Саха сирин боксатын историята (ХРОНОЛОГИЯ)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ахсынньы 2 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ спорка уопсастыбаннаһа Саха сиригэр бокса сайдыбыта 60 сыллаах кэрэ-бэлиэ түгэнин үөрүүлээхтик бэлиэтиир. Бу күн бокса үбүлүөйүгэр аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

Бүгүн Саха сиригэр бокса сайдыытын, спортсменнарбыт ситиһиилэрин көрдөрөр чахчылары билиһиннэрэбит.

1956 – Саха сирин боксаҕа бастакы чөмпүйэнээтэ. 44 кыттааччы. Ыйааһыннарыгар чөмпүйүөннэр: Олег Якутцев, Артем Никифоров, Иннокентий Акимов, Леонид Соловьев, Вениамин Цапкин, Егор Ковалько, Анатолий Игнатенко, Александр Ращупкин, Петр Мельник.

1957 – Дьокуускайга Саха сирэ-Бурятия-Магадан хамаандаларын табаарыстыы көрсүһүүлэрэ.

1959 – Саха сирин хамаандата Уһук Илин күрэхтэһиитигэр иккис миэстэни ылан, РСФСР чөмпүйэнээтигэр кыттар быраабы ылбыта.

1960 – Тренер Арсен Петров иитиллээччитэ Артем Никифоров ССРС спордун маастарын нуорматын толорбута. Кини кэнниттэн тута сөрөөн 60-с сыллар саҕаланыыларыгар Николай Спиридонов, Эдуард Кауфман, Владимир Разинскай, Виктор Шитик спорт маастардарынан буолбуттара.

1963 – Улан-Удэҕэ ыытыллыбыт зонатааҕы күрэхтэһиигэ Саха АССР боксердара иккис миэстэни ылбыттара.

1964-65 – Эдуард Кауфман Сэбиэскэй Сойуус чөмпүйэнээтигэр боруонса мэтээли ылбыта. Бу, Саха сирин тирии бэрчээккэлээхтэрэ дойду күрэхтэһиитигэр бастакы дьоһун ситиһиилэрэ этэ.

1965 – Омскайдааҕы институту бүтэрбит үрдүк үөрэхтээх исписэлиис С.С.Ларионов Саха судаарыстыбаннай университетыгар үлэтин саҕалаабыта.

1967 – Дьокуускай, СГУ, Сунтаар спортсменнара кыттыылаах Ньурба оройуонун боксаҕа аһаҕас чөмпүйэнээтэ ыытыллыбыта. Кэлин бу турнир Н.Чусовской аатынан ыытыллар буолбута.

1967 – “Спартак” спортивнай уопсастыба спортивнай оскуолатыгар бокса отделениета аһыллыбыта. Тренердэринэн Арсений Петров уонна Виктор Шитик үлэлээбиттэрэ.

1968 – Юрий Федоров уонна Эдуард Кауфман ССРС зонатааҕы күрэхтэһиитин кыайыылаахтара. Оттон финал күрэхтэһиитигэр тиийэн Э.Кауфман бастаабыта, Ю.Федоров бэһистээбитэ.

1970 – Саха сирин биэс эдэр боксера Россия күрэхтэһиитин финалыгар кыттар быраабы ылбыта.

1971 – Семен Аммосов уонна Анатолий Роммель ССРС күрэхтэһиитигэр кыттыбыттара. Роммель үһүс миэстэҕэ тахсыбыта.

1972 – Саха сирин уолаттарга хамаандата Дьокуускайга ыытыллыбыт РСФСР зонатааҕы күрэхтэһиитигэр кыайыылааҕынан тахсыбыта. Оттон финалга тиийэн Николай Жирков бастакы миэстэни ылбыта, Владимир Прокопьев уонна Анатолий Роммель үһүс буолбуттара. Итинтэн салгыы аны ССРС уолаттарга рингэтигэр А.Роммель иккис төгүлүн боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

1973 – Семен Аммосов эдэрдэргэ ССРС күрэхтэһиитигэр иккис миэстэҕэ тахсан, дойду сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар ылыллыбыта. Салгыы кини “Дружба” норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга иккис уонна Ленинградка ыытыллыбыт улахан таһымнаах күрэхтэһиигэ үһүс миэстэлэри ылбыта.

Бу ситиһииттэн өрө көтөҕүллэн, “Спартак” стадион павильонугар бокса саалата арыллыбыта. Салгыы Саха АССР спорка кэмитиэтэ Үрдүкү спортивнай маастарыстыба оскуолатыгар бокса отделениетын аспыта. Син эмиэ Дьокуускайга, Ньурбаҕа, Бэрдьигэстээххэ курдук, аны Мирнэйгэ, Ленскэйгэ, Бүлүүгэ, Майаҕа, Покровскайга, Нерюнгрига тренердэр штаттара аһыллыбыта.

1978 – Саха сирин хамаандата Уһук Илин зонатын күрэхтэһиитигэр бастаабыта. Николай Жирков Россия эр дьоҥҥо чөмпүйүөнэ буолар.

Тренер Вильям Иванов иитиллээччитэ Александр Михайлов Сэбиэскэй Сойуус чөмпүйүөнүн үрдүк аатын ылар уонна норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара буолар. Салгыы Белградка аан дойду чөмпүйэнээтигэр боруонса мэтээлинэн наҕараадаланар.

1979 – Николай Жирков РСФСР норуоттарын спартакиадатын кыайыылааҕынан буолан, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастарын нуорматын толорор. Оттон Александр Михайлов призердуур.

1980 – Виктор Ефремов уонна Александр Михайлов ССРС чөмпүйэнээтин боруонса призердарынан буолаллар. Оттон Владимир Дронов Россия чөмпүйүөнүн аатын ылар.

1981 – Виктор Ефремов ССРС чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаланар.

1982 – Дьокуускайга Россия чөмпүйэнээтэ ыытыллар. Онно Александр Петров, Александр Михайлов, Владимир Дронов бастыыллар, Василий Афанасьев, Сергей Мордвинов иккистииллэр¸ Петр Эверстов, Анатолий Пахомов, Иван Саввинов үһүстүүллэр.

Виктор Ефремов Махачкалаҕа ыытыллыбыт турнирга ситиһиилээхтик кыттан, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастарын нуорматын толорор.

1983 – Александр Петров уонна Анатолий Пахомов РСФСР норуоттарын спартакиадатыгар кыайаллар.

1986 – Николай Петров ССРС күрэхтэһиитин призерунан буолар.

1987 – Анатолий Филиппов Сэбиэскэй Сойуус чөмпүйүөнээтигэр бастыыр, Европа чөмпүйэнээтигэр бэһис миэстэ буолар.

1988 – Сергей Самойлов ССРС эдэрдэргэ күрэхтэһиитигэр бастыыр. Салгыы дойду эр дьоҥҥо чөмпүйэнээтигэр икки төгүл боруонса мэтээлгэ тиксэр.

1990 – Анатолий Филиппов Сиэтллга (АХШ) ыытыллыбыт Үтүө Дьулуур оонньуу үрүҥ көмүс призерунан буолар.

1991 – Сергей Самойлов КГТ чөмпүйүөнэ буолан, олимпийскай хамаандаҕа киирэр.

1992 – Канадаҕа буолбут эдэрдэргэ аан дойду күрэхтэһиитигэр Михаил Поршнев кыһыл көмүс, Сергей Исмаилов үрүҥ көмүс мэтээллэри кэтэллэр.

Анатолий Филиппов Барселонатааҕы Олимпиадаҕа күүһүн холоһор.

1994 – Дмитрий Федоров Россия чөмпүйэнээтин призердуур.

1997 – Тренер Артур Пахомов үөрэнээччитэ, Ньурбатааҕы оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччитэ Георгий Балакшин эдэрдэргэ Европа күрэхтэһиитигэр бастакы, эһиилигэр эмиэ эдэрдэргэ аан дойду күрэхтэһиитигэр иккис миэстэлэри ылар.

2000 – Георгий Балакшин Россия чөмпүйүөнүнэн буолар. Афанасий Поскачин Россия кубогар иккистиир.

Спорт үтүөлээх маастара Георгий Балакшин уопсайа Россия 6, Европа 3 төгүллээх чөмпүйүөнэ буолар. Итини тэҥэ кини аан дойду чөмпүйэнээтин уонна Үтүө Дьулуур оонньуутун үрүҥ көмүс призердара, Пекиннээҕи Олимпиада боруонса мэтээлин хаһаайына.

Оттон норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Афанасий Поскачин Россия чөмпүйэнээтиттэн – 1 кыһыл көмүс, 2 үрүҥ көмүс уонна 2 боруонса мэтээллэрдээх.

2007 – Дьокуускайга Россия боксаҕа чөмпүйэнээтэ ыытыллыбыта. Онно Георгий Балакшин (51 кг) кыһыл көмүс, Дмитрий Винокуров (48 кг), Семен Степанов (51 кг), Николай Дмитриев (54 кг), Афанасий Поскачин (57 кг), Вадим Лихман (91 кг) боруонса мэтээллэри ылбыттара.

2014 – Дьокуускайга устудьуоннар икки ардыларыгар аан дойдуга бастыыр иһин чөмпүйэнээт буолбута. Онно Василий Егоров уонна Дарман Кутубеков бастаабыттара.

2015 – Василий Егоров Россия уонна Европа чөмпүйүөннэринэн буолбута. Аан дойду чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Итинэн Олимпиадаҕа кыттар быраабы ылбыта.

2016 – Василий Егоров (49 кг) Рио-де-Жанейро куоракка ыытыллыбыт XXXI сайыҥҥы Олимпиада кыттыылааҕа.

Василий Егоров Россия икки төгүллээх чөмпүйүөнүн аатын ылла.

Бэлэмнээтэ Петр ПАВЛОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0