Саха сирин баһылыгын сорудаҕынан ковиды утары нэһилиэнньэ быһыыны ылыыга былаанын толорбуттары биһириэхтэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ханнык улуустар быһыыны ылыыны үчүгэйдик тэрийбиттэрий? Кинилэри туох биһирэбил күүтэрий?

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар коронавирус саҥа дьаҥын тарҕаныытын таһаарбат буолууга өрөспүүбүлүкэ суһал ыстаабын чахчытынан, Аллайыаха, Эдьигээн, Муома уонна Эбээн Бытантай оройуоннара коронавирус дьаҥын утары нэһилиэнньэ быһыыны ылыытын торумнаммыт былаанын толордулар.

2021 сыл от ыйын 6 күнүнээҕи туругунан Эбээн Бытантай улууһугар былааннаммыт көрдөрүүттэн улахан дьон 93,5 %, Муома улууһугар – 91,51 %, Аллайыаха улууһугар – 88,47 %, Эдьигээн оройуонугар — 83,9 % быһыыны ыллылар.

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан улахан дьоҥҥо быһыыны биэриигэ былааны толорбут түөрт оройуон биһирэниэхтэрэ – бу ыйыллыбыт улуустарга доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр идэтийбит тиэхиньикэни ылыыга үбү биэриэхтэрэ.

Санатан эттэххэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Кылаабынай санитарнай быраас уурааҕынан ковиды утары улахан нэһилиэнньэ 70% итэҕэһэ суоҕар быһыыны биэриини хааччыйарга уураахтаммыта, бастатан туран, 65 үөһээ саастаах дьону.

Дьокуускай куоракка 3 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа нэһилиэнньэҕэ быһыыны биэрии былааннаммыт көрдөрүүтүн 84,56 % толордо.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын  уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Мария Васильева хаартыската

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0