Саха сирин бастакы Кэрэ Куота Ирина Федорова

09.03.2017
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр кэрэ кыргыттар куонкурустара ааспыт үйэ 90-с сылларыттан саҕаламмыта. Олох чопчулаан эттэххэ, 1990 сыллаахха Дьокуускайга ыытыллыбыт аан бастакы “Снежная королева” диэн аатынан барбыт куонкурус, арааһа, киэҥ сэҥээриини оччо ылбатах дуу, дии саныыгын. Тоҕо эрэ, ол куонкурус туһунан ким да туох да диэбэт…  Оттон дьэ, ол нөҥүө сылыгар – 1991 сыллаахха,  саас муус устарга  Дьокуускай куорат Култууратын отделын тэрийиитинэн (салайааччы О.М. Харайбатова), саха сиэригэр-туомугар, фольклоругар  тирэҕирэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи аан бастакы “Туйаарыма Куо” — кэрэ куолар күрэхтэһиилэрэ, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Култуура киинигэр уу  сахалыы тылынан ыытыллыбыта.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Дьэ, ол куонкуруска кыайыылааҕынан тахсан, саха бастакы Туйаарыма Куотун аатын  Чурапчы кыыһа, 18 саастаах Ирина Федорова сүкпүтэ. Түүн үөһүгэр диэри  барбыт күрэхтэһии түмүгүнэн, “Сахаада” хаһыаппыт бастакы сирэйигэр “Дорообо, биһиги Туйаарыма Куобут!” диэн төбөлөөн, олох умнубаппын – түүн типографияҕа тиийэн, Таубер диэн сыах начаалынньыгын кытта өр кэпсэтэн, тылбытыгар ылыннаран, балаһаны биир гына улахан хаартысканы таһаартарбыппытын итиэннэ мин Иринаттан, Туйаарыма Куо буолаатын кытта  ылбыт аан бастакы экспресс-интервьюм бэчээттэммитин өйдүүбүн. Репортаһы, оччолорго эдэр суруналыыс Айталина Никифорова бэркэ суруйбута.

Үйэ чиэппэриттэн ордук кэм ааста. Чопчулаан эттэххэ – 25 сыл, 10 аҥар ый.


Мин бүгүн бастакы Туйаарыма Куону — Ирина Федорованы көрүстүм. Ирина – саха бастакы кэрэ куота, бу кэм устата, биллэн турар, кыыс оҕо аналынан, кэргэн тахсан, ыал буолан, үс оҕо амарах ийэтэ буолан олорор. Кэргэнин үлэтинэн Хабаровскайга 3 сыл олорор кэмигэр дьоппуон тылын үөрэппитэ. Улахан уоллара билигин Россия аармыйатыгар сулууспалыы, дойдутугар ытык иэһин төлүү сылдьар эбит. Кыргыттара – улаханнара оскуола үөрэнээччитэ. Кыралара – детсад иитиллээччитэ.


Бастакы куонкуруска, “Туйаарыма Куо”-ҕа, улахан ситиһиилээхтик кыттарыгар Иринаҕа, биллэн турар, төрөппүттэрэ, чугас дьоно көх-нэм, өйөбүл буоллахтара. Эбэтэ Ирина Васильевна, эһэтэ Николай Николаевич Сивцевтэр Мугудайтан төрүттээх этилэр, оттон ийэтэ Антонина Николаевна, аҕата Владимир Иванович  Федоровтар — Одьулуун нэһилиэгин дьоһун-мааны ыала. Быраата Иван Владимирович Федоров билигин Намнааҕы Федеральнай суут бэрэссэдээтэлэ, икки оҕолоох ыал аҕата. Балтыта Антонина Владимировна Городецкая Чурапчытааҕы мировой суут судьуйатын көмөлөһөөччүтэ, эмиэ икки оҕолоох ыал ийэтэ.

Куонкуруска кыттыытыгар бэлэмнэнии, тэрээһин өттүнэн оччотооҕу комсомол Чурапчытааҕы райкома улахан күүс-көмө буолбутун Ирина эмиэ истиҥ махталынан ахтар.

Ирина Владимировна билигин М.К.Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун төрүт култууратын кафедратыгар младшай научнай үлэһит. Экономист-финансист идэлээх эрээри, билигин, сүрэҕин этиитинэн, университет саха салаатыгар киирэн, иккис үрдүк үөрэҕин бүтэрэн эрэр.

Ирина, экономист идэлээх киһи, төрүт култуураҕар кэлбит суолуҥ хайдаҕый?

—  Хайдах эрэ, олохпор тугу эрэ уларытыахпын баҕарар, тугунан эрэ ситэрэр-хоторор кэм кэлбит түгэнигэр түбэһэн буоллаҕа, мин илиибэр бөлүһүөк, улахан учуонай  Ксенофонт  Уткин “Саха толкуйа” кинигэтэ баар буолбута. Ааҕан баран, букатын “һык”  гына түспүтүм, уонна, “бу миэнэ эбит!” диэн сүрэхпинэн сэрэйбитим…  Кэлин 10 томнаах үлэтин анаан-минээн үөрэппитим. Онон, сүгүрүйэр киһим, Ксенофонт Дмитриевич, мин олохпор олус улаханнык сабыдыаллаабыта. Төрүт култуураҕа итинник кэлбитим.

Аан бастакы “Туйаарыма Куо” куонкурус  хайдах этэй, санааҕын үллэһин эрэ, оччолорго ханнык түһүмэхтэр баалларай?…

— Сахалыы тыыннаах аан бастакы куонкурус буолан, мин санаабар, барыта ураты, барыта саҥа, сонун этэ. Биэс күн устата, сарсыарда 7 чаастан киэһэ букатын хойукка диэри  бэлэмнэммиппит. Финалга тахсыбыт кыргыттар бары даҕаны талбыт курдук кэрэлэрэ, өйдөөхтөрө сөхтөрбүтэ. Киһи да быһыытынан сэргээбитим, бэрт эйэлээх этибит. Кыргыттартан, оччолорго  СГУ устудьуоҥката Мария Алексеева “Туймаада Куо” бочуоттаах ааты ылбыта, оттон Үөһээ Бүлүүттэн Анастасия Иванова “Айталыын Куо” аатын сүкпүтэ. Уонна мин – “Туйаарыма Куо”. Түһүмэхтэри барытын этэҥҥэ ааспыппыттан испэр бэйэм да үөрбүтүм. Ордук өйдөөн хаалбытым – “Түүлэй түүнү сырдатан…”  диэн түһүмэх. Саха кыыһын кэрэтэ кистэлэҥ буолуохтаах… Манна, барыбытыгар, муус-маҥан купаалынньык таһынан эмиэ муус-маҥан, сиргэ тиийэр уһун, ыйдаҥардан көрдөрөр (олоҥхоҕо этиллэринии — “таҥас бүтэй этэ көстөр, эт бүтэй уҥуоҕа көстөр, уҥуох бүтэй силиитэ көстөр…”), уһун сиэхтээх, чап-чараас, нарын шифон былаачыйа кэтэрдибиттэрэ, санныбытыгар эмиэ муус маҥан кырсанан, күндү түүлээҕинэн –киэргэллээх этибит…  Үөһээттэн прожектор уота ый сырдыгын санатан тыгара, оттон аллараанан туманы ыыппыттара… Хайдах эрэ, олоҥхоҕо дуу, остуоруйаҕа дуу, киирэн хаалбыт курдук этибит…

— Оскуола кэнниттэн кэлбит эдэркээн кыысчаан  толлубатаҕыҥ дуо?

— Арааһа, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан үҥкүүнэн уонна спордунан дьарыктаммытым көмөлөстөҕө. Сыанаҕа тахса үөрүйэх этим. Улууһум кыргыттарыгар баскетболга “бастыҥ нападающай” этим.  Уһунум 172 см. Хамаанданан бары үөрэрбит-хомойорбут элбэх этэ. Хайдах эрэ, спортивнай тыын, бастыырга дьулуур баар буолан кыайбытым буолуо, дии саныыбын.

Билигин сөбүлүүр дьарыгыҥ тугуй, уонна, Саха сирин биир саамай кэрэ кыыһа, билигин дьиҥнээх Далбар Хотуна, олоххор туохха дьулуһаҕын, баҕа санааҥ тугуй?

— Үлэбин кытта ситимнээх – былырыын сайыҥҥыттан саҕалаан, “Эгэй” диэн этно-фитнеһы иилээн-саҕалаан ыытан эрэбин. Ол аата, саха төрүт култууратын “Оһуор”, “Алгыс”, “Сарыал”, “Оһуохай”, “Кыталык” курдук хамсаныыларын оҥорторон, сахалыы үҥкүү тумус туттуллар муусукаларын  доҕуһуолунан, баҕалаах дьону үҥкүүлэтэбин. Наҕыллык, намчытык, аһары ойбокко, онон, сааһыттан тутулуга суох, “Кырдьаҕас куорат” балаҕаныгар мустан, ким баҕарар дьарыктанар кыахтаах. Киһи үҥкүүлээтэҕинэ, бэйэтин толору дьоллоохтук сананар.

Өссө хас да бырайыактаахпын. Холобур, кыратык сэгэтэн эттэхпинэ, остуоруйа, биһик ырыаларын сайтын аһан эрэбин. Итиннэ маастар-кылаастар да киириэхтэрэ, аудио-записьтаах … уопсайынан, былаан элбэх.

Быйыл дойдум дьоно, Одьулуун 305 сылыгар аналлаах ыһыахха кыргыттарга-дьахталларга  куонкуруста тэрий диэн көрдөспүттэрин толкуйдуу сылдьабын. Арааһа, анаан-минээн, элбэх оҕолоох ийэлэргэ ыытарым буолуо. Уонна, мин санаабар, манна хотторбут диэн суох – бары  кыайыылаах буолуохтара!

“Таҥас бүтэй тамана сандаарбыт, уҥуох бүтэй силиитэ дьалкыйан көстүбүт, тоҕус былас суһуохтаах туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо барахсан чараас-чараастык чыпчылыйан, минньигэс-минньигэстик мичилийэн, күн курдук күлүмүрдүү күлүмнээн, сардаҥа курдук сандаара тырымнаан, имин хаана тэтэрэн, кыталык курдук кынталдьыйан, куба курдук долгулдьуйан… ”, — диэн, саха нарын кыыһын  Ойуунускай убайбыт хайҕаабыта.

Сахабыт кыыһын дьиҥ кэрэтин, уратытын, сэмэйин-нарынын, таайтарыылааҕын — төрүт үгэстэрбитин, култуурабытын, фольклорбутун, тылбытын-өспүтүн курдук, эмиэ сүтэрэ сыспыт кэмнэрдээх этибит…  Онуоха, хата, тоҕоостоох бириэмэтэ-кэмэ тосхойон буоллаҕа, бу, “Туйаарыма Куо” курдук куонкурустар, дьиҥэр, хас биирдии кыыска баар, төрүттэриттэн бэриллибит  сахалыы майгыларын, сахалыы өйдөрүн-санааларын, куттарын-сүрдэрин уһугуннарбыт уонна салгыы сайыннарар үгүс үтүөлээхтэр.

Хаартыскаҕа: Бастакы «Туйаарыма Куо» кэрэ кыргыттар куонкурустарын кыайыылааҕа Ирина Федорова Туймаада ыһыаҕар. 1991 с.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0