«Саха сирин иккис дойдум курдук таптаатым…»

24.10.2017
Бөлөххө киир:

«Үрүҥ хаар алгыһа» поэзия бэстибээлэ Дьокуускайга төрдүс төгүлүн ыытылынна. Манна атын дойдулартан, регионнартан литератураҕа быһаччы сыһыаннаах суруйааччылар, тылбаасчыттар, кинигэни таһаарааччылар, кириитиктэр кэлэн ыалдьыттаан бардылар. Кинилэр санааларын билсиэҕиҥ. 

edersaas.ru

Рифат Салах, бэйиэт, кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ (Татарстан):

– Олус тымныы буолуо дии санаан, халыҥ таҥаспын эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлбитим. Онтум, сылаас эбит, дьон сыһыана өссө сылаас. Бэстибээл үрдүк таһымҥа ыытылынна, тэрээһинэ далааһыныттан сөхтүм. Саха тыла татаар тылыгар олус маарынныыр, ыраахтан иһиттэххэ, киһи ылбычча араарбат. Төрүппүт, силиспит биир, култуурабыт, олоҕу көрүүбүт эмиэ маарынныыр, онон биир норуот курдукпут.

Былырыын Наталья Харлампьева кинигэтэ татаардыы тылынан тахсыбыта, быйыл татаар бэйиэттэрэ сахалыы саҥарбыттарыттан олус үөрэбит. Тыл уонна култуура норуоттары түмэр, сомоҕолуур. Манна сылдьан суруйбут хоһооммун сахалыы тылбаастыах буоллулар. Инникитин бииргэ үлэлэһэргэ өрүү бэлэммит. Үтүө доҕоттору булбуппуттан олус үөрэбин. Итинник үтүө өйдөбүллэри илдьэ баран эрэбин, Саха сирин иккис дойдум курдук таптаатым.

Акбер Гошалы, Түүр эдэр суруйааччыларын норуоттар икки ардыларынааҕы сойууһун Консультативнай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, бэйиэт (Азербайджан):

–  Түүр эдэр суруйааччыларын сойууһа 1998 с. төрүттэммитэ. Манна түүр тыллаах дойдулар уонна национальнай өрөспүүбүлүкэлэр киирбиттэрэ. Саха сирэ эмиэ баар. Элбэх бэстибээллэри тэрийэбит, сүүрбэттэн тахса кинигэни бэчээттэттибит. Икки үлэлиир сайтаахпыт. Түмсүүбүт хас да чилиэнэ бэйэлэрин дойдуларыгар судаарыстыбаннай бириэмийэлэри, суруйааччылар сойуустарын уонна бэрэсидьиэн бириэмийэлэрин ылбыттара. Биһиги бэлиитикэнэн дьарыктаммаппыт, култуура – норуоттары сомоҕолуур бэлиитикэ диэн өйдөбүллээхпит.

Мин урут “Үрүҥ хаар алгыһа” бэстибээл туһунан истэр этим. Азербайджан улуу бэйиэтэ Мехмет Исмаил-бей кыттыбыта. Кини көмөтүнэн икки норуот литератураларын сибээһэ олохтоммута. Манна кыттыбыппыттан олус үөрэбин, хаһан да умнуллубат өйдөбүллэри иҥэринэн илдьэ баран эрэбин. Азербайджаҥҥа бу быйылгы бэстибээл буола турарын туһунан хас да сайт, хаһыат номнуо суруйда, тиийэн баран, итиннэ өссө үлэлэһиэм.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0