Владивосток куоракка баар бүтүн Россиятааҕы «Океан» оҕо киинэ үлэтин түмүгүнэн Саха сирин оҕолоро КВН фестивалыгар l миэстэни ыллылар. Смена бүгүн түмүктэннэ.
Барыта Россия 20 регионуттан 26 хамаанда кытынна. Саха сирин чиэһин көмүскээбит “Честность” сүүмэрдэммит хамаанда кыайыылааҕынан таҕыста.
Лена Андреева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хамаандаҕа Дьокуускай куорат, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Ньурба оҕолоро киирдилэр.
Кинилэр бэйэлэрэ этэллэринэн, маннык фестивалларга сылдьаннар сайдан, интириэһинэйи сэргээн, билэн-көрөн, атын регион оҕолорун кытта билсэн, доҕордоһон кэлэллэр.
Лена Андреева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1