Саха сирин ойууругар ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэрилиннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сирин баһылыга ойуур баһаардарыттан сылтаан ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин олохтуур туһунан ыйаахха илии баттаата. Бу туһунан быһа кэпсэтии кэмигэр Саха сирин нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков соцситимнэргэ иһитиннэрдэ.

«Бүгүн өрөспүүбүлүкэ баһылыга ойуурга эрэгийиэн таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин олохтуур туһунан ыйаахха илии баттаата. Онон сибээстээн ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын уорганнарыгар эмиэ олохтонно», — диэтэ Лепчиков.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0