Саха сирин брендин сайыннарар сорук турар

Ааптар: 
13.03.2019
Бөлөххө киир:

Саха сирин Уопсастыбаннай Балаатата өрөспүүбүлүкэ саҥа брендин тобуларга этии киллэрдэ.

edersaas.ru


«Саха сирин тыыннаах нэһилиэстибэтэ» бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо экспердиир хамыыһыйаҕа бренд буолуон сөптөөх этии киллэрэр. Сомоҕолоһуу сылыгар биллэриллибит саҥа бырайыак кулун тутар 12 күнүттэн үлэтин саҕалаата. Бу сонун сүүрээни олоххо киллэриини Арассыыйа Уопсастыбаннай Балаатата көҕүлээбит. Ол эбэтэр, дойду бары эрэгийиэннэриттэн киирбит бренд буолуон сөптөөх этиилэринэн анал хаарта оҥоһуллуоҕа. Саха сирэ бу көҕүлээһини бастакынан өйөөбүт.

— «Саха сирин тыыннаах нэһилиэстибэтэ» бырайыак соруга —  өрөспүүбүлүкэҕэ номнуо бренд  буолбут тумус туттар социальнай-култуурунай хайысхалар  хаартаҕа киириэхтэрэ. Холобур, «Тымныы полюһа — Өймөкөөн» бренд өрөспүүбүлүкэбитин сураҕырта.

Биһиги, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, айылҕа көстүүтүн эрэ буолбакка, аатырбыт дьону, интэриэһинэй пааматынньыктары, онтон да атын бренд буолбут  хайысхалары тобулан, бары кыахпытын, толкуйбутун түмэн, сонун сүүрээни олоххо киллэриэхпитин баҕарабыт, — диэн Уопсастыбаннай Балаата чилиэнэ Лена Ефремова санаатын үллэһиннэ.

«Саха сирин тыыннаах нэһилиэстибэтэ» бырайыак каартата Уопсастыбаннай Балаата официальнай саайтыгар оҥоһуллуоҕа.

Өрөспүүбүлкэ олохтоохторо бэйэлэрин этиилэрин oprs11@mail.ru электроннай почтаҕа, Уопсастыбаннай Балаата инстаграмыгар ыытыахтарын сөп. Бары киирбит этии саайтка уонна социальнай ситимнэргэ 2020 с. олунньу 1 күнүгэр диэри хомуллуоҕа.

Бу туһунан СИА кэрэспэдьиэнэ Ольга  Старостина суруйда.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0