Саха сирин холобурдаатылар

Ааптар: 
17.06.2020
Бөлөххө киир:

“Российская газета” хаһыат Саха сирэ оскуоланы быйыл бүтэрээччилэргэ 5-тии тыһыынча солкуобайы биэрэрин туһунан кэрэхсээн, ону холобурдаан суруйда.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сэргэ, Кузбаһы аҕыннылар. Манна үп-харчы өттүнэн кыаммат ыаллар оскуоланы бүтэрэр оҕолоругар эмиэ 10-туу тыһыынча солкуобайы, оҕолор оскуоланы бүтэрэр баалларыгар кэтэр таҥастарыгар анаан биэрэргэ быһаарбыттар.

Онон икки эрэгийиэн уопута биһирээннэ. Атын эрэгийиэннэр эмиэ бу суолу батыһаллара буолуо.

Ыстатыйа аата “Станцуют все!” (ааптардар Юлия Потапова, Владимир Таюрскай). Ааҕыҥ!

Женни СТРЮКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0