна АЛРОСА хампаанньа салалтатын көҕүлээһиннэринэн 2020 сылга, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын бырааһынньыгар өрөспүүбүлүкэҕэ “Саха сирин судаарыстыбаннаһын 100 сылыгар 100 анал ааттаах алмаас” холбоһуктаах бырайыак олоххо киллэриллэр.
edersaas.ru
Ол курдук, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сириттэн ыҥырыллыбыт Сэбиэскэй Сойуус 21 дьоруойун аата АЛРОСА өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар хостообут бөдөҥ алмаастарыгар 2020 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр – Кыайыы күнүгэр үйэтитиллибитэ.
Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдарын ааттара Саха сиригэр хостоммут алмаастарга РФ-га Өйдөбүнньүк уонна Албан аат сылыгар, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 75 сылыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Патриотизм сылыгар үйэтитиллибиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Сэрии сылларыгар фроҥҥа Саха сирин 62 тыһыынча кэриҥэ олохтооҕо ыҥырыллыбыта. Кинилэр Москваны уонна Ленинграды көмүскээһиҥҥэ, Сталинград, Курскай Дуга иһин кыргыһыыларга, ньиэмэс байыастара ылбыт Европа дойдуларын босхолооһуҥҥа, фашистыы Германияны бүтэһиктээхтик суулларыыга кыттыбыттара. Саха сириттэн кэлбит саллааттар араас сэриигэ кыттыбыттара. Үгүстэрэ кыргыһыыларга, чуолаан бэргэн ытааччы быһыытынан биллибиттэрэ. Кинилэр тустарынан араас үһүйээннэри үөскэппиттэрэ уонна бэйэлэрин кэмнэрин дьоруойдара оҥорон, уос номоҕо гынан кэпсээбиттэрэ.
2022 сылга диэри хампаанньа барыта 100 биллиилээх дьон аатын өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар хостоммут 50-тан тахса карат ыйааһыннаах алмааска иҥэриэҕэ.
Бырайыакка олук уурбут үгэстэр
Ааспыт сылларга хампаанньа Саха сириттэн барбыт Аҕа дойду Улуу сэриитин түөрт Дьоруойун аатын алмаастарга иҥэрбитэ. Бу урукку үгэс түмүгэ – Саха сиригэр булуллубут бөдөҥ алмаастары булуу чахчыта. Бу дьоруойдар ааттара Саха сирин олохтоохторугар үчүгэйдик биллэллэр: «Бэргэн ытааччы Охлопков» (1969 с.), «Дьоруой Попов» (1993 с.), «Дьоруой Степанов» (1995 с.) уонна «Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Н.А. Кондаков» (2005 с.).
Хорсун-хоодуот биир дойдулаахпыт, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, сержант, 429 фашист саллаатын уонна офицерын суох оҥорбут, 12 бааһырыылаах уонна контузиялаах, утарсааччыны кытары ытыһыы аатырбыт маастара Федор Охлопков өйдөбүнньүгүн үйэтитэр туһугар, кини өлбүтүн биир сылын кэнниттэн 1969 сыл атырдьах ыйын 4 күнүгэр 34,95 карат ыйааһыннаах алмааска “Снайпер Охлопков” диэн аат иҥэриллибитэ. Федор Матвеевич Охлопков – Аҕа дойду Улуу сэриитин саамай бэргэн ытааччыларын испииһэгэр 12-с бочуоттаах миэстэҕэ сылдьар Саха сирин номоххо киирбит бэргэн ытааччыта. Кини аата алмааска иҥэриллибит Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдарыттан бастакылара.
1990 сыл ыам ыйын 29 күнүгэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, сатыы разведка ыстаарсай сержана, олохтоох кэмҥэ “Мир” туруубка карьерыгар шахтерунан, экскаваторщигынан үлэлээбит Владимир Акимович Колбунов аата 76,15 караттаах алмааска иҥэриллибитэ.
1993 сыллаахха саха норуотуттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов аатынан бөдөҥ сыаналаах кристалл ааттаммыта. Федор Попов – Киин фронт 467-с стрелковай полкатын 3-с стрелковай ротатын ытааччыта. Кини алтынньыга олоҕун толук ууран туран, Днепр өрүс муустаах уутун өстөөх буулдьатын аннынан бастакынан туораабыта, өстөөхтөрү кытары илиинэн киирсибитэ, полк атын подразделениелара өрүһү туоруохтарыгар диэри плацдармы күөйбүтэ.
1995 сыллаахха Саха сирин өссө биир Дьоруойа, бүлүмүөтчүк Николай Саввич Степанов аата айылҕа биир бөдөҥ диамантыгар иҥэриллибитэ. 2005 сыллаахха Саха сиригэр хостоммут өссө биир дэҥҥэ көстөр сыаналаах булумньу Аҕа дойду Улуу сэриитин Дьоруойа, огневой взвод хамандыыра, суруналыыс Николай Алексеевич Кондаков аатынан үйэтитиллибитэ.
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара
2020 сыл тохсунньутугар АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов бирикээһинэн, “Саха сирин судаарыстыбаннаһа 100 сылыгар 100 анал ааттаах алмаас” өрөспүүбүлүкэни кытта холбоһуктаах бырайыак чэрчитинэн 76,64 карат ыйааһыннаах алмааска Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Сергей Александрович Асямов албан аата иҥэриллибитэ. Алмаас “Заполярнай” туруупка сиригэр хостоммута. Бу октаэдр дьэҥкир саһархай кристалл – ромбододекаэдр. Асямов Сергей Александрович 1907 сыллаахха Красноярскай куоракка оробуочай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ, Ейскэйдээҕи байыаннай-муора авиационнай училищетын бүтэрбитэ, инструктор-лүөччүк буолбута. 1933 сылтан – ГВФ лүөччүгэ, 1935 сылтан – Главсевморпуть Ленскэйдээҕи авиационнай бөлөҕүн лүөччүгэ. 1941 сыллаахха Саха сиринээҕи военкоматынан аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. 1941 сыл от ыйыттан Аҕа дойду Улуу сэриитин фроннарыгар сылдьыбыта, ыраах дьайыылар 3-с авиационнай дивизияларын 746-с авиационнай полкатын хараабылын хамандыыра. 1942 сыл тохсунньутугар диэри 48 байыаннай көтүүнү оҥорбута. Кини экипаһа өстөөххө 100 туонна буомбаны быраҕан, өстөөххө уонна кинилэр тиэхиньикэлэригэр улахан охсууну аҕалбыта, өстөөх ылан сытар сиригэр-уотугар 3 мөлүйүөнтэн тахса бэчээттэммит лиистэри бырахпыта.
Сергей Александрович 1942 сыл муус устар 29 күнүгэр уочараттаах байыаннай сорудаҕы толоро сылдьан, салгыҥҥа саахал түмүгэр өлбүтэ. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата өлбүтүн кэннэ 1942 сыл бэс ыйын 20 күнүгэр иҥэриллибитэ. Ленин, Кыһыл Знамя уордьаннарынан, мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Дьоруой аатын Лаптевтар муораларыгар бухта уонна Үөһээ Халыма улууһун Зырянка бөһүөлэгин уулуссата сүгэллэр.
Оттон «Юбилейнай» туруупка сиригэр-уотугар булуллубут бөдөҥ ювелирнай алмааска Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Семен Васильевич Достовалов аата иҥэриллибитэ. Октаэдр-ромбододекаэдр араҕас дэгэттээх дьэҥкир кристалл 55,26 карат ыйааһыннаах. Семен Васильевич Достовалов сэрии иннигэр Алдан көмүһү хостуур бириискэлэригэр үлэлээбитэ. Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр 1942 сыл муус устарга Алдан оройуоннааҕы военкоматынан ыҥырыллыбыта. Рядовой, 4-с Украина фронун 1-кы гвардейскай аармыйатын 242-с хайа-стрелковай дивизиятын 900-с хайа стрелковой полкатын пулеметчига Кавкаһы, Севастополь куораты, Украинаны, Польшаны босхолооһуҥҥа кыттыбыта.
Бүлүмүөтчүк Семен Достовалов 1944 сыл балаҕан ыйын 22-24 күннэригэр Польша уонна Чехословакия кыраныыссаларыгар Ясель нэһилиэнньэлээх пуун уонна Кичер хайа оройуонугар дьоруойдуу хорсун быһыыны көрдөрбүтэ. Манна 1-кы гвардейскай аармыйа Чехословакия оккупаннарын утары турбуттарга көмөҕө Дуклинскай уҥуор тоҕо анньан тахсыбыта. Кини бүлүмүөтэ өстөөҕү уонна тиэхиньикэлэри куоһарбыта. Аҥаардас балаҕан ыйын 24 күнүгэр кыргыһыыга 60-ҥа тиийэ гитлеровеһы сэймэктээбитэ, өстөөх илиитигэр киирбит тааҥкаттан көмүскэнэр 3 сэби-сэбиргэли былдьаабыта.
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата өлбүтүн кэнниттэн 1945 сыл кулун тутар 24 күнүгэр иҥэриллибитэ. Ленин, Аҕа дойду Улуу сэриитин I истиэпэннээх уордьаннарынан, мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Дьоруой аатынан Алдан уонна Нерчинскэй куораттар уулуссалара ааттаналлар, Нерчинскэйгэ пааматынньык туруоруллубута.
Салгыы алмаастарга М.С.Жадейкин, М.М.Космачев, К.К.Краснояров, Г.Д.Кузнецов, В.Д.Лонгинов, М.В.Лорин, А.А.Миронов, В.В.Павлов, И.П.Папышев, Е.Д.Парахин, В.В.Сапожников, И.Н.Симаков, М.М.Стрекаловскай, В.Н.Стрельцов, М.П.Тепляков, Н.Н.Чусовской, Г.И.Шавкунов, И.Г.Шаманов ааттара иҥэриллибиттэрэ.
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр өйдөбүнньүк
Саха сириттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын ааттарын 25 бөдөҥ алмааска иҥэрии туһунан сэртипикээттэри АЛРОСА бырабылыанньатын дириэктэр-бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванов Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаевка 2020 сыл балаҕан ыйын 12 күнүгэр туттарбыта.
Онуоха Сергей Иванов хампаанньа 1959 сылтан Саха сирин сэдэх алмаастарыгар ааттары биэрэр үгэһи өйүүрүн тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Саха сиригэр Патриотизм сылыгар ааспыт Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 75 сылыгар 20 бөдөҥ алмааска Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдарын аата иҥэриллибитэ, өссө бу иннинээҕи сылларга 5 сыаналаах алмаас дьоруойдар ааттарын ылбыта.
Ити кэмҥэ: «Кырдьаҕас көлүөнэ байыаннай уонна үлэҕэ хорсун быһыылара биһиги бары ыарахаттары туоруурбутугар күүһү-уоҕу биэрэр. Кинилэр булгуруйбат дьулуурдарыттан, төрөөбүт дойдуларыгар тапталларыттан биһиги инникигэ эрэли уонна өрө көтөҕүллүүнү ылабыт. Биһиги куруук өйдүөхтээхпит: биһиги – Арассыыйа олохтоохторобут, дьоруойдар ыччаттарабыт, кинилэри салҕааччыларбыт. Биһиги эбээһинэспит, кинилэр иннилэригэр эппиэтинэспит – төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбитин уонна дойдубутун салгыы сайыннарыы”, – диэн эрэгийиэн баһылыга Айсен Николаев эппитэ.
Айсен Николаев бэйэтин этиитигэр «биһиги туоһу буола сылдьар кэрэхсэбиллээх түгэммит АЛРОСА АХ уонна өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын үтүө сыһыаннарынан баар буолбутун» бэлиэтээбитэ. Эрэгийиэн баһылыга өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар АЛРОСА хампаанньа үлэлиир сиригэр-уотугар хостонор 100 бөдөҥ алмааска Саха сирин 100 уһулуччулаах олохтооҕун аатын иҥэрэр туһугар, Сергей Сергеевич Ивановка бу бырайыагы олоххо киллэрэргэ эппитин туһунан кэпсээбитэ. Бу этии өйөнүллүбүтэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 75 сылыгар бу бырагырааманан алмаастарга Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдарын ааттарын иҥэрэргэ быһаарбыттара. Айсен Николаев өйөбүллэрин иһин хампаанньаҕа, Сергей Ивановка тус бэйэтигэр махтаммыта, “Саха сирин судаарыстыбаннаһын 100 сылыгар 100 анал ааттаах алмаас” патриотическай тыыннаах бырайыакка АЛРОСА кыттыытыгар үрдүк сыанабылы биэрбитэ уонна алмаастар репликалара (куоппуйалара) Дьоруойдар төрөөбүт дойдуларын уонна сэриигэ барбыт оройуоннарын мусуойдарыгар бэриллиэҕин туһунан эппитэ.
«АЛРОСА дойдута – Саха сирэ, биһиги хампаанньабыт өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар мэлдьи улахан ытыктабылынан сыһыаннаһар. Биһиги өрөспүүбүлүкэ элбэх омуктаах норуотун уһулуччулаах бэрэстэбиитэллэрин – аныгы Саха сирэ атаҕар туруутугар уонна сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит дьон өйдөбүнньүгүн кэриэстиибит. Ол иһин, биһиги Айсен Сергеевич бу көҕүлээһинин өйүүртэн үөрэбит.
Биһиги дойдубут алмааһы хостуур салаатын фронтовиктар, Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдара Владимир Акимович Колбунов уонна Виктор Михайлович Кузьмин тэрийсибиттэринэн киэн туттабыт. Өссө түөрт фронтовик бэйэтин дьоруойдуу үлэтин иһин Социалистическай Үлэ Дьоруойун үрдүк аатын ылбыта. АЛРОСА-ҕа үлэлээбит атын бэтэрээннэр эмиэ эйэлээх кэмҥэ үлэҕэ ситиһиилэрин иһин үрдүк судаарыстыбаннай наҕараадаларынан бэлиэтэммиттэрэ. “Алмаас” диэн тыл грек тылыттан «тулхадыйбат» диэн өйдөбүллээх. Кини үйэ тухары баар буолуон сөп. Анал ааттаах алмаастарга Саха сирин уһулуччулаах дьонун – Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдарын, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэллэрин тустарынан өйдөбүнньүгү хаалларарбыт дьоһун суолталаах, кэрэхсэбиллээх. Бу өйдөбүнньүк көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ турдун уонна үйэлээх буоллун”, – диэн Сергей Иванов сэртипикээттэри туттарыы сиэригэр-туомугар эппитэ.
Ону таһынан, былырыын АЛРОСА – анал ааттаах алмаастар чопчу куоппуйаларын оҥорбута уонна РФ-га Өйдөбүнньүк уонна Албан аат сылын, Саха сиригэр Патриотизм сылын түмүктүүр дьаһаллар чэрчилэринэн Саха сирин баһылыгар туттарбыта. Саха сирин буойуннарын чиэһигэр ааттаммыт алмаастаах репликалар анал экспозициялара 2020 сылга Дьокуускайга Ем. Ярославскай аатынан устуоруйа судаарыстыбаннай мусуойугар арыллара былааннанар. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээбитинэн, инникитин алмаастар дьоруойдар фроҥҥа ыҥырыллыбыт улуустарын мусуойдарыгар хараллыахтара.
Социалистическай Үлэ Дьоруойдара
АЛРОСА хостообут бастакы алмааһа, «Саха сирин судаарыстыбаннаһын 100 сылыгар 100 анал ааттаах алмаас” бырайыак чэрчитинэн, 2021 сыл тохсунньутун саҥатыгар Социалистическай Үлэ Дьоруойа Василий Кладкин аатынан ааттаммыта.
«АЛРОСА «Юбилейнай» туруупка сиригэр-уотугар хостообут 60,35 карат ыйааһыннаах бөдөҥ алмааһа Социалистическай Үлэ Дьоруойа Василий Михайлович Кладкин чиэһигэр ааттанна. Бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр Василий Кладкин 90 сааһын туолуох этэ”, – диэн иһитиннэриигэ этиллибитэ.
Василий Кладкин 1931 сыллаахха Чурапчы оройуонугар төрөөбүтэ. 28 сылтан ордук кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ инники иһээччилэртэн биирдэстэрин, “Томпо” сопхуоһу салайбыта. Кини хаһаайыстыбатыгар табаны иитии быраактыкатыгар саҥа ньымалар уонна технологиялар бырамыысыланнай хабаанынан аан бастаан туһаныллыбыттара, табаны иитии материальнай-тиэхиньиичэскэй баазата биллэ бөҕөргөтүллүбүтэ. Уһулуччулаах ситиһиилэрин иһин, Кладкиҥҥа Социалистическай Үлэ Дьоруойун, САССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин ааттара иҥэриллибиттэрэ, икки төгүл Ленин уордьанынан, Кыһыл Знамя уордьанынан уонна “Бочуот бэлиэтинэн” наҕараадаламмыта.
“Саха сирин судаарыстыбаннаһа 100 сылыгар 100 анал ааттаах алмаас” бырайыак 2020 сылга диэри салҕанарын санатабыт. Аныгыскы түһүмэххэ бөдөҥ ювелирнай алмаастарга устуоруйа кэрэһиттэрин, Социалистическай Үлэ дьоруойдарын, уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэллэрин, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбит айар уонна наука интэллигиэнсийэтин бэрэстэбиитэллэрин, номоххо киирбит быраастар, учууталлар, спортсменнар ааттара иҥэриллиэхтэрэ.
АЛРОСА пресс-сулууспатын суруйуутуттан тылбаас
Пресс-сулууспа хаартыскалара