Саха сирин олохтоохторо «Россельхозбаан» көмөтүнэн олорор усулуобуйаларын тупсараллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Россельхозбаан» Саха сиринээҕи салаата сыл саҕаланыаҕыттан 670 мөл. солк. суумалаах 163 ипотека кирэдьиитин биэрдэ.

edersaas.ru

Кирэдьиити сүрүннээн саҥа тутуллар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн кыбартыыра атыылаһааччылар итиэннэ тыа сиригэр дьиэ туттааччылар ыллылар. Бу кэм устата 20 ыал олорор усулуобуйатын тупсарынна.

Кэлиҥҥи кэмҥэ куорат олохтоохторо куорат таһыгар учаастак ылан, дьиэ туттар буоллулар. Биһиги бааммытыгар ити курдук бырагыраамалар элбэхтэр, ийэ хапытаалын туһаныы эмиэ көрүллэр, ким интэриэһиргээбит биһиги официальнай саайпытыгар билсиэххитин эбэтэр офистарбытыгар кэлэн ыйыталаһыаххытын сөп, — диир «Россельхозбаан» Саха сиринээҕи салаатын ипотекаҕа отделын салайааччы Герасим Васильев.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0