Саха сирин дьиктилэрэ

18.10.2016
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ наука сатаан дакаастаабатах, арыллыбатах олус элбэх дьиктилэр баалларын бары истибит буолуохтаахпыт.  Сэтинньи 10 күнэ – аан дойдутааҕы наука күнэ. Бэлиэ күнүнэн сибээстээн, Сахабыт сирин интэриэһинэй арыллыбатах чахчыларын туһунан кэпсиибит.

hochuolӨлүү хонуута – Өлүү Чөркөчүөх

Маннык ааттаах сир Бүлүүтээҕи ГРЭС хоту өттүгэр 8-10 миэтэрэ иэннээх сиргэ тайаан сытар. Сиргэ батары анньыллыбыт боруонса тимирдэрдэри уфологтар үөрэтэн баран, инопланетяниннар түһэ сылдьыбыт сирдэрэ быһыылаах диэн сабаҕалаабыттар. Ол эрээри бу билиҥҥээҥҥэ диэри чуолкайдана илик көстүү буолар. Олохтоохтор бэйэлэрэ тимирдэри хочуоллар диэр ааттыыллар. Манна былыр олорбут эбээннэр уонна эбэҥкилэр хас эмит үйэ тухары “киһи сылдьыбат сирэ” диэн ааттаан, ыраах сиринэн тумнан, эргийэн ааһаллара. Аны, саамай дьээбэтэ, хочуол тайаан сытар сириттэн итии, сылаас салгын кэлэр эбит. Ол иһин, 8-10 миэтэрэлээх сиргэ тайаан сытар тимир хочуол иһигэр муммут табаһыттар, булчуттар, иттэн, хонон-өрөөн ааһар буола сылдьыбыттар. Хочуол иһигэр киирэ сылдьыбыт дьон улаханнык ыалдьан, олохтон түргэнник туораабыт түбэлтэлэрэ элбэх. Өлүү Чөркөчүөх тула баар мас барыта харааран, өлөн турар, бу сиринэн, бэл, кыыл сылдьыбат эбит. Бу дьикти сир ортотунан дьөлөҕөстөөх, аааннаах үһү, онно киирдэххэ тимир хостор бааллар диэн номох баар. Өлүү хонуутун хас эмит сыл устата учуонайдар үөрэтээрилэр анаан көрдүү сатаабыттар даҕаны, булбатахтара. Арай Чехия учуонайа Иван Мацкерле хочуолу булан, миэстэтигэр үөрэтэ сылдьан ыалдьан, төттөрү төннөргө күһэллибитэ. 2000 сыллар саҕаланыылара устудьуоннар экспедициянан тиийэ сылдьыбыттар даҕаны, эмиэ бары ыалдьан, ситэри үөрэппэтэхтэр.

laby-kyrЛабыҥкыр күөл абааһыта

Өймөкөөн улууһугар баар Лабыҥкыр күөл биллибэт кыылын туһунан элбэх номох, кэпсээн баар. Ол эрээри билиҥҥэ диэри бу кыыл кырдьык баарын дуу, суоҕун дуу чуолкайын дакаастыы иликтэр. Күөлтэн чугас бөһүөлэк 15 көс ыраахха сытар. Лабыҥкырга кэлэр суол суох – вездеходунан, атынан эбэтэр бөртөлүөнүнэн эрэ тиийиэххэ сөп. Олохтоохтор кэпсииллэринэн, бу күөлгэ хараҥа дьүһүннээх улахан айахтаах абааһы баар. Кытылга тахсан дьону, кыыллары тардан, ууга илдьэ барар үһү. Биирдэ бу биллибэт кыыл кытылга сылдьыбыт балыксыты куттаан, сүрэҕэ тохтуор диэри эккирэппит, онтон  сөп буолбакка, дьон көрөн турдаҕына, харбыы сылдьыбыт ыты тутан, ыйыстан кэбиспит үһү.  2008 сыллаахха “Искатели” диэн “Культура” ханаалга көстөр биэрии Лабыҥкырга экспедиция тэринэн тиийэ сылдьыбыта. Онно күөл түгэҕэр сир хайдыбытын уонна кыыл-сүөл уҥуохтарын булбуттара. Ол эрээри, дьикти кыылы бэйэтин булбатахтара. Санатан эттэххэ, соторутааҕыта Воронеж айанньыта Андрей Соловьев Лабыҥкыр күөл кытылыгар кыстыыр санаалаах тиийбитэ. Уол онно сылы туоруур былааннаах. Бу туһунан сайын “Эдэр сааска” суруйбуппут.

sajylykСайылык кистэлэҥэ

39 сыллааҕыта Чурапчы Арыылаах диэн нэһилиэгэр икки ыал дьиктитик сир үрдүттэн симэлийбит. 12 киһи өлбүтүнэн холуобунай дьыала арыйан силиэстийэ бөҕөтө ыыппыттара эрээри, билиҥҥэ диэри бу түбэлтэ кистэлэҥэ арылла илик. Оннооҕор инопланетяниннар дьайыыларыттан, байыаннайдар дьааттаах гааһы уоран ыыппыттарыттан өлбүттэр диэн сабаҕалааһын кытары баар. 1977 сыллаахха ыам ыйыгар Арыылаах нэһилиэгин Көмньө диэн сайылыгар 16 киһи сайылыы тахсыбыт. Кинилэр истэригэр алта улахан киһи уонна уон 6-тан 18-гар диэри саастаах оҕолор бааллара. Бастаан биир уол оҕо иһэ ыалдьыбытыгар баһыыһаҕа илдьибиттэр, онуоха муҥурдааҕа диэн эпирээссийэлээбиттэр. Эпирээссийэ кэмигэр оҕо олох даҕаны муҥурдааҕа буолбатах эбит диэн быһаарбыттар. Хирургтар ыарыыны быһаара сырыттахтарына, оҕо сүрэҕэ тулуйбакка, үс хонугунан өлбүт. Биир нэдиэлэ иһигэр Көмньө сайылык олохтоохторо бары ыалдьан балыыһаламмыттар. Быраастар эмтии сатаабыттар даҕаны, кыайбатахтар. Онтон ыарыһахтар биир-биир өлөн барбыттар, хаалбыт түөрт киһини Москваҕа ыыппыттар. Бу түөрт дьон быыһаммыт. Араас экспертиза, силиэстийэ тиһэҕэр тиийбэтэх, туохтан маннык ыарыы, өлүү-сүтүү буолбутун быһаарбатахтар.

haraabylКөтөр хараабыл

Саха сирэ уонна Хабаровскай кыраай кыраныыссалаһар сиригэр Учуро-Чульбинскай оройуон диэн баар. Манна баар Кет диэн сис хайа ураты кистэлэҥнэрдээх хайа үһү.  Кет тылбаастаннаҕына, “хараабыл” диэн тыл тахсар эбит. Оройуон олохтоохторо кэпсииллэринэн, бу сиргэ өрдөөҕүтэ, 300 сыл аннараа өттүгэр, сис хайа уһугуттан иҥнэн көтөр хараабыл алдьанан сууллубут үһү. Бу хараабыл кырамталарынан булчуттар быһах, сүгэ оҥостубуттар. Кэлин маныаха маарыҥныыр көтөр эттиктэри Кет сис хайаҕа өссө 1924 сыллаахха уонна 1973 сыллаахха эмиэ көрбүттэр. Кылабачыгас өҥнөөх турба курдук эттик тыаһа суох халлааҥҥа уста сылдьара үһү. Өссө маннык эттиги 1981 сыл балаҕан ыйыгар Бүлүү өрүс Ыгыатта салаатын эҥэр олорор дьон көрбүт. Биллибэт эттик нэһилиэк үрдүнэн түргэн үлүгэрдик кэлэн, күөл үрдүгэр чаас аҥарын курдук үөһээ-аллараа хамсыы-хамсыы тура түһэн баран, халлааҥҥа симэлийэн хаалбыт. Бу көстүүнү кэлин Уус Алдан Найахытын олохтоохторо эмиэ көрбүттэр диэн сурах иһиллибитэ.

1323464916_9Чучунаалыын доҕордоһуу

Бу түбэлтэ Кэбээйи улууһун Сангаарыгар буолбут. Үйэтин тухары балыктаан, бултаан олорбут Софронеев диэн киһи туһунан кэпсээни истибитим. 1970 сыллар саҕаланыыта бу киһи чучунааны кытта доҕордоспут үһү. Ол маннык саҕаламмыт. Бултуур сирин булан, балааккатын туруоран, күөлтэн балыктаан киирбит. Утуйаары оҥосто сырыттаҕына, арай, балааккатын аттынан киһи хаамар тыаһа иһиллибит. Онуоха Софронеев саатын ылан, балааккатан өҥөйбүт уонна көрбүтүн итэҕэйбэккэ өр-өтөр таалан турбут. Икки миэтэрэ уһуннаах уонна бүүс бүтүннүү түүнэн бүрүллүбүт киһи оҥкучахха кистэммит ас хасааһын илиитинэн баһа-баһа, сии турар эбит. Аны “дьик” гынан соһуйбут курдук туттубут уонна доҕолоҥнуу-доҕолоҥнуу хааман бара турбут. Дьоруойбут тута чучунаа сылдьар диэн сэрэйбит уонна күүскэ куттаммыт. Ол да буоллар, чучунаа барбытын кэннэ булчут балааккаттан тахсыбыта сиргэ хаан тамалаабыт эбит, ону көрөн “барахсан, атаҕын улаханнык өлөрбүт ээ” диэн аһына санаабыт. Сарсыҥҥы күнүгэр хомунан бараары туран, аһын ордугун, тобохторун барытын мунньан эргэ чоҥочох төрдүгэр уурбут. Софронеев Сангаарга төннөн баран, “Чучунаа хайдах биһиэхэ тиийэн кэллэҕэй, атаҕын туохха өлөрдөҕөй” диэн олус элбэҕи эргитэ санаабыт. Бадаҕа, үйэтин тухары бултаабыт, балыктаабыт айылҕа оҕото буолан маннык санааларга ыллардаҕа. Тулуйбакка, ол көрсүбүт бултаах сиригэр төннөргө санаммыт. Бултуур сиригэр төннүбүт. Бэҕэһээ хаалларбыт аһын тобоҕо ханна да суох, ону көрөн, баҕар, өссө кэлиэ диэн ас уурбут. Софронеев соһуйуоҕун иһин, чучунаа киниттэн куттанар эбит, ас уурбут чөҥөчөҕүттэн икки сүүсчэкэ миэтэрэҕэ тэйбитигэр биирдэ кэлэн аһаабыт. Маннык ас хаалларан булчут биир ый кэриҥэ чучунааны аһаппыт. Аны, сорох ардыгар, чучунаата киһитийэн, махтанан, илиитинэн далбаатыыр буолбут. Биир күн аһылык уура сылдьан, булчут уонна чучунаа эмиэ көрсө түспүттэр, онуоха чучунаа аны икки илиитинэн далбаатаабыт. Бу быраһаайдаһыы кэнниттэн чучунаа булчукка көстүбэтэх. Софронеев сааһыран хара өлүөр диэри чучунаалыын доҕордоспутун дьоҥҥо кэпсиирэ үһү.

Айтана АММОСОВА бэлэмнээтэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0