Саха сирин саамай эдэр истилииһэ — Кира Тарасова

03.09.2021
Бөлөххө киир:

Үөрэнээччилэр араас идэҕэ холонон көрөр буоллулар. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт — 15 саастаах Кира Тарасова. Кини Дьокуускай куорат 5-с нүөмэрдээх оскуолатыгар тохсус кылааска үөрэнэр. Кира өрөспүүбүлүкэбитигэр номнуо биллэр истилиис, муода туһунан кэпсиир блогер буолар. Мин Киралыын хас да бырайыакка бииргэ үлэлээбиппит. Онно кини идэтигэр олус эппиэтинэстээҕин уонна ураты көрүүлээх, туспа буочардаах истилиис буоларын бэлиэтии көрбүтүм.

Саайтпыт ааҕааччыларын кытта кэпсэтиибитин үллэстэбин.

— Кира, бэйэҥ тускунан кэпсээ эрэ. Муода эйгэтин хаһааҥҥыттан сэҥээрэҕин?

— Мин Кира Тарасова диэммин, 15 саастаахпын. Истилииспин уонна фэшн-блогербын. Ону таһынан үҥкүүлүүрбүн, уруһуйдуурбун, көмпүүтэргэ оонньуурбун ордоробун.

2020 сыллаахха Саха сириттэн төрүттээх Арассыыйа биллэр истилииһин Гала Борзова маастар-кылааһыгар сылдьан, төрөппүттэрбэр кини куурсун бэлэхтииллэригэр көрдөспүтүм. Онон киниэхэ үөрэнэн, муода кэрэ киэҥ эйгэтин сэҥээриим саҕаламмыта. Салгыы Екатеринбург куоракка баар Имидж уонна истиил үрдүкү оскуолатыгар, итиэннэ Дьокуускай куорат биллэр истилиистэригэр Светлана Ховроваҕа уонна Дарья Соколоваҕа үөрэммитим. Кэлин Арассыыйа биллэр дизайнерын, истилииһин Александр Рогов маастар-кылааһыгар сылдьыбытым. Өрөспүүбүлүкэ, дойду, аан дойду таһымнаах показтарга, куонкурустарга кыттабын уонна онтон элбэххэ үөрэнэбин. Билигин Светлана Ховрова хамаандатыгар истилииһинэн уонна хаартыскаҕа түһэрэр, видеоҕа устар, контент оҥорор устуудьуйа арыйан үлэлэтэбин.

Мин фешн-устууларга үлэлиирбин ордоробун. Оттон анал-стайлинг үлэлииргэ дьону кытта сатаан кэпсэтэр уонна психолог буолуохха наада дии саныыбын. Мин оҕобун, ол иһин билигин арыый да эрдэ дии саныыбын. Онон устууларга үлэлиирбин сөбүлүүбүн.

Бастакы улахан бырайыакпынан «Arctic Fashion Show 2020» буолар. Манна мин истилиис быһыытынан үлэлээбитим. Бастаан долгуйбутум, ол эрээри бэйэбэр эрэллээх этим. Бу тэрээһин уратыта диэн, манна оскуола оҕолорун идэтийбит дизайнердары, истилиистэри, тэрийээччилэри кытары тэнҥэ үлэлэппиттэрэ. Маннык хардыылар олус наадалар дии саныыбын, тоҕо диэтэххэ оҕолор элбэххэ үөрэнэллэр, сайдаллар уонна уопут ылаллар. Ону таһынан үлэ дьиҥ «куукунатын» иһиттэн боруобалаан көрөллөр.

Биир улахан ситиһиим “Mercedes-Benz Fashion Week” диэн Москваҕа буолар муода көрдөрүүтүгэр дизайнер Za-za кыттарыгар Светлана Ховрова көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитим буолар. Онно кыттааччылары таҥыннарарга көмөлөспүтүм. Бу миэхэ улахан үөрүйэх буолбута.

— Кира, эн социальнай бырайыактары онороргун билэбин. Ол туһунан кэпсээ эрэ.

— Социальнай темалары олус интэриэһиргиибин. Баар кыһалҕалары видеоҕа устан, улахан дьонҥо көрдөрүөхпүн баҕарар сыалтан инстаграм-аккауммар угабын. Бүтэһик устубут социальнай ролигым «Марионетка» диэн. Ардыгар төрөппүттэр оҕолорун бэйэлэрин баҕаларын хоту олордоллорун ордороллор. Холобура, «маннык үөрэххэ киирэҕин, маны гынаҕын, итини оҥорбоккун» диэн хааччахтыыллар, хонтуруоллууллар уонна тус көҥүлэ суох оҥороллор. Онон бу видеолар төрөппүттэргэ оҕо бэйэтэ баҕа санаалаах, сыаллаах, туспа киһи буоларын санатар, оҕолорун санаатын истэллэригэр туһаайыллаллар.

— Оскуолаҕа ханнык уруоктары сөбүлүүгүн? Оскуола саастаах оҕолор үөрэнэ сылдьан идэнини баһылыылларын туох дии саныыгын?

— Математика, физкултуура, уруһуй, черчение, аан дойду уус-уран култууратын, технология биридимиэттэрин ордоробун.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан идэни боруобалаан көрөр ордук дии санаатым. Тоҕо диэтэр, оҕо инники идэтин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан боруобалыыр, сөбүлээтэҕинэ ис-иһигэр киирэн, саҥаны билэр, элбэххэ үөрэнэр. Оттон сөбүлээбэтэҕинэ эбэтэр сатамматаҕына, салгыы санаата сытар идэтин боруобалыыр. Мин бэйэбин боруобалаан көрөн, фешн-истилиис идэтин буллум. Аны туран бэйэм олус килбик уонна интроверт киһибин. Инники идэбин боруобалыыр кэммэр бэйэбин арыйдым, дьону кытта аһаҕастык, кыбыстыбакка кэпсэтэн үлэлииргэ, саҥарарга үөрэнним. Биллэн турар, төрөппүттэрим, дьонум, аймахтарым күүскэ өйүүллэр, итэҕэйэллэр. Ол олус көмөлөһөр, мин кинилэргэ наһаа махтанабын. Оскуолабын бүтэрэн баран Москваҕа дизайнер үөрэҕэр туттарсыахпын баҕарабын. Ылбыт билиибин манна Дьокуускайга аҕалан туһанар былааннаахпын. Биһиги норуоппут олус кыраһыабай, тупсаҕай уонна интэриэһинэй таҥастаахпыт. Ону үгэһи кытта дьүөрэлээн аныгылыы моһуоннаан ыччакка аналлаах таҥаһы айыахпын баҕарабын.

— Биһиги ааҕааччыларбытыгар, сурутааччыларбытыгар тугу баҕарыаҥ этэй?

— Бастатан туран, хас биирдии киһиэхэ кытаанах доруобуйаны баҕарарбын. Туохтан да куттаммакка, бэйэҕэ эрэллээх буолуҥ! Күн аайы саҥаны билэргэ-көрөргө дьулуһуҥ уонна сайдыҥ!


Кырдьык да, ыччат да, улахан да дьон «бэйэбин көрдүүбүн, араас идэҕэ холонон көрөбүн» диэн сонньуйаллара баар суол. Онон Кира олоххо көрүүтэ, санаалара олус оруннаахтар уонна суолталаахтар. Маннык курдук холобурдар барыбытын толкуйдаттыннар уонна сөптөөх быһаарыныыны ыларбытыгар көмөлөстүннэр.

Эдэр талааннаах оҕобутугар — Кираҕа өссө да үрдүк ситиһиилэри, интэриэһинэй уонна чаҕылхай инникини баҕарабыт!

Анастасия АЛЕКСЕЕВА, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0