Саха сирин бастакы нүөмэрдээх булчута Александр Барыыһап

05.04.2018
Бөлөххө киир:

Бу субуотаҕа Булчут күнүн бэлиэтиибит. Сибээс уонна информационнай технология миниистирин Александр Борисовы саха дьоно эрэ буолбакка, дойдубут уонна аан дойду эр бэртэрэ Саха сирин 1-кы №-дээх булчутунан билэллэр, билинэллэр. Омуна суох, омук туристара кининэн сирэйдээн Саха сирин айылҕатын, булдун сэҥээрэн, элбэхтик кэлэр-тиэстэр буолан эрэллэр. Онон Александр Ильичтиин сирэй салайааччыбыт быһыытынан буолбакка, булчут быһыытынан сэһэргэстим.


“Булка эрэйдэниэх оҕо сылдьаҕын…”

 — Хас саастааххар сааланан, аан маҥнай бултуйбуккунуй?

— Биир уостаах 20-лээх сааны 13 саастаахпар илиибэр туппутум. Саха оҕолорун үгүстэрин курдук, маҥнайгы булдум кус этэ. Ол күһүн биир күн 3 чөккөйү ытан ылбытым.

— “Бултаах-алтаах дойдуга эрэ үөскээбит дьон дьиҥнээх булчут буолаллар” диэн өйдөбүллээҕим… Эбэтэр эн булчут дьиэ кэргэҥҥэ үөскээбитиҥ дуу?

— Эһэм дьүрү балыктаабат даҕаны этэ. Оттон аҕам, эр дьон тэҥинэн, кус-куобах булдугар сылдьара. Мин оҕо сааһым Төхтүргэ ааспыта. Өрүс тардыытыгар, үрэх үрдүгэр олорор буоламмыт сайын күөгүлээн, күстэх, алыһар, мунду, собо балыктары хаптарарбыт. Муҥутаан, дьорохой (сордоҥ оҕото) түбэһээччи. Оччолорго спиннинг сэдэх этэ. “Закидушканы” бэйэбит оҥосторбут.

Кэлин үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, сибээскэ үлэлии сылдьаммын, 26-27 саастаахпар, кыра бултан хайдах эрэ астыммат буолбутум. Ол иһин, күһүн уоппускам кэмигэр бииргэ үлэлиир табаарыспын батыһан, Ленскэйгэ Нотуораҕа олорор аҕа кынныгар Капитон Зориҥҥа тиийэн бултаһар буолбутум. Киискэ, тииҥҥэ, тайахха сылдьар этибит. Онно ылларбытым. Хаппытыан биирдэ: “Булка эрэйдэниэх оҕо сылдьаҕын”, — диэбитигэр маҥнай испэр өһүргэнэ санаабытым: “куорат киһитэ ыарырҕатар, сылайар” диэн сэнээн эттэҕэ диэн. Онтум баара, булка ылларбыппын, азартаахпын билэн эппитин кэлин өйдөөбүтүм. Кырдьык, булт – сылаалаах, эрэйдээх дьарык. Мин бэйэбин улахан булчутунан ааҕыммаппын. Булчут диэн айылҕа оҕото, үүтээҥҥэ олохтоох киһи. Биһиги өрөбүлбүтүгэр, уоппускабытыгар сыбаан, быстах  кэмҥэ сылдьабыт.

Соҕурууттан – кулааһай, хоту – туртас

— Александр Ильич, билигин “бултааһын култуурата” диэн баар дуо?

— Бу икки өрүттээх өйдөбүл. Биһиги, аныгы булчуттар, быраабыла-көҥүл иһинэн бултуубут. Ол үксүн айылҕа хамсааһыныгар сөп түбэспэт. Айылҕа туспа сокуоннаах. Биһиги өбүгэлэрбит, аҕа көлүөнэ дьон дьыл кэмэ хаһан кэлэриттэн, көтөр-сүүрэр хайдах хамныырыттан көрөн, айахтарыгар эрэ бултууллара, айылҕаҕа хоромньу таһаарбаттара. Кэлин олохпут тосту уларыйда, саа-сэп тубуста. Тиистэригэр тиийэ сэбилэммит булчуттар ортолоругар бултааһын култуурата сыстыбатах дьоно эмиэ бааллара кистэл буолбатах. Үөрүөхпүт иһин, бултааһын сиэрин, бэрээдэгин кэһээччи кэлиҥҥи сылларга аҕыйаан иһэр. Ол туоһута – кыыл сорох көрүҥэ лаппа эбилиннэ, үөскүүр түөлбэтэ кэҥээтэ. Холобур, киин уонна илин эҥээрдээҕи улуустарга кулааһай кэллэ. Томпо, Өймөкөөн эргин туртас биллибит. Онон, “дьон көрбүтүн барытын аҥаар кырыытыттан тоҕута ытыалыы сылдьар, булт баранна” диэн кэпсээн сымыйа. Сирдээх, үүтээннээх булчуттар  кыыл-сүөл төһө үөскүүрүн, эбиллэрин көрө-билэ сылдьаллар.

Видеокамераттан тэлэбиидэнньэҕэ тиийбитэ

— Эн “Охота и рыбалка в Якутии” биэриигэр көрөөччү сыһыана араас. Сорох биһириир, сорох сүөргүлүүр. “Үрдүк дуоһунастаах тойон эрээри солуута суох дьыаланан дьарыктанар” диэччилэр даҕаны бааллар…

— Мин бу дьарыкпын бырабыыталыстыба чилиэнэ, миниистир буолуом быдан инниттэн саҕалаабытым. Маҥнайгы видеокамерабын 1995 с. атыыласпытым, онтон ыла айылҕа көстүүлэрин, булт түгэннэрин уһула сылдьар буолбутум. Теле-хампаанньалар салайааччыларыгар “анал биэриитэ оҥоруохха” диирим даҕаны, олоххо кыайан киллэрбэтэхтэрэ. Булт туһунан биэрии суоҕа. “Байанай” сурунаал эрэ баара. Бэйэм аҕыйах киһини түмэ тардан, 2009 сылтан биэрии оҥорон барбытым. Бастаан студия иһиттэн тахсыбат буоллахпытына, 7-с биэрииттэн саҕалаан айылҕаҕа устар-түһэрэр буолбуппут. Онтон ыла студийнай биэрии тохтообута.

— Биэриигит туох санааттан үөскээбитэй?

— Саха сирин айылҕатын, кыылын-көтөрүн, булт сиэрин-туомун, саха норуотун үгэстэрин, булчуттар олохторун-дьаһахтарын бар дьоҥҥо ханна олороруттан, омугуттан тутулуга суох көрдөрүөхтээхпит, биллэриэхтээхпит диэн санааттан саҕыллан тахсыбыта. Дьиҥэр, саха эрэ булчут буолбатах. Саха сиригэр маҥнай кэлбит нуучча дьоно киисчиттэр (промысловиктар) этэ. Биһиги хара ааныттан уратыбытын көрдөрөргө дьулуспуппут. Билигин Байанайы бары билэр буоллулар. Сир-уот иччитин аһатар, айах тутар киһи айылҕаҕа, булка атыннык сыһыаннаһар. Биһиги булду устарбытыгар хааны-сиини көрдөрбөппүт. Сиэри таһынан бултааһын эмиэ суох. Булчут бултаабыт кыылыгар-көтөрүгэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара – булт суруллубатах сокуона.

Байанайы Америкаҕа кытта билэллэр

— Төһө сэҥээрэллэр дии саныыгын?

— Федеральнай таһымҥа тахсыахтаахпыт диэн эрдэттэн хорсуннук санаммыт буоламмыт биэриибитин бастакыттан нууччалыы оҥорорго быһаарбыппыт. Сыыстарбатах эбиппит. Биһигини 200-чэ дойдуга көрөллөр, билэллэр. Эрдэ “Охота и рыбалка” телеханаалга тахса сылдьыбыппыт. Кэлин “Дикий” телеханаалга көстүбүт. “Дикая охота” уонна “Дикая рыбалка” диэн биэриилэрдээх. YouTube-ка эмиэ бэйэбит телеханааллаахпыт. Сыл иһигэр 9 мөл. тахса көрүү бэлиэтэннэ. Бу 20-тэн тахса мүнүүтэлээх биэриини туһанаары анаан көрөр дьон, үгүстэрэ идэтийбит булчуттар. Америкаттан тиийэ көрөллөр. Английскайдыы тылбаастаах көрдөрөр былааннаахпыт. Оччоҕуна көрөөччүбүт өссө элбиэх этэ.

-Ааптар уонна ыытааччы быһыытынан биэриигин саҕалаабытыҥ эһиил 10 сылын туолар эбит. Бу кэм устатыгар булчуттардыын – хара тыа оҕолорунуун алтыһа сылдьан, тугу бэлиэтии көрөҕүн?

-Маҥнай үлэлиирбэр дьону киинэҕэ устар даҕаны моһуоктаах соҕус этэ. Кыайан саҥарбат, кыбыстар курдук буолааччылар. Кэлин саха дьоно уһуллуохтарын баҕараллар, санааларын аһаҕастык сайа этинэр буоллулар. Бу сайдыыбыт, култуурабыт үрдээбит бэлиэтэ дии саныыбын.

“Бэйэм харчыбар бултуубун, киинэ устабын”

— Сорох дьон Александр Борисов бултууругар, киинэҕэ устарыгар “дуоһунаһынан туһанар” буолан, суолтан-иистэн да, күнтэн-дьылтан даҕаны иҥнибэккэ сылдьар дии саныыллара төһө оруннааҕый?

— Бултуурбар, онно таарыйа киинэҕэ устарбар булт көҥүлүгэр түбэһиннэрэн уонна лицензияҕа тигистэхпинэ эбэтэр көһүннэҕинэ (булчуттар бэйэлэрэ ыҥыраллар, кинилэргэ лицензия хайаан да баар буолар), өрөбүл күннэрбин уонна уоппускабын туһанабын. Онон биир ый иһигэр, төһө кыалларынан, 3-4 сиргэ сылдьа сатыыбын, оччоҕуна эрэ телеханаал сылга сакаастыыр 7-8 киинэтин оҥорон биэрэр кыах баар. Айан, командировка ороскуотун барытын бэйэм сиэппиттэн уйунабын.

— Киинэҕэ устар-таҥар үлэһиттэргин хайдах хамнастыыгын?

— Тэрилтэбит киллэрэр дохуотуттан. Онно бүддьүөттэн соххор солкуобай ороскуоттаммат.

— Киинэҕин телеханаалларга атыылаабаккын дуо?

— Суох. Омук дойдуларыгар атыылыыр буоллахтарына, биһиэхэ – босхо. Дьон билиитигэр таһаардыннар эрэ диэн баҕаттан.

— “Охота и рыбалка”  телеханаал биэриилэригэр көрдөххө, халыҥ харчылаах баай дьон аан дойдуну кэрийэ сылдьан, Африкаҕа тиийэн слону кытта бултууллар. Биһиэхэ хайдаҕый?

— Сыччах трофейнай булдунан үп киллэринэн олорор судаарыстыбалар бааллар. Баай дьон үгүөрү харчыны хаалларан бараллар. Бу аан дойду үрдүнэн баар көстүү. Саха сирэ онтон син биир туораабат. Биһиги биэриибититтэн көрөн-билэн, тастан кэлээччи сыл ахсын элбээн-эбиллэн иһэрин экстремальнай уонна булт туризмынан дьарыктанар тэрилтэлэр билинэллэр. “Омук дьоно сирбитин-уоппутун тэпсиэхтэрэ, булпутун барыахтара” диэн көҥөнөр сыыһа. Төттөрүтүн, бултанар сири бас билээччилэр өрө тардыналлар: кыылы-сүөлү ааҕар, харыстыыр буолаллар, кыһын-саас кыыллары эбии аһаталлар. Сирдээх дьон билигин курдук үспүкүлээссийэлииллэрэ тохтуоҕа. Ырыынак бэйэтэ орун оннугар булларыа. Булчут харчытын кэрэйбэккэ, үчүгэй усулуобуйаны тэрийэр хаһаайыстыбаны талар буолуоҕа. Москва, Санкт-Петербург маннык быыһык кэми ааспыттара. Биһиги даҕаны тиийиэхпит.

Сибээс миниистирин сүбэтэ

Булка хайаан даҕаны спутниковай төлөпүөннээх сылдьыҥ. Билигин бааллартан барыларыттан “Иридиум” чорбойор. Саха сиригэр ордук барсар, табыгастаах ситим: бэл диэтэр, Хотугу муустаах байҕал кытылыттан хабар.

Олоҕун олуктара

Борисов Александр Ильич

1960 с. атырдьах ыйын 3 күнүгэр Хаҥалас улууһун Төхтүрүгэр төрөөбүтэ.

1982 с. СГУ физфагын, 2006 с. РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн судаарыстыбаннай сулууспа Россиятааҕы академиятын үөрэнэн бүтэрбитэ.

1983 сылтан сибээс эйгэтигэр үлэлээбитэ: өрөспүүбүлүкэ сибээһин производственнай-тэхиньиичэскэй салалтатын бырайыактыыр-конструкторскай салаатын инженериттэн саҕалаан, 1996-2010 сс. СӨ “Тэлэбиисэринэн уонна араадьыйанан биэрии тэхиньиичэскэй киинэ” СУТ генеральнай дириэктэригэр тиийэ үүммүтэ.

2010-2014 сс. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.

2014 с. алтынньы 6 күнүгэр сибээс уонна информационнай технология миниистиринэн анаммыта.

Кэргэннээх, икки оҕолоох.

Сэмсэ тыл

Афанасий Ноев, “Сахамедиа” холдинг генеральнай дириэктэрин э.т.:

— Александрдыын биир дойдулаах буоламмыт кыра да, улахан да булка бииргэ сылдьыбыппыт элбэх. Кини — байанайдаах булчут, бэргэн ытааччы. Александр Ильич аҥаардастыы булдунан үлүһүйбэккэ, эрдэттэн ырааҕы көрөн, сөптөөх суолу тутуспутун чорботон бэлиэтиибин. Александр Борисов “Охота и рыбалка в Якутии” биэриитин дойдубут уонна аан дойду бары муннуктарыгар сэргээн-кэрэхсээн көрөр-истэр буолбуттара элбэҕи этэр.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0