Бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр таһаҕас тиэйэр, сүөкүүр, хаары, кумаҕы ыраастыыр тиэхиньикэни оҥороллорун, атыылыылларын билэҕит дуо? Дьокуускайтан төрүттээх биир интэриэстээх уолаттар мустан тустаах тиэхиньикэни толкуйдаабыттарын ааһан, быыстала суох сакааска оҥороллор уонна бырайыактарын саҥардаллар. Онон биһиэхэ, Сахабыт сиригэр оҥоһуллубут погрузчиктары Арассыыйа атын куораттарыгар туһанан ырааппыттарын соһуйа иһиттибит.
Бүгүҥҥү ыалдьыппытынан урбаанньыт Геннадий Сергеевич Бубенчиков буолар. Геннадий хамаандатын кытта “Батрак” диэн кыра погрузчиктары оҥорор, атыылыыр. Урбаанньыт Дьокуускайтан сылдьар, коммунальнай-строительнай техникуму уонна БГУ-ну бүтэрбит, 2018 сылтан “Якутия” технопаарка резиденинэн буолар.
Хаһыаппыт ааҕааччыларыгар Геннадий Бубенчиков омук тиэхиньикэтиттэн хаалсыбат погрузчиктары хайдах толкуйдаан таһаарбытын туһунан сиһилии маннык кэпсиир:
— Мин икки сыллааҕыта кыра погрузчик оҥорорго санаммытым, онно бырайыагын толкуйдаабытым. Билигин хамаанда быһыытынан иккиэ буолан үлэлии сылдьабыт. Бу сүрүн үлэһиттэр буолабыт, өссө икки көмөлөһөөччүлээхпит.
Погрузчик бырайыагын оҥоро сылдьан, наадалаах малы, тимири хомуйар кэммитигэр номнуо докумуонун ситиспиппит. Ол курдук, погрузчикпыт конструкторскай докумуоннаах, бэрэбиэркэни ааспытын туоһулуур боротокуоллардаах, оҥорон таһаарарбытыгар сэртипикээттээх.
Бырайыакпын саҥа саҕалыырбар “Якутия” технопаарка салалтатыгар үлэбин көрдөрбүтүм. Онуоха кинилэр тута бары өттүнэн миигин өйүүллэрин биллэрбиттэрэ. Үлэлиирбитигэр анаан хос биэрбиттэрэ, докумуоннарын ситэ оҥотторорбутугар 80% үбүлээһин көрүллүбүтэ. Үлэ күөстүү оргуйан барбыта. Погрузчиктары оҥорбуппутун кэнниттэн технопаарка киэҥ эйгэҕэ үлэбитин билиһиннэрэрбитигэр диэн араас таһымнаах быыстапкаларга, презентацияларга кыттарбытыгар кыаҕы биэрбитэ.
Ол эрээри ханнык даҕаны грааннарга кыттыбатахпыт, харчы ылбатахпыт. Билигин бэйэбит үппүтүнэн погрузчиктарбытын оҥоробут.
— Омук дойдуларыгар оҥоһуллар погрузчиктартан эһиэнэ туох уратылааҕый?
— Биһиги оҥорон таһаарар “Батрак” погрузчикпыт биир саамай сүрүн уратытынан сыаната чэпчэкитигэр буолар. Барыстаах уонна привода толору уйуктаах, кыанар. Оҥоһукпут кыра массыына прицебигэр батар, онон ханна баҕар тиэйэн илдьэн үлэлэтиэххэ сөп. Араас үлэни толороругар диэн насадката элбэх: кумаҕы, хаары баһар куопсуктаах, иилэн баһарга анаан биилэлээх.
Омук сиригэр оҥоһуллар погрузчиктар саппаастара манна суох, сөп түбэһэр оҥоһуллубат да буоллаҕа, онон алдьаннаҕына өрөмүөнүгэр саппаас күүтэн күн-дьыл бөҕөтүн барыахха сөп. Оттон биһиги погрузчикпыт саппааһын 90%-на Арассыыйаҕа оҥоһуллар. Модульнай двигателлээх буолан көлүөһэни уларытардааҕар судургутук уларытыахха сөп.
— Кырдьык даҕаны, атын погрузчиктартан судургу оҥоһуулаах уонна туттарга даҕаны өйдөнүмтүө буолуо. Бэйэбит олорор усулуобуйабытын көрөн таҥнаххыт. Оттон бэлэм “Батрактары” билигин кимнээх тутта сылдаьлларый? Үлэҕэ хайдах дииллэрий?
— Сакаас быыстала суох киирэр. Арассыыйа араас муннуктарыттан сакаастыыллар. Ол курдук, “Батрактар” билигин Сахалиҥҥа, Новгородка үлэлии-хамныы слыдьаллар. Итиэннэ Саха сиригэр Усуйаанаҕа, Ньурбаҕа, Дьокуускайга бааллар. Биир погрузчикпытын 203 микро-оройуону салайар хампаанньа арыандаҕа ылан үлэлэтэ сылдьар. Туһанааччылар погрузчик үчүгэй өрүттэрин эрэ этэллэр, туга эрэ табыллыбат, сатаммат диэн этии киирэ илик.
— Интэриниэккэ сурулларынан, хаары, кумаҕы ыраастыыр, тиэйэр-таһар куопсуктаах маныаха маарынныыр тэриллэри мөлүйүөнтэн кыраҕа атыылаабат эбиттэр. Кистэл буолбатах буоллаҕына, эһиги биир “Батраккыт” хас сыанаҕа турарый?
— “Батрак” сыаната – 400 тыһыынча солкуобай. Сакаас киирэр, дьон наадыйар эбит. Билигин хас даҕаны ыйга оҥорор үлэ киирэн турар. Сакаасчыттар төлөпүөннээн эбэтэр офиспытыгар кэлэн сайаапкалаһаллар. Бэйэбитигэр атыыга биир даҕаны погрузчик суох, барыта тута атыыланан иһэр.
— Инникитин туох былааннардааххытый?
— Погрузчикпытын ситэрэн-хоторон биэриэхпитин баҕарабыт. Хаары үтэр отваллаах, оту охсордоох, суолу ыраастыыр суоккалаах гына өссө эбии толкуйдар бааллар. Сыыйа-баайа олоххо киллэрэн иһиэхпит.
Айтана Аммосова.