Саха сирин Дьоруойа үрдүк ааты иҥэриэхххэ

Ааптар: 
11.05.2021
Бөлөххө киир:

Юридическай наука дуоктара, судаарыстыбаннай-уопсастыбаннай диэйэтэл Макар Яковлев Иккис Аҕа дойду сэриитигэр оҥорбут дьоруойустубаларын иһин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатыгар түһэриллэн баран, атын ыстаатыстаах уордьаннарынан, мэтээллэринэн солбуллубут Саха сирин хорсун буойуннарыгар Саха сирин Дьоруойдара ааты иҥэрэр туһунан этиини өрөспүүбүлүкэ Уопсастыбаннай палататыгар киллэрбитэ бириэмэтигэр олус сөптөөх уонна патриотическай суолталаах этии диэн сыаналыыбын. Бу Саха дьонун долгутар этии Уопсастыбаннай палата дьүүлүгэр туран биһирэнэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин көрүүтүгэр киирэн турар.

ҮРДҮК ААТЫ ОЛОХТУОХХА

Сэрии кэнниттэн биһиги саха саллааттарбыт уһулуччу хорсун быһыылары оҥорбуттарын иһин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын иҥэрэргэ түһэриллэн баран, бүтэһиккэ тиийэн атын уордьаннарынан уларытан кэбиспиттэриттэн биһиги, сахалар, улаханнык хомо­йор, өйдөөбөт да курдук буолар этибит. Арай кэлин Федор Охлопковка уонна Бүлүү үс хорсун буойунугар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын ааттарын, Михаил Стрекаловскайга Арассыыйа Дьоруойун аатын иҥэрбиттэригэр төһөлөөх үөрүү-көтүү ­буолбутай.

1998 сыллаахха, Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытын кэннэ, Сажи Умалатова салайар ССРС норуодунай дьокутааттарын бастайааннай президиума сэрии кэмигэр Дьоруойга түһэриллэ сылдьыбыт Г. Протодьяконовка, И. Кульбертиновка В.Захаровка уонна Лебедевкэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын иҥэрбитэ да, үөһээ турар хамыыһыйа уонна Арассыыйа Федерациятын юстицията Сэбиэскэй Сойуус суох диэн тохтотон кэбиспиттэрэ. Онон итинник тохтоон хаалан турар. Салгыы туруорсар кыаллыбат да буолла быһыылаах.

Чэ, ол суох судаарыстыба суох. Оттон билигин биһиги, сахалар, бэйэбит тэриммит Саха Өрөспүүбүлүкэтин су­­даарыстыбата бэйэбит Аҕа дойду Улуу сэриитигэр уһулуччу хорсун быһыыны оҥорбут саллааттарбытыгар Саха сирин Дьоруойа диэн ааты иҥэрэрбитин ким да боппот, ким да, ханнык да суутунан тохтотор бырааба суох диэн биһиги үрдүк кылаас­таах юристарбыт быһаараллар. Онон Иккис Аҕа дойду сэриитигэр уһулуччу хорсун быһыыны көрдөрбүт саха саллааттарыгар Саха сирин Дьоруойа диэн ааты иҥэрэр саамай сөп. Өлбүт, хорсун Дьоруой аатын ылбатах дьоммутугар Сахалар Дьоруойдара диэн ааты иҥэрэн, сырдык ааттарын кыһыл көмүс буукубанан суруйан үйэлэргэ үйэти­тиэҕиҥ. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бары өйүөхтэрэ диэ бигэтик эрэнэбит.

3 356 ФАШИҺЫ КЫДЫЙБЫТ СНАЙПЕРДАРБЫТ ААТТАРЫН ҮЙЭТИТИЭҔИҤ

Маны таһынан саха снайпердарыгар бэйэлэригэр эрэ анаан искибиэр-болуоссат оҥоһуллара наада. Аҕа дойду сэриитигэр фашистскай Германияны кыа­йыыга саха снайпера улахан кылааттаахтарын ССРС байыаннай историктара элбэхтэ суру­йан тураллар. Аҥаардас 42 саха снайпера 3 356 фашистскай Германия эписиэрин уонна саллаатын өлөрбүтүн туһунан кинигэлэргэ элбэхтэ суруллар. Бүтүн Сэбиэскэй Сойуус уон чулуу снайперын ахсааныгар Федор Охлопков-Бусхаа, Иван Кульбертинов-Түмпээ киллэриллибиттэрэ. Кинилэр ааттарын үйэтитэргэ, кэнэҕэски кэлэр ыччакка саха снайпердарын хорсун быһыыларын кэпсии, саната турар Саха снайпердарыгар аналлаах искибиэр-болуоссаты Дьокуускай куорат киинигэр, куорат олохтоохторо, ыччата дьон тоҕуоруйан сылдьар сирдэригэр оҥоруохха дии саныыбын. Холобура Кыайыы болуоссатын уларыта тутан эбэтэр куорат пааркатын иннигэр Хомсомуоллар болуосаттарыгар.

Саха түөрт чулуу снайпердарын Ф.М.Охлопков, И.Н.Кульбертинов, Е.К.Петров, А.Ф.Миронов толору кээмэйдээх скульптураларын, кинилэри тула Д.А Гуляев, И.В.Погодаев, Н.В.Прохоров, Е.И.Мыреев, С.Г.Ковров, о д.а. саха бары снайпердарын барельефтарын мрамор, гранит тааска оҥорон туруортуохха. Саамай кы­­лаабынайа, кинилэр барельефтарын, ­скульптураларын постаменнарыгар кинилэр ханнык хорсун быһыыны оҥорбуттарын, хас фашиһы кыдыйбыттарын кэпсиир, наҕараада ылбыттарын туоһулуур суруктар сахалыы, нууччалыы, английскайдыы суруллуохтаахтар.

“ДЬОРУОЙДАР КҮННЭРИН — ДЬОРУОЙДУУ ҮЛЭНЭН!”

Түмүкпэр биһиги, уус алданнар, Арассыыйаҕа бастакынан улууспутугар Дьоруойдар күннэрин олохтообуппут. 2005 сыллааха, Улуу Кыайыы 60 сылын көрсө, норуот көҕүлээһининэн, Үтүө Дьыаланан улууспут киинигэр аҕыс дьоруойбутугар анаан Дьоруойдар аллеяларын туппуппут. Салгыы 2006 сыллаахха атырдьах ыйын 14 күнүгэр улууспут Дьоруойдарын хорсун быһыыларын, дьоруойдуу үлэлэрин холобуругар улуус дьонун-сэргэтин бүттүүн түмэр, кэнчээри ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитэр сыалтан сыл ахсын балаҕан ыйын үһүс нэдиэлэтин төрдүс күнүн ­улууска Дьоруойдар күннэринэн биллэрэр улуус баһылыгын дьаһала тахсыбыта. Арассыыйаҕа бастакынан.

Бу үтүө дьаһал олоххо киирэн, 2006 сылтан саҕалаан Дьоруойдар күннэрин көрсүү, бэлиэтээһин үлэ бырааһынньыгын быһыытынан “Дьоруойдар күннэрин – дьоруойдуу үлэнэн!” диэн девизтээх улуус нэһилиэктэрин, үөрэх тэрилтэлэрин, үлэ кэлэктииптэрин хабан ыытыллар буолбуттара. Үлэ Дьоруойдарын аатынан граннар олохтонон кыайыылаахтарга, Дьоруойдар күннэригэр үлэ, үөрэх, култуура, тыа хаһаайыстыбатын о.д.а. бастыҥ үлэһиттэригэр, тэрилтэлэригэр туттарыллаллар. 15 сыл анараа өттүгэр олохтоммут, улууспутугар Дьоруойдар күннэрин сыллата кыайыылаах-хотуулаах Үлэ бырааһынньыгын курдук көрсүү үтүө үгэһэ өссө сайдан, кэҥээн иһиэ диэн бигэ эрэллээхпит.

Саха саллааттарыгар Саха Өрөспүү­бүлүкэтин Дьоруой­дарын аатын иҥэрэр туһунан Ил Түмэҥҥэ биһирэнэн, Ил Дархаммыт Ыйааҕа тахсан, өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн биир кэрэ бэлиэ тэрээһининэн дор­ҕоонноохтук ааттанара буоллар, саха дьоно-сэргэтэ сүһүөхтэригэр туран ньиргиччи ытыстарын таһыныа, уруйдуо-айхаллыа этилэр.

Иннокентий БОЧКАРЕВ,

өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Ытык Сүбэтин чилиэнэ,

Горнай, Уус Алдан улуустарын бочуоттаах олохтооҕо.

Хаартыска — 3monety.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1