Саха сирин Биэнсийэҕэ пуондата от ыйын 1 күнүттэн саҥа босуобуйаны ылыыга сайабылыанньалары тутар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Учуокка эрдэ турбут хат дьахталлар, 8 сааһыттан 17-гэр диэри саастаах оҕолордоох толорута суох дьиэ кэргэттэр элбэх өҥөнү оҥорор порталга электроннай көрүҥүнэн эбэтэр бэйэлэрэ олорор сирдэригэр баар Биэнсийэ пуондатын тэрилтэтигэр тиийэн, сайабылыанньа суруйаллар.

Босуобуйа ананыытын сүрүн усулуобуйата — бэйэҕэ тиийинэн олорор харчыттан 18 368,00 солк. үрдүгэ суох дохуоттаах ыал сайабылыанньа суруйаллар. Толорута суох дьиэ кэргэҥҥэ анаммыт босуобуйа кээмэйэ — бэйэҕэ тиийинэн олоруу кээмэйин 50% -на — 9 600,50 солк.

Хат дьахтарга анаммыт босуобуйа кээмэйэ — бэйэҕэ тиийинэн олоруу кээмэйин 50%-на — 9 738,00 солк.

Интэриэһиргиир боппуруостаргытын 8-800-600-02-98 нүөмэргэ босхо эрийэн билсиэххэ сөп.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0