“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир саамай сүрүн тэрээһинэ – “Саха сирин бриллианнара” хаар уонна муус оҥоһуктар.
edersaas.ru
Бу көрүҥнэргэ күрэстэһии сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Тэрийээччилэр: Дьокуускай к. Уокуруктааҕы дьаһалтата, Дьокуускай к. дьаһалтатын култуура уонна духуобунас сайдыытын управлениета, “Северное сияние” Парк ХЭТ.
“Кыһын үһүйээннэрэ” муус оҥоһуктарга күрэстэһии Дьокуускай к. 202 мкр. баар «Северное сияние» муус куоракка ыытыллыаҕа.
«Саха сирин бриллианнара» муус оҥоһуктар күрэстэһиилэрин сүрүннээччи, «Северное сияние» муус паарка ХЭТ дириэктэрэ, СӨ Муус оҥоһукка маастардар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Алексей Демьянов бэлиэтээбитинэн:
— Куонкуруска Канадаттан (Виннипег, Оттава), Монголияттан (2 хамаанда), Кытайтан (Харбин), Белоруссияттан (Минскэй к.), Красноярскай кыраайтан, Таймыыртан (Долгано-Ненецкэй муниципальнай оройуонтан) ону тэҥэ Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү, Сунтаар, Ньурба улуустарыттан, Дьокуускай, Мииринэй куораттартан кыттыахтара. Быйылгы балаһыанньанан муус уонна хаар скульптуралары оҥорууга 25 хамаанда кыттара былааннанар. Куонкуруска кыттар дьон идэтийбит уонна тус бэйэлэрэ дьарыктанар худуоһунньуктар, скульптордар, прикладной искусство маастардара, үрдүк үөрэх уонна орто анал үөрэх устудьуоннара.
Кыттааччы хамаандалартан сайаапкаларын номнуо маннык дьон биэрдилэр: Лоуренс Макфарлейн, Натан Маккеох — Канада (Виннипег, Оттава); Dorjsuren Lkhagvadorj, BazarragchaaTsogbadrach — Монголия (Улан-Батор к. ); Батмунх Церендаш, Мунхтуул Дорждамб — Монголия (Улан-Батор к.); Jiaolong Li, Yuanguang Han — Кытай (Харбин к.), Павел Леонов, Василий Тимашов — Беларусь, Минскэй, Вячеслав Бети, Андрей Поротов — Красноярскай кыраай, Таймыыр Долгано-Ненецкэй муниципальнай оройуон, Дудинка к.
Муус оҥоһукка күрэстэһии сүрүн сыала-соруга – муус уонна хаар матырыйаалга уус-уран оҥоһуктары оҥорууга маастарыстыбаны үрдэтии, маастардар айар дьоҕурдара сайдыытын көҕүлээһин, Дьокуускай к. олохтоохторун кыһыҥҥы уонна сааскы култуурунай сынньалаҥнарын тэрийиигэ усулуобуйа тэрийии.
Өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан үгүс маастар кытта кэлээри бэлэмнэнэр.
— Сэтинньи 24 күнүгэр Бүлүүттэн аттаныам. Кэлиҥҥи уонча сылга муус оҥоһукка биир да күрэстэһиини көтүппэппин. Сыл аайы кыттабын. Бу маннык бэртээхэй кыһыҥҥы бырааһынньыкка ыытыллар тэрээһини, ама, хайа маастар куоттарыаҕай? Буолаары буолан, бэйэбит Сахабыт сиригэр ыытыллар күөн күрэскэ, —— диэн санаатын үллэстэр норуот маастара, муус оҥоһук маастара, «Саха сирин киэн туттуута» диэн норуот бириэмийэтин хаһаайына Николай Степанов. Норуот маастара быйыл араас омук дойдуларыттан кэлэр муус оҥоһук маастардарын кытта күрэстэһэриттэн ордук үөрэр. Буолумуна, Бүлүү маастарын муус оҥоһуктара Байкаал, Кытай, Магадан, Аляска Фербенкс курдук дойдулар ааттаах-суоллаах муус скульптураларын күөн-күрэстэригэр өрүү бириистээх миэстэлэргэ тиксэр. Былырыын төрөөбүт Сахатын сиригэр ыытыллыбыт муус оҥоһук куонкуруһугар Николай Степанов бииргэ үлэлиир киһитэ Михаил Степановы кытта «Туймаада туонатыгар Бүлүү эпоһа» муус оҥоһугу оҥорон, «Үгэһи тутуһуу» номинацияҕа 20 тыһ. солк. бэлиэтэммитэ.
Муус оҥоһуктары көрүүгэ анал дьүүллүүр сүбэни РФ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ народнай худуоһунньуга, муоһунан кыһыыга норуот маастара, муус оҥоһук маастара Федор Марков салайыаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Матырыйаалбар Бүлүүттэн муус оҥоһук маастара, «Сахамедиа холдинг тэрийэр «Саха сирин киэн туттуута» диэн норуот бириэмийэтин хаһаайына Николай Степанов муус оҥоһукка үлэлэрин хаартыскаларын туһанным.