Саха сирин үрдүнэн 18 ойуур баһаара умайар

Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү туругунан,  Саха сирин  үрдүнэн 18  ойуур  баһаара  баар, ааспыт сууккаҕа 8 уот умуруоруллубут, ити 10 863 гектарга тэҥнэһэр. Саҥа баһаар туруута суох.   Баар уоту умуруорууга 214 киһи уонна 51 тиэхиньикэ үлэлиир.  

Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат. Арай, Бүлүү улууһугар  бохсуллубут  ойуур баһаара умайар.  Уус Маайа улууһугар баар уоттары умуруорууга күүстээх үлэ ыытыллар.  Саха сиринээҕи авиабаза дааннайынан,  улууска ойуур баһаарын 5 көрдүгэнэ баара биллэр. Балары умуруорууга 109 киһи уонна 15 анал тиэхиньикэ үлэлиир.

«Нэһилиэнньэлээх пууннарга ойуур баһаара суоһаабатыгар аналлаах үлэни ыыттыбыт, онон  нэһилиэктэргэ уонна экэнэмиичэскэй суолталаах эбийиэктэргэ  кутталы үөскэппэттэр. Бүлүү улууһун Үгүлээтигэр  ойуур баһаарын чугаһаппат сыалтан  РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга  министиэристибэтин исписэлиистэрэ үлэлээтилэр. Бүгүн  «Полярные авиалинии» авиа-хампаанньа  5 көтөр аала үлэлиэхтэрэ. Итини тэҥэ,  Хабаровскайдааҕы авиационнай-быыһыыр киинин Ми-8 бөртөлүөтэ  үлэлииргэ бэлэм», – диэн  РФ ЫБМ  Саха сиринээҕи управлениетын начаалынньыга  Павел Гарин иһитиннэрдэ.

СИА матырыйаалынан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0