САХА СИРИН КУЛТУУРАТЫН САЛАЙААЧЧЫЛАРЫН СҮБЭ МУННЬАҔАР

Бөлөххө киир:

Култуура үлэһиттэрин күнүн көрсө Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччыта Владислав Левочкин, СӨ Норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Сергей Семенов салайааччылардаах Саха сирин култууратын 21 салайааччылара (начальниктара) Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыалдьыттаан, Аллараа Бэстээххэ кэскиллээхтик үлэлии турар Олоҥхо дьиэтигэр киирэн Илгэлээх Испирдиэн алгыһын ылынныбыт, ону кытта олоҥхоһут Гаврил Колесов аатын үлэтин үйэтитиигэ ыҥырыы туттубут.

Салгыы Майаҕа «Алроса» хампаанньа көмөтүнэн тутуллубут сабыс-саҥа Дмитрий Ходулов аатынан култуура киинин көрдүбүт, үлэлэрин билистибит. Култуура киинин салайааччыта Кыталык Баһылай дьиэтин-уотун сирдьиттии сылдьан дойдутун, култуура эйгэтин туһунан элбэҕи кэпсээтэ. Ол кэннэ сүбэ мунньахпыт саҕаланна. Владислав Левочкин истиҥ эҕэрдэтин этэн туран буолаары турар улахан тэрээһиннэри бэлиэтээтэ.

Ол курдук, муус устар 27 күнүгэр Саха сирин үрдүнэн оһуокай төрүттэнэр, манна улуус барыта кыттыыны ылыаҕа. Муус устар 29 күнүгэр «Өрөспүүбүлүкэ Өрөгөйө» диэн улахан тэрээһин ыытыллыаҕа, бу тэрээһининэн улуус аайы киинэ тыйаатырдарынан быһа эпиир олохтонуохтаах. Ону таһынан национальнай бырайыакка улахан болҕомтону ууран бу үлэ кэмигэр түмүктэнэн ситиһиилээх буоллун диэн сүбэлээтэ. Министерство кэскиллээх этиитин кэнниттэн  Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын социальнай үлэҕэ солбуйааччы Мирон Свинобоев эҕэрдэлии көрүстэ. Салгыы пленарнай мунньаҕы Дмитрий Аргунов «Пушкинскай каарта» туһунан иһитиннэриинэн саҕалаата. 14-22 саастаах ыччаттар култуура эйгэтигэр сылдьалларын ситиһии тутулунан үлэлиир тосхол буолар. Тохсунньу 1 күнүттэн 2022 сылга каарталар 5000 солк. толорулуннулар, мэҥэлэр кулун тутар 3 күнүттэн бу каартаны 1 тэрээһиҥҥэ тутубуттар. Сахалыы киинэлэри пушкинскай каарта реестрыгар киллэриҥ диэн санаатын эттэ. Бу тиэмэҕэ видеоролик оҥорбуттара элбэҕи кэпсиир. Бүлүүттэн Алена Дашевская култуура тэрилтэлэрэ эргэрдилэр, маныаха «Культурная среда» нацбырайыак көмөтүнэн икки эбийиэк тутулла турар: Тааһаҕар «Эйгэ» култуура киинэ, 84 мөл. 298 солк. (фед., респ. бүдьүөттэн). Иккиһинэн Тыымпы «Ырыа түһүлгэтэ» култуура киинэ. Аны Өкүндэ кулуубун туруорсаллар, Искусство оскуолатыгар оборудования ыларга 6 мөл., Кыргыдайга о.д.а. култуура тэрилтэлэригэр эмиэ оборудования ыларга үп харчы көрүллүбүт. Уус Алдантан Иннокентий Аммосов «Цифровая культура» хараҕа көрбөт дьоҥҥо тиийэ үлэлиирэ кэрэхсэттэ, аны бу тутулу бары өттүнэн көрдөрүүтүн кэтээн көрө олороллор. Үгүс дьон 90,5 % төлөпүөнтэн көрөллөр эбит. Аны АХШ, Кореяттан, Кытайтан о.д.а. сирдэртэн күннэтэ көрө олороллоро үөрдэр. «Сүдү киһиэхэ сүгүрүйэн», кэнсиэртэр көрүүлэрэ үрдүк. Булуҥтан Ольга Горохова кэпсээбитинэн кииҥҥэ баар култуура уонна спорт киинэ дискотнай (элбэх оҕолоох ыалларга) уонна ГТО каартатын туттар эбит. Модельнай бибилэтиэкэҕэ 5 мөл. нацбырайыагынан ылан үлэ ыытар. Хаҥаластан Фекла Варламова модельнай бибилэтиэкэтин бэртээхэйдик саҥарар-иҥэрэр оҕолорунан сонун быһыытынан аныгы, бары өттүнэн хааччыллыылаах бибилэтиэкэни билиһиннэрдилэр. Үс эрэ сыллааҕыта дойдубут киинигэр Москваҕа баар бибилэтиэкэлэри ымсыыра көрөр буоллахпытына биһиэхэ эмиэ маннык тэрилтэлэр баар буолбуттара астык. Мэҥэ Хаҥаластан Зоя Шарина ыччаты Р.Г.Васильев аатынан краеведческай түмэлгэ хартыынанан быыстапка элбэҕэ кэрэхсэтэр, «Үйэлэргэ өйдөбүнньүк» кинигэ таһааран үлэтин үйэтитэр, Геройдарын тула күүскэ ыыталлар. Эр санаа уруоктара, лааҕырдар тэриллэллэр. Сылга 200 экскурсия тэриллэр. Мэҥэ Хаҥалас киин бибилэтиэкэтин салайааччыта Елизавета Корнилова иһитиннэриитинэн Нөөрүктээйи бибилэтиэкэтигэр нацбырайыагынан 5 мөл.көрүллэн үлэ барар. Гранынан үлэлээн араас тэрээһин ыытыллар. Аудио кинигэлэри оҥорон таһаараллар. Култуура министерствотыттан Вера Моисеева «Наше наследие» республикатааҕы көрүү-күрэс, ирдэбиллэрин, сыалын туһунан кэпсээтэ. Алдантан Анастасия Помалейко улууска патриотическай тэрээһиннэр, Сунтаартан Мария Кобельянова — Тускулаана дойдуга, төрөөбүт тылга бэриниилээх, култуураны сайыннарарга туох үлэ барарын үллэһиннэ.

Чурапчыттан Дмитрий Попов икки сыллаах, аныгы көрүүлээх үлэни сырдатта, манан диэн этэххэ «Айылгы» КК Россия бастыҥ киин сиргэ үлэлиир култуура тэрилтэтинэн буолар. Мунньах түмүгүнэн этиилэр: «Битва начальников» грант биллэрии, култуура дьиэлэригэр аныгы таһымнаах үлэһиттэри иитэн таһаары, структураҕа көрүү, пушкинскай каартаҕа сахалыы киинэлэри киллэрии буолла. Салгыы куоракка кэлэн Эстрада тыйаатырыгар миниистирбитин Юрий Куприяновы кытта көрсөн атах тэпсэн олорон кэпсэттибит. Салайааччыбыт ирдэбиллэрэ ууну-хаары эрдибэккэ чуолкайа үөрдэр уонна бэйэтин көрүүтүнэн ыйан-кэрдэн биэрэрэ сөхтөрөр. Ол курдук «Култуура» нац.бырайыагынан үлэлэр хас биирдии улууска хайдах бара турарын арылхайдык билэн-көрөн ыйытыктары сытыытык туруорда. Ол кэннэ хамнас орто кээмэйигэр болҕомто ууран сөптөөх хайысханан үлэлээҥ диэн сүбэлээтэ, киинэ тыйаатырдара быстан-ойдон хаалбакка үлэлэрэ кэскиллээхтик барарыгар көмө баар буолуоҕа, этиилэрдэ оҥоруҥ диэн ыҥырда уонна буолаары турар тэрээһиннэринэн ыйга биирдэ ВКС нөҥүө эһигинниин кэпсэтэ, мунаарар ыйытыктаргытыгар хоруйдуу туруом диэн бигэргэттэ.

Көрсүһүү түмүгэр бастыҥ үлэлээх салайааччылары (Бүлүү, Булуҥ, Чурапчы, Алдан, Өлүөхүмэ, Сунтаар) бэлиэтээн махтал сурук уонна сибэкки дьөрбөтүн бэлэхтээн долгутта. Ол иһигэр Сунтаар улууһа ааттанан дьоллоннум. Бу кэннэ республика аатаах култуура үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин кытта бииргэ олорон чалбараҥ тэрийэн култуура күнүн көрсөр үтүө түгэни үөрүү көтөллөөх түмүктээтибит.

Мария КОБЕЛЬЯНОВА — ТУСКУЛААНА, Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0