Саха сирин былааһа Дьокуускайга уонна Жатайга кытаанах бөҕү тиэйии тарыыптарын хаттаан көрүөҕэ
Саха сирин былааһа Дьокуускайга уонна Жатайга кытаанах бөҕү тиэйии тарыыптарын хаттаан көрүөҕэ.
Тустаах сорудаҕы өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев миниистирдэр кэбиниэттэрэ уонна эрэгийиэннээҕи оператордар салайааччылара кыттыылаах сүбэ мунньахха биэрдэ.
Бүгүн Дьокуускайга элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорооччуларга ыйдааҕы төлөбүр биир киһиэхэ 131 солкуобай, кэтэх дьиэҕэ олорооччуга – 138 солкуобай. Өрөспүүбүлүкэ Сыанаҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтин чахчытынан бу тарыып 32 бырыһыанынан түһүөхтээх. Үрдэтиллибит тарыыбынан төлөөбүт туһанааччыларга хаттаан ааҕыыны оҥоруохтара. Кэнники үс ыйга кинилэр өҥөнү босхо ылыахтара, оттон сэтинньи ыйтан аччаабыт тарыыбынан төлүөхтэрэ.
Айсен Николаев этэринэн, маннык быһаарыныыны ылыныыга “Якутскэкосети” хампаанньа эбэһээтэлистибэтин мөлтөхтүк толорбута тириэртэ.
“Бүгүн кытаанах бөҕү тиэйиигэ үгүс кыһалҕалар үөскээтилэр. Маныаха объективнай биричиинэлэр бааллар – аныгы инфраструктура суох, бөҕү мунньар былаһаакка, анал тиэхиньикэ татым. Ону сэргэ тэрилтэлэри уонна биирдиилээн дьону кытта дуогабардары түһэрсиигэ сытыы боппуруос турар”, — диэтэ эрэгийиэн баһылыга.
“Айсен Николаев бүгүн муниципальнай тэриллиилэргэ уонна эрэгийиэннээҕи оператордарга юридическай уонна физическэй сирэйдэри кытта дуогабардары түһэрии ньыматын олохтуохха. Контейнернай былаһааккалары оҥорууга үлэ барыахтаах.
“Үгүс нэһилиэнньэлээх пууннарга бөҕү мунньар сир суох, оттон контейнердар сөбө суох сирдэргэ туруоруллубуттар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 12 тыһыынча контейнер туруоруллубут. Өссө 7 тыһыынча былаһаакканы оҥорор уонна 19 тыһыынча контейнеры бэрээдэктиир соруктаахтар. Маныаха 1,5 млрд солкуобай ирдэнэр”, — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.
Контейнернай былаһааккалары оҥорууга уонна атыылаһыыга федеральнай бүддьүөттэн үбү көрүүгэ сайаапканы Арассыыйа Бырабыыталыстыбатыгар ыыттылар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата