Саха сиригэр киргизтэр, таджиктар элбэхтэр…

02.03.2017
Бөлөххө киир:

Cыллата судаарыстыбаннай кыраныыссаны туорааччылар ахсааннара улаатан иһэр. Квота аҕыйаабытын да үрдүнэн, сокуону кэһэн туран кыраныыссаны туораан, саһа сылдьан үлэлээччилэр элбэхтэр. Уонча сыллааҕыта биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 20-чэ тыһыынча киһи миграционнай учуокка турар эбит буоллаҕына, бу көрдөрүү билигин хас да төгүл улаатта. Муҥутуур элбэх көрдөрүү 2014 сыллаахха бэлиэтэммитэ. Ол курдук, 78067 омук миграционнай учуокка хабыллыбыта. Ол эрээри, бу сыыппара тастан кэлэр дьон ахсааннара буоларын курдук өйдүө суохха наада. Бу аҥаардас учуокка туруу ааҕыллыыта. Холобур, омук сириттэн кэлээччи аан бастаан учуокка Дьокуускай куоракка кэлэн турар, онтон салгыы улууска регистрацияланар. Онон биир сыл иһигэр хаста даҕаны учуокка ылыллыан сөп.

Төһө киһи «үүрүлүннэ»?

Ааспыт сылга миграционнай сулууспа үлэһиттэрэ миграннар үлэлиир, олорор сирдэринэн 4057 эбийиэги кэрийэн бэрэбиэркэ ыыппыттар. «Жилой сектор» рейд чэрчитинэн, 1851 олорор дьиэ, маны таһынан, атыы-эргиэн кииннэринэн – 253, тутуу эбийиэктэринэн – 396, өҥөнү оҥорор тэрилтэлэринэн – 129, бырамыысыланнас предприятиеларынан – 6, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэринэн – 10 уонна да атын эбийиэктэринэн – 1412 бэрэбиэркэ ыытыллыбыт. Ол түмүгэр, миграция эйгэтигэр административнай быраабы кэһии 4440 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, 1784,2 тыһ. солкуобай суумалаах ыстараап ууруллубут.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0