Саха сирин баһылыга тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүнэн эҕэрдэлиир
Саха сирин баһылыга тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-таҥастыыр салаа үлэһиттэрин күнүнэн эҕэрдэлиир.
Күндү тыа сирин туруу үлэһиттэрэ, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээннэрэ!
Тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр сир үлэтигэр куруук ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Агробырамыысыланнай комплекс бүттүүн өрөспүүбүлүкэбит олоҕо-дьаһаҕа уонна экэниэмикэтэ сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрэр.
Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын өйөөһүн уонна хаһаайыстыбаларын көхтөөхтүк сайыннаралларыгар уонна кинилэр кыахтарын олоххо киллэрии – тумус тутар сорукпут. Бу салааҕа төһөнөн элбэх киһи дьарыктанар даҕаны, итиччэнэн элбэх сайдар кыаҕы тэрийиэхпит, соччонон Саха сирин олохтоохторо тупсаҕай олохтонуохтара.
Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сүрүн соруктар ортолоругар – нэһилиэнньэни олохтоох оҥоһуу хаачыстыбалаах табаарынан хааччыллыы таһымын үрдэтии, сүөһү иитиитин уонна үүнээйини ылыы бородууксуйатын үрдэтии, пиэримэлэри, сылгы баазаларын тутуу, бырамыысыланнай таһымҥа көтөрү иитии кииннэрин уонна табаһыттар материальнай-тэхиньиичэскэй баазаларын саҥардыы, бородууксуйаны батарыыны көҕүлээһин.
Хас сыл ахсын бастыҥ технологиялар уонна аныгы тэриллэр туһаныллаллар, итилэр оҥорон таһаарыыны тупсарары сэргэ, агрокултуураларынан хааччыллыыга, тыа хаһаайыстыбатын бары сүөһүтүгэр-аһыгар: ынах сүөһү, сылгы, таба, сибиинньэ уонна көтөр ахсаанын элбэтиигэ инники күөҥҥэ иһэр кыаҕы биэриэхтэрэ.
Торумнаабыт былааннарбыт дьиҥнээх уларыйыыларга, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин дохуоттара улаатыытыгар, тыа сирин сирэ-уота сайдыытыгар, тыа сиригэр дьон олоҕо тупсуутугар тиэрдиэҕэ диэн эрэнэбин.
Күндү доҕоттор! Бу бырааһынньык күҥҥэ таптыыр дьарыккытыгар эрэллээх буолуугут уонна төрөөбүт өрөспүүбүлүкэҕит туһугар таһаарыылаах үлэҕит иһин махтанабын! Чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, нус-хас олоҕу уонна саҥа ситиһиилэри баҕарабын!
Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев