Саха сирин норуоттарын оонньууларын бырайыагар 18 успуорт көрүҥэ киирдэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
СИА хаартыската.

IX Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын бырайыага оҥоһуллан успуорт федерацияларыгар сөбүлэҥҥэ ыытылынна диэн иһитиннэрдилэр.

Санатан суруйдахха, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан оонньуулар бүтэһик түһүмэхтэрэ 2027 сылга Ньурбаҕа от ыйын 7-11 күннэригэр буолуохтара.

Киэҥ ыҥырыылаах успуорт тэрээһинигэр бэлэмнэнии боппуруостарын бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников ыыппыт тэрийэр хамыыһыйа мунньаҕар көрдүлэр.

Сүрүн күрэхтэһиилэр 2026-2027 сылларга ыытыллыахтара. Барыллаан оонньуулар бүтэһик түһүмэхтэригэр 6,3 тыһыынча киһи өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын кыттыаҕа.

Оонньууларга бэлэмнэнии чэрчитинэн саҥа эбийиэктэр тутуллуохтара, суоллар уонна социальнай суолталаах эбийиэктэр өрөмүөннэниэхтэрэ. Билиҥҥитэ 3000 миэстэлээх стадион акылаата түһэн турар, эбии тутуу матырыйааллара бэлэмнэнэллэр.

Мунньахха Сергей Местников тутуулар бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуоннарын сөпкө, кэмигэр оҥорорго соруйда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0