«Саха сирин бастыҥ табаардара-2022» өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэс сыллата үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллар.
Хаачыстыбаны сыаналыыр, көрөр-истэр хамыыһыйа сүбэ мунньаҕын вице-премьер Михаила Никифоров иилээтэ-саҕалаата. Күрэс түмүгүнэн түөрт араас номинацияҕа кыайыылаахтар быһаарылыннылар.
«Продовольственные товары» номинацияҕа — Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика («Солнышко» куурусса сымыытынан);
«Изделия народных и художественных промыслов» анал аат — Иван Тимофеев, саха быһаҕынан кыттан;
«Продукция производственно-технического назначения» — ИП Глеб Дюков полиграфическай үлэтинэн;
«Услуги для населения» — «Норд Пауэр» ХЭУо «Үрдэл» пааркаҕа туристическай өҥөнү оҥоруу.
Маны сэргэ, иккис, үһүс истиэпэннээх дипломаннар быһаарылыннылар.
Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэ баҕатынан сертификацияланыы тиһигэ үлэлиир, атыы-эргиэн былаһааккалара тэриллэллэр. Күөн күрэскэ кыттыыга, кыайыыга хаачыстыбаны таһынан, тэрилтэлэр бэйэлэрин бородууксуйаларын «Арассыыйа сүүс бастыҥ табаара» бэлиэнэн далааһыннаахтык хамсаталларыгар кыаҕы биэрэр.