Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын былааҕа Ньурбаҕа айаннаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Биир өттүттэн бэрт уһун, атын өттүттэн олус кылгас тыҥааһыннаах нэдиэлэ биһиги дойдубутугар буолан ааста. Улуус олохтоохторо өр кэм устата биир киһи курдук турунан бу тэрээһини оҥордубут, бэлэмнээтибит. Бараабыт сырабыт уон оччонон төнүннэ, улууспут аатыттан кыттыбыт спорсменнарбыт киһи сөҕөр ситиһиилэринэн дойдубутун аатыртылар! Бу оонньуулар ыалдьыттар, кыттааччылар сүрэхтэригэр умнуллубат үтүө өйдөбүл буолан хаалыа диэн эрэнэбин!” — диэн Уус Алдан баһылыга Алексей Федотов биир дойдулаахтарын, ыалдьыттарын Спартакиада сабыллыытыгар эҕэрдэлээтэ.

Тэрээһин үөрүүлээх сабыллыытыгар улуус баһылыга биир дойдулаахтарын аатыттан сүүрүүк Артур Бурцевка 1 мөлүйүөн солкуобайы, теннисчит Василий Румянцевка Toyota Wish массыына күлүүһүн туттарда.

Оонньуулар Уус Алдаҥҥа түмүктэммиттэрин туоһулаан Алексей Федотов Спартакиада былааҕын Ньурба улууһун делегациятыгар туттарда. Ньурбалар делегацияларын салайааччыта Ньурба улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Евсеев 2027 сылга ыытыллар аныгыскы Саха сирин Норуоттарын оонньууларын үрдүк таһымнаахтык ыытар туһугар үлэ бу күннэртэн саҕаланалларын мэктиэлээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0