ТОҤ УЙБААН
1934 сыллаахха сайын Чурапчыга начальнай оскуолалар учууталларын икки ыйдаах куурустарыгар үөрэнэ сылдьан. Бииргэ үөрэнэр табаарыспыттан Дьячковскай Дмитрий Николаевичтан, Чурапчы аатырбыт бөҕөһүн Тоҥ Уйбааны сурастым. “Бай, эн ол киһини билэр эбиккин дуу! Кини мин аймаҕым ээ, манна баар, остолобуой аттыгар ортоку тумулга олорор. Бүгүн онно бара сылдьыахтаахпын, көрүөххүн баҕарар буоллаххына, барсаар”, — диэтэ.
Бардыбыт. Киирэн иһэн көрө түспүтүм Тоҥ Уйбаан уот иннигэр олоппоско тобугар тайанан, нөрүччү туттан, маайканан олорор эбит. Дьэ, кырдьык да, киһи аххан, киэп-тала бөҕө!
Аан маҥнай көрө түһээт, ордук уһулуччу хараҕым иҥнэ түспүтэ, сөҕө-махтайа көрбүтүм тугуй? Көлөдүйэн түһэн сиһэ уһуна бэрт уонна быччыҥа суона сүрдээх, киһи буутун курдук. Санна соччо кэтитэ суох, суон тиит курдук мөкүчүк киһи эбит. Суунаары турда. Санныгар тиийбэт эбиппин. Дьэ, тыыллан түһэн уол оҕо!
Кини суон-модун сураҕын кыра эрдэхпиттэн истэр этим. Мас тардыһыытыгар быаны икки илиилээххэ биир да киһиэхэ биэрбэтэҕэ, арай биир эрэ киһини кытта тэҥнэспитэ дииллэрэ. Ол киһитэ эмиэ, дьэ, биир туспа муҥурун булларбатах сүдү бухатыыр, били сааһын тухары тустан баран биирдэ да бүдүрүйбэтэх Бөҕө Тараҕай бииргэ төрөөбүт убайа Бөҕө Ньыыкан. (…) Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин ытыктаһаллара бэрт буолан, албан ааттарын харыстаһан, хайа-хайалара да кыайарга кыһамматах, ыларга ымсыырбатах, тэбис-тэҥ буолбуттар.
***
Хатылы нэһилиэгэр Дохсун Ньукулай диэн икки орто киһини кытта мас тардыһан иккиэннэрин кыайар күүстээх киһи баара. Биирдэ кинини Тоҥ Уйбааны кытта мас тардыһыннарбыттар. Тоҥ тутан баран олорор үһү. Дохсун туох баарынан түһэ сатаан баран, “тииккэ баайан баран тардар курдук” диэбитэ үһү.
***
Биирдэ күһүн Чурапчыга тымныы баҕайы күн ат сүүрүүтэ буолбут. Киһи бөҕө мустубут. Үгүс киһи муһуннар эрэ былыргыттан билиҥҥэ диэри араас көрү-нары, күрэхтэһиилээх илии-атах оонньууларын, бөҕөстөрү-быһыйдары боруобалааһыны тэрийээччилэр.
Ол ат сүүрүүтүгэр Кривошапкин Николай Дмитриевич-Уот Субуруускай Болтоҥо киһитин Догдооноп Мэхээлэ диэн улахан күүстээх киһини Тоҥ Уйбааны кытта мас тардыһыннарбыт. Ол бириэмэҕэ Тоҥ кэхтэн эрэр кэмэ, оттон Догдооноп күөгэйэр күнэ эбит. Ол да буоллар, Тоҥ тулуппатах.
(…) Тоҥ Уйбаан тутууга үгүстүк үлэлээбит бэртээхэй болуотунньук этэ. Түөрт саһааннаах бэрэбинэни, суон да буоллун, төбөтүгэр сүгэтин батары охсон баран, ханна сөбүлүүр сиригэр соһон илдьэн суорара.
Дьиэ тутуутугар суоруллубут суон бэрэбинэ аҥаар өттүн, баҕар төрдө да буоллун, сиргэ туран илиитэ төһө тиийэринэн өрө уунан үөһэ уурара. Ити киһи арай билигин күнэ буоллан, штангист буоларга үчүгэйдик үөрэттиннэр, бука, балаччаны өрө анньыа этэ.
***
Тоҥ Уйбаан илиитин быластаан баран, сиргэ тиэрэ түһэн сытара. Ону син балачча бөҕөмсүйэр икки модьу уолаттар быччыҥар үктэнэн туран, туох баардарынан түһэн, икки илиитин тоҥолохторун кыайан токуччу тардыбаттара дииллэр. Дьэ, баардаах бөҕө барахсан!
Бүөтүр ОҔОТООЙОП
“Мас Мэхээлэ уонна бөҕө бөҕөстөр” кинигэтиттэн.
ТЫЫЛЛАР МААРКАП
Христофоров Григорий Маркович саха киһитигэр улаханынан ааҕыллара, икки миэтэрэҕэ чугаһыыр үрдүк уҥуохтаах, бэрт эрчимнээх, ыраах-ыраах уурталаан хаамар, уурбут-туппут курдук эттээх-сииннээх эр бэрдэ этэ.
Кини сайыннары-кыһыннары уларыйбат уһун соннооҕо, кыл сэлээппэни кэтэрэ. Тыыллар Мааркап 70 сааһыгар, 1972 сыллаахха, Мырыланы кытта ыаллыы Мындаҕаайыга өлбүтэ.
ЭҺЭЛИИН КҮӨН КӨРСҮБҮТЭ
Биирдэ Хатыҥ Арыылаахха сохсо көрө баран иһэн тыаҕа, суол токуруйуутугар эһэни көрсө түспүт. Кыыла оҕонньору толкуйдатар бокуой биэрбэккэ тиэрэ баттаабыт, иҥсэ муҥутаан ардай аһыыларынан, дэгиэ тыҥырахтарынан тырыта тыытан барбыт. Тыыллар эһэни аллараттан тылын төрдүттэн аҥаар илиитинэн өрө анньан сыппыт. Балачча өр эрийсибиттэр. Биирдэрэ сиир-аһыыр, иккиһэ көмүскэнэр мөккүөрдээх. Кэлин Тыыллар, уолуйбута ааһан тыын ылан, күүһүн мунньунан эһэтин өрө анньан туран кэлэр. Эһэтэ мүччү туттаран, оҕонньор тимир ытарчатыттан куттаммыттыы, кэннин хайыһан көрө-көрө ойууругар куотан хаалар.
Дьэ, ити хайдахтаах курдук кытаанах харбааһын буолуой! Дьиҥнээх тимир ытарчанан ытыттарыы тэҥэ буоллаҕа.
—Үөдэн, соччо буоссата суох эрээригин, — дии санаабыт уонна сохсотугар бара турбут.
ДЬИЭ БЭРЭБИНЭТИН САННЫНАН ТАҺАРА
(…) Тыыллар 8-9 миэтэрэлээх суоруллубатах үөл бэрэбинэни, оҕус халдьаайыга кыайыа суоҕа диэн саннынан таһар үгэстээҕэ. Биирдэ эмиэ тэтиэнэҕинэн биллэр Бүөтүр Мордускуннуун (Кытай Уола) дьиэ маһЫн санныларынан таспыттар. Тыыллар наар төрдүн, доҕоро наар төбөтүн сүгэр эбиттэр. Бу икки кыанар дьон төһө да бэйэлээх суон бэрэбинэни сүһүөхтэрэ хамсаан да көрбөккө сүгэллэрэ үһү.
Биирдэ Тыыллар, куолутунан, табаарыһа маһыгар олоро түспүтүН көрбөккө, сулбу хааман кэлээт, бэрэбинэ суон өттүн сүкпүт, онтон дьэ киһитэ бэрэбинэтин аҥаар уһугар олорорун көрөн: —Үөдэн, киһини эчэтээригин оонньоотоҕуҥ тугун холуонай?—диэн сэмэлээбит.
МАС ТАРДЫҺЫЫТА. ОТ ОХСУУТА
Бытарха хаһаайыстыбанан олорор эрдэххэ дьон чугас-чугас алаастарга отууллара. Онно көрдөхтөрүнэ, Тыыллар хотуурун биирдэ да сытыыламмат эбитэ үһү, эгэ таптайыа дуо, онно кыһаммата үһү. Сарсыарда ходуһатыгар киирээт, ханнык да бэйэлээх куйааска суккун сонун, кыл сэлээппэтин устубакка эрэ охсон куһуйбутунан барара. Тохтоло суох күнүскү омурҕаҥҥа диэри охсон, улахан тууйаһыттан тымныы ымдааны иһэн баран дьиэлиирэ. (…)
(…) Тыыллар хотуура суон уктаах, толоос улахан, ылан боруобалаан далайан көрдөххө салаа да оту быһа түспэт сыппах буолара дииллэр.
—Хайа, доҕоор, хайдах маннык сэбинэн оту хотутаҕын? – диэн ыйытахтарына:
—Аата, бу да киһи тылын, ити тимир буолбатах дуо? Биир сайыннаах кэнчээри сыыһын хоппот буолуо дуо? – диэн кэбиһэрэ.
Тыыллар Мааркап үйэтигэр биир эрэ киһини кытта күүһүн боруобалаабыттаах. Мас тардыһарынан аатырар, кистэммэккэ илии-атах оонньууларыгар дэгиттэр кыттар, нэһилиэгэр кимиэхэ да иннин биэрбэтэх мас тардыһааччы Мааныкан Өлөксөй диэн киһиэхэ кырдьан баран биирдэ тылламмыттаах.
—Нохоо, Өлөксөөй, эйигин үчүгэйдик тардыһар дииллэр, холоһон көрүөх, — диэбит.
Өлөксөй аккаастамматах. Тардыһалларыгар “оргууй тардаар, кырдьаҕас киһини эчэтээйэҕин” диэн сабыс-саҥа ат көнтөһүн тутан олорбут. Мааныкан хаста да түһэн көрбүт—оҕонньоро сүһүөҕэ да илибир гымматах, олорбут сириттэн кыратык да хамсаабатах. (…)
ЫНАҔЫ ЭЧЭППИТТЭЭХ
Биирдэ ынах күрүө аллараа маһын түһэрэн кэдэрийэн кыбыыга киирэн истэҕинэ түбэһэн, икки кэлин атаҕыттан харбаан төттөрү соһон ылбыт. Ынаҕа, сиһин үөһүн быһа таттаран, сонно тэлгэнэн хаалбыт.
—Баҕайы өллөҕө тугун кэбирэҕэй, — диэн соһуйан Мааркап саҥа аллайбыт.
Василий Попов, “Саҥа олох” хаһыат 91 № -рэ (5725), 02.07.1981 с.
П.Ф.Кобельянов хомуйан оҥорбут “Саха сирин былыргы күүстээхтэрэ” кинигэттэн ылылыннылар.
Уруһуй: jkt.ykt.ru