Саха сирин историятын чинчийээччи Гаврил Андросов судаарыстыбаннас туһунан кэпсиир

27.09.2017
Бөлөххө киир:

Быйыл Саха сирэ Россияҕа холбоспута — 385, автономияны ылбыппыт — 95, билиҥҥи Конституциябыт 25 сылларын бэлиэтиибит. Онон быйыл Судаарыстыбаннаспыт күнүн үс бүк үбүлүөйдээх даатаҕа сөп түбэһиннэрэн көрсөбүт. Судаарыстыбаннаһы билигин биһиги хайдах өйдүүбүт? Түөрт үйэ кэриҥэ Россияны кытары хайдах ыаллаһан олордубут? Автономия, суверенитет биһиэхэ тугу биэрдэй? Бу туһунан “Чолбон” сурунаал сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччы, “Туомтуу тардыы” диэн Саха сирин историятыгар туһуламмыт публицистическэй кинигэ ааптара, Саха судаарыстыбаннаһын чинчийэр Гаврил Андросовтыын итии чэйдээх атах тэпсэн олорон сэһэргэстим.

Агрaфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

— Гаврил, устудьуоннуур сылларгыттан, кэлин суруналыыстыы сылдьан, Саха сирин историятын хасыһан сиһилии үөрэтэҕин. Ити үлэлэргэр тирэҕирэн, “Туомтуу тардыы” кинигэни таһаардыҥ. Судаарыстыбаннас туһунан балай да элбэх суруйуулардааххын. Онно саха баһылыктара уонна интеллигенцията Россия салайааччыларын кытары көрсүһүүлэрэ, норуоттарын интэриэһин көмүскээһиннэрэ дьоһун миэстэни ылар. XVII үйэлэртэн саҕалаан Сахабыт сиригэр туох сүрүн уларыйыылар буолбуттарай?
— Хайыы-үйэ XVII үйэ 70-с сылларыттан ыла сахалар бэйэлэрин бырааптарын быһаарсыбыттара биллэр. Ол курдук, 1676 с. үс саха тойоно – Намтан Мымах сиэнэ Нохто Никин, Хаҥаластан Тыгын сиэнэ, Бөдьөкө Бөҕө уола Маһары, Мэҥэттэн Трека Орсукаев Федор Алексеевич ыраахтааҕыны көрсүбүттэрэ. Ол баран, ыраахтааҕы ыйааҕынан, кыра дьыалалары саха тойотторо бэйэлэрэ сууттуур, дьаһаах хомуйуутугар кыттыһар бырааптаналларын ситиһэн кэлбиттэрэ. Ити дьаһааҕы хому­йар хаһаахтар үтүргэннэрин кыратык сымнатыыга маҥнайгы хардыы этэ.
Салгыы Маһары Бадьыакап 1680 с. Бороҕонтон Чюка Капчиковы, Мэҥэттэн Чугун Бодоевы кытта эмиэ Москваҕа айанныыр. Саха тойотторо иккис туруорсууларын түмүгэр биир дойдулаахтарын бэйэлэрэ салайар кыахтаммыттар. Ыраахтааҕыны икки төгүл көрсүбүт Маһары, тус бэйэтэ «князец» диэн илии баттыыр көҥүлү ылан, бойобуода кэнсилээрийэтигэр тыла-өһө ыйааһыннаммыт. Итинэн сахалар нуучча судаарыстыбатын систиэмэтигэр кыралаан өтөн киирэн испиттэрэ көстөр.
Онтон XVIII үйэ иккис аҥаарыгар сахалар Россия империятын иһигэр бырааптарын туруулаһыыларын саҥа түһүмэҕэ саҕаланар. 1766 с. ахсынньы 14 күнүгэр Екатерина II анал манифеһынан сокуоннары бэрээдэктииргэ уонна реформалары оҥорорго көмөлөһүөхтээх «Уложеннай хамыыһыйа» диэни тэрийэр. Бу хамыыһы­йаҕа империя бары муннугуттан дворяннар, куорат олохтоохторо, судаарыстыбаннай бааһынайдар, православнай таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ уонна нууччаттан атын норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ – барыта 600-тэн тахса дьокутаат киирбит. Көс олохтоох омуктар манна киирэр бырааптара суох эбит. Арай, Хара бытык Маһары удьуора Соппуруон Сыраанап, төһө эмэ Иркутскай күбүрүнээтэрин кэнсилээрийэтэ сахалары көс биис быһыытынан аахпытын үрдүнэн, дьокутаатынан талыллыбыт. Кини быыбардааччыларын накааһынан, дьаһаах төлөөһүнүн түүлээхтэн харчыга көһөрөргө, Хотугулуу-илин буор-босхо ындыы таһыытын тохтоторго, саха тойотторо дьаһааҕы бэйэлэрэ хомуйалларын көҥүллүүргэ уонна, тус бэйэтиттэн эбэн, саха тойотторун быраабын улаатыннарарга туруорсубут. Итинтэн үксэ олоххо киирэн, сахалар бэйэни салайыныыларын олуга ууруллубута.
Аны туран, «Уложеннай хамыыһы­йаҕа» саха дьокутаата Сыраанап үлэлээбитэ 20 сыл буолбутун кэннэ, 1789 с. Бороҕон улууһун кулубата Алексей Аржаков-Сэһэн Ардьакыап Екатерина II императрицаны көрсүбүт. Онно баран кини бэйэтэ оҥорбут «Сахалар тустарынан былаанын» туттарбыт. Бу докумуоҥҥа сахалар уобаластааҕы баһылыктарын дуоһунаһын олохтуур, суобас суутун тэрийэр, олохтоохтор тылларын уонна үгэстэрин билэр ыспыраабынньыктары аныыр, о.д.а. туһунан этиллэр.
— Регион бэйэтин салайыныытыгар 1827 с. тэриллибит Степной Дума эмиэ улахан оруоллаах. Билигин бу хамсааһыны олохтоох бэйэни салайыныы бастакы хардыытын быһыытынан сыаналыыллар.
— Степной Дума, кырдьык, бэйэни салайыныы уоргана этэ. Илин Сибиир генерал-күбүрүнээтэринэн бигэргэтиллэрэ. Сүрүн родоначальнигынан Бороҕон улууһун кулубата Иван Емельянович Мигалкин талыллыбыт. Сэтээтэллэринэн – Хаҥаластан В.Павлов, Боотуруускайтан И.Артемьев, Намтан К.Прокопьев, Дүпсүнтэн Л.Васильев, Байаҕантайтан А.Каленинскай, Мэҥэттэн Я.Березин диэн дьон буолбуттар. Степной Думаны тэрийиигэ Иван Мигалкины сэргэ, Дума кэнсилээрийэтин босхоломмут суруксутунан өлүөр диэри үлэлээбит Хаҥалас кулубата Николай Рыкунов-Ырыкыныап Суруксут улахан өҥөлөөх.
Бу Саха сирин бүттүүнүн буолбакка, билиҥҥи киин уонна илин эҥэр улуустары хабар Дьокуускай уокурук уорган этэ. Кини төһө да уонча сыл эрэ үлэлээтэр (1838 с. Илин Сибиир генерал-күбүрүнээтэрин уурааҕынан тохтотуллубут), Саха сирин демографическай балаһыанньатын үөрэтиигэ, нолуогу тыырыыга, сири үллэриигэ, оҥорууга, Хотугулуу-илиҥҥи сирдэри баһылааһын боппуруостарыгар улахан кылааты киллэрбитэ. Кэрэхсэбиллээҕэ, Бүлүү уокуругун сахалара эмиэ Степной Думаҕа бэйэлэрин боппуруостарын быһаартара кэлэллэрэ үһү. Билигин баар олохтоох салайыныытааҕар быдан үрдүк таһымҥа турара. Кэлин бу тэрилтэни сөргүтэргэ кэлин саха биир үөрэхтээх эдэр киһитэ Егор Дмитриевич Николаев I 1880- сылларга Санкт-Петербурга, Иркутскайга тиийэ туруорса сылдьыбыта.
— Үс үйэ кэриҥэ кэм устата түмүллүбүт уопут барыта сүүрбэһис үйэҕэ кэлэн олоххо киирбитэ диэтэхпитинэ, арааһа, сыыспаппыт буолуо. Биһиги историябытыгар ХХ үйэ саҕаланыыта уһулуччу миэстэни ылар. Бу кэмҥэ сурукпут-бичикпит олохтонон, автономиябыт ылыллан, историябыт биир туспа түһүмэҕэ саҕаланар.
— Саха сирин интеллигенцията бу кэминээҕи уларыйыылары-тэлэрийиилэри, өрөбөлүүссүйэлэри, гражданскай сэриилэри аахсыбакка, Судаарыстыбаннаһы олохтуурга тыынын толук уурарын да кэрэйбэккэ хорсуннук турууласпыта. Бары дьоҕурун да биэрбитэ. Оччотооҕу саха норуотун лидерин быһыытынан Дүпсүн улууһун үөрэхтээҕэ Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүрү ааттыыр сөп. Кини 1906 с. «Сахалар сойуустарын» уонна 1912 с. Туспа-урдус сахалар сийиэс­тэрин салайбыта, 1917-1919 сылларга Саха уобалаһынааҕы Земскэй управаны (билиҥҥи олохтоох салайыныы) тэрийэн бэрэссэдээтэллээбитэ. Кинини сэргэ, Россия дьылҕатын быһаарыахтаах Учредительнай мунньахха Саха уобалаһын дьокутаатынан талыллыбыт Гавриил Ксенофонтов, Федералистар үлэһит сойуустара баартыйа бэрэссэдээ­тэлэ Алексей Широких, автономияны туруорсан «саагыбары тэрийиигэ» буруйдаммыт Роман Оросин, 1922 с. Чурапчыга тэриллибит Быстах кэмнээх Саха уобалаһынааҕы норуот салалтатын (ВЯОНУ) бэрэссэдээтэлэ Георгий Ефимов, 1927 с. үөскээбит «Младоякутская национальная советская социалистическая партия середняцко-бедняцкого крестьянства (конфедералистов)» генеральнай сэкирэтээрэ Павел Ксенофонтов курдук саха саарыннара судаарыстыбаннаспыт сайдыытыгар улахан суолу-ииһи хаалларбыттара.
Манна биир холобуру этэн аһарыахпын баҕарабын. Өрөбөлүүссүйэ кэннит­тэн тута сэтинньи 15 күнүгэр “Россия норуоттарын быраабын декларацията” ылыныллыбыта (кэлин Совнарком Декретинэн бигэргэммитэ). Декларацияҕа Россия Өрөспүүбүлүкэтин Национальностар дьыалаларыгар наркома Иосиф Джугаш­вили-Сталин уонна Совнарком бэрэс­сэдээтэлэ Владимир Ульянов (Ленин) илии баттаабыттар. Бу сүдү историческай суолталаах докумуоҥҥа Россия бары норуоттара омугунан, итэҕэлинэн хааччахтаммакка биир тэҥ бырааптаах, туспа судаарыстыба тэринэр кыахтаах, сайдар кэскиллээх буолуулара ыйыллыбыта.
Автономия боппуруоһун сэбиэскэй кэмҥэ аан бастаан сөргүппүт киһинэн бөдөҥ политическай деятель уонна уһу­луччулаах чинчийээччи Гавриил Ксенофонтов буолар. Кини 1920 с.
Иркутскайга буолбут мунньахха «Саха сиригэр национальнай культурнай автономия наадатын» туһунан тыл көтөхпүт. Автономия боппуруоһун иккиһин көтөҕүү өйөбүлү ылбатах. 1920 с. чекистэр “Атырдьах ыйынааҕы саагыбар” эбэтэр, “Оруоһун саагыбара” диэн ааттаммыт дьыаланы арыйан элбэх саха үөрэхтээхтэрин хаайбыттара.
— Автономияны ылыныы эмиэ олус күчүмэҕэйдик барбыта биллэр.
— Ксенофонтов кэнниттэн Саха сирин хомуньуустарыттан бастакынан үрдүкү таһымҥа сытыытык уонна олохтоохтук автономия боппуруоһун көтөхпүт киһинэн оччолорго күбүөрүнэ ревкомун (губревком) бэрэссэдээтэлинэн, Сибнацка саха подотделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Былатыан Ойуунускай буолар. Кини 1921 с. муус устар 13 күнүгэр Омскай куоракка Россия коммунистическай (бассабыык) партиятын Киин кэмитиэтин Сибиирдээҕи бүрүөтүгэр (Сиббюро) уонна Сибревком Сибнац салаатыгар саха норуота автономияны кэтэһэрин, бэйэтин салайынар кыахтааҕын дакаастыыр дакылаат ааҕар. Түмүгэр бу боппуруоһу хайдах олоххо киллэриэххэ сөбүн туһунан тус көрүүлэрин үллэстибит.
Бу кэмҥэ кинини уонна Бараховы сэргэ, Максим Аммосов киирэн үлэлэһэн барар. 1921 с. алтынньы 3-8 күннэригэр автономия боппуруоһун көрбүт Саха күбүөрүнэтин уезтарын уонна волостарын ревкомнарын I сийиэһэ ыытыллыбыта. Алтынньы 14 күнүгэр Ойуунускай бэрэссэдээтэллээх, Степан Аржаков, Семен Донской I, Георгий Ефимов уонна Леонид Тверской чилиэннэрдээх Саха АССР конституциятын бырайыагын оҥорор, территориятын уонна кыраныыссатын чуолкайдыыр хамыыһыйа тэриллибит. Ити докумуон барыла алтынньы бүтэһигэр оҥоһуллан бүппүт.
Киин былааска бу боппуруоһу туруорсарга БРК(Б)П губбюротун саха секциятын сэбиэдиссэйэ, Бүтүн Россиятааҕы Киин ситэриилээх кэмитиэт (ВЦИК) чилиэнэ Максим Аммосов командировкаламмыт. Кинини кытта бүтүн үлэлиир бөлөҕү тэрийэн ыыппыт буолуохтарын сөп. 1922 с. тохсунньу ортотугар Аммосов Национальностар дьыалаларыгар нарком Сталины көрсөн кэпсэппит.
Тохсунньу 21 күнүгэр БРК(б)П Киин Кэмитиэтин Политбюрота Саха АССР тэриллиитин быһаарарга ВЦИК Президиумугар сорудахтаабыт. Онон 1922 сыл олунньу 16 күнүгэр тахсыбыт ВЦИК уурааҕынан, Саха автономнай сэбиэскэй социалистическай өрөспүүбүлүкэтэ үөскүүр оҥкула охсуллубут. Бу сүдү кыайыы туһунан аан бастаан, официальнайдык Саха күбүөрүнэтин ревкомун бэрэссэдээтэлэ Былатыан Ойуунускай “Манчаары” хаһыат 9-с №-гэр (1922 сыл, муус устар 13 күнэ) “Саха норуота бу күннэргэ тугу оҥоруохтааҕый” диэн ыстатыйатыгар иһитиннэрбитэ.
Дьэ, ол кэнниттэн, муус устар 27 күнүгэр Саха автономнай сэбиэскэй социалистическай өрөспүүбүлүкэтэ тэриллэрин туһунан ВЦИК уурааҕа тахсыбыта. Бу кэмтэн ыла автономнай таһымнаах саха норуотун судаарыстыбаннаһа олохтонон, 1990 с. союзнай өрөспүүбүлүкэ статуһун ылыахпытыгар диэри тулхадыйбакка тиийэн кэлбитэ.

1990-с сылларга

— Сыыйа 90-с сыллардаахха ылыммыт Суверенитеппытыгар тиийэн кэллибит. Эн бэйэҥ бу кэми хайдах сыаналыыгын?
— XX үйэ 80-с сылларын бүтүүлэригэр автономнай өрөспүүбүлүкэ статуһа кыараҕас диэн өйдөбүл үөскүүр. Онон бу кэмтэн саҕалаан ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр дьокутааттарбыт, кэлин РНА академига буолбут Владимир Ларионов, оччотооҕу Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Николаев статуһу үрдэтэргэ туруорсууну саҕалыыллар. Манна араас хайысханан үлэ барбыта. Холобура, норуодунай суруйааччы Софрон Данилов Казахстан Суруйааччыларын сойууһугар сибээскэ тахсан, салайааччылара Назарбаевтан автономнай өрөспүүбүлүкэлэри сойуус өрөспүүбүлүкэлэригэр тэҥнииргэ кэпсэтиҥ диэн көрдөспүт. Саха сирэ
1990 с. союзнай өрөспүүбүлүкэ буолар.
Биһиги федеративнай тутуллаах судаарыстыбаҕа олоробут. Ол аата регионнар култуура, экэниэмикэ эйгэтигэр ис көҥүллээхтэр. Федерализм сайдарыгар национальнай өрөспүүбүлүкэлэр эрэ буолбакка, нуучча тыллаах нэһилиэнньэ олорор кыраайдара, уобаластара эмиэ баҕаралларын айанныы сылдьан үгүстэ бэлиэтии көрөбүн. Төһө да омук быһыытынан тылбыт, култуурабыт хатыламматын иннигэр, биһиги, сахалар, менталитеппыт Россия атын нэһилиэнньэтиттэн улахан уратыта суох. Нууччалары кытары хаан буккуһуута да аҕыйаҕа суох. Төһөтүн да иһин, кытыйа-­хамыйах бырахсан, түөрт үйэ тухары бииргэ олордохпут дии.
Туомтуу тардан эттэххэ, Россия судаарыстыба быһыытынан сайдыытыгар биһиги норуоппут үтүөтүн ситэ бэлиэ­тээбэккэ олоробут. Бу хайысхаҕа Уһук Илин регионнарга СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Георгий Никонов саҕалаабыт бырайыага Саха сирэ Россия судаарыстыбатын, империятын, ССРС, Россия Федерациятын сайдыытыгар киллэрбит үтүөтүн, өҥөтүн көрдөрөр, итэҕэтэр бырайыак буолар.

Агрaфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

Ыспыраапка:

Андросов Гаврил Гаврильевич

1985 с. ыам ыйын 6 күнүгэр Тааттаҕа төрөөбүтэ;
2002 с. И.М.Хатылаев аатынан Баайаҕа орто оскуолатын бүтэрбитэ;
2002-2007 сс. М.К.Аммосов аатынан СГУ Саха тылын уонна филологиятын факультетыгар үөрэнэн, литературнай эрэдээктэр, кириитик идэтин ылбыта;
2007-2015 сс. “Саха сирэ” хаһыакка “Эдэр саас” сыһыарыы кэрэспэдьиэнинэн, култуура уонна духуобунас салаатыгар историяны сырдатааччынан үлэлээбитэ;
2013 с. СӨ Суруналыыстарын сойууһун “Кыһыл көмүс бөрүө” бириэмийэтин лауреата;
2015 с. “Туомтуу тардыы” публицистическэй кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу сыл Ыччат баалыгар “Сыл бастыҥ суруйааччыта” ааты ылбыта;
2015 с. “Чолбон” сурунаал сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччынан үлэлиир;
2009 с. Россия Суруналыыстарын, 2010 с. Россия Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ. 2013 с. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан талыллыбыта, Ил Дархан иһинэн Тыл бэлиитикэтигэр сүбэтин чилиэнэ. 2016 с. СӨ Ыччат бырабыыталыстыбатын, Нуучча Географическай уопсастыбатын чилиэннэрэ.
Кэргэннээх, оҕолоох.

Сэмсэ тыл:
Владимир Пестерев,
историческай наука хандьыдаата, прозаик, очеркист, СӨ профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна, Саха сирин авиациятын бочуоттаах үлэһитэ:

— Мин Гаврилы өссө устудьуоннуур сылларыттан билэбин. Үөрэнэ сылдьан историческэй боппуруостарга сүбэлэтэрэ, үгүһү ыйытара. Үлэлэрэ сүрдээх дириҥ ис хоһоонноохтор. Күн бүгүн үчүгэйдик сырдатылла илик кэми, гражданскай сэриини, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха олоҕун, автономияны ылыныы, о.д.а. суруйар. Манна кини аҥаардас историческэй эрэ дааннайдары аҕалбакка, бэйэтэ чинчийэн көрөр, хас биирдии чахчыны түгэҕэр тиийэ хасыһар. Олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар. Ол түмүгэр, ааҕааччыларыгар биллибэт-көстүбэт чахчылары аҕалар. Кини суруналыыс, историк эрэ буолбакка, уопсастыбанньык быһыытынан бэйэтин эмиэ көрдөрдө.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0