Олунньу 14-17 күннэригэр Саха сирин үөрэнээччилэрин делегацията ХНТ (Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрэ) Москватааҕы мадьыалын тэрээһинигэр кытыннылар. Бу делегацияҕа Дьокуускай куорат классическай гимназиятын, Марха уонна Өктөм орто оскуолаларын үөрэнээччилэрэ киирдилэр. Оҕолор бары оскуолаларын иһинэн үлэлиир “Я и право” уонна “Фемидовцы” оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын кулууптарын чилиэттэрэ эбиттэр.
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыата, https://edersaas.ru
Оҕолору киин куоракка классическай гимназия историятын уонна обществознаниетын учуутала, “Фемидовцы” оскуолатааҕы ХНТ мадьыалын салайааччы Анастасия Семеновна Слепцова уонна Таатта улууһун Ытык-Күөл орто оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы, Саха сиринээҕи ЮНЕСКО кулуптарын ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Иван Евсеевич Будикин сырыттылар.
Анастасия Семеновна Слепцова, делегация салайааччыта:
— ХНТ Москватааҕы оскуола мадьыалын тэрээһинигэр нацизмы, расизмы утары охсуһуу, «Ядерная программа КНДР» куттала суох буолуу сэбиэтин, экэнэмиичэскэй, социальнай сэбиэт уонна киһи быраабын тула кэпсэттилэр. Оҕолор нуучча тылынан эрэ буолбакка, Англия тылынан эмиэ тэҥнээхтэрин кытта санааларын үллэһиннилэр. Маны таһынан, ХНТ мунньаҕын мадьыалын резолюциялааһыҥҥа эмиэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыата, https://edersaas.ru