«Саха сирин баһылыга Мииринэй оройуонун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын кэскилин туһунан санаатын үллэһиннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Эрэгийиэн баалабай бородууктатын улахан чааһа уонна өрөспүүбүлүкэ  бүддьүөтүн бэйэтин дохуотун улахан өттө оҥоһуллар Мииринэй оройуона улахан болҕомтоҕо наадыйар. Оройуон салалтатын, АЛРОСА хампаанньа салалтатын кытта 2030 сылга диэри Мииринэй оройуонун сайдыытын туһунан тус сыаллаах ыйааҕы баттыыр туһунан дуогабар ситиһилиннэ.

Манна оройуон сайдыахтаах үгүс хайысхаларга сыһыаннаах кэккэ боппуруостар сырдатылыннылар. Мииринэй оройуонугар хостуур бырамыысыланнас сайдыаҕа диэн, биһиги киһи хапытаалын сайдыытын туһунан туох-ханнык иннинэ өйдүөхтээхпит – маны харыстааһын уонна сайыннарыы туһунан, Мииринэй олохтоохторун олоҕун таһымын туһунан”, — диэн бэлиэтээтэ Айсен Сергеевич.

Докумуоҥҥа доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, култуура уонна социальнай эйгэ сайдыыларын соруктара киирдилэр.

Ил Дархан Мииринэй оройуонугар саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэрии салҕаныаҕа диэтэ. Ол иһигэр АЛРОСА хампаанньа кыттыытынан бу киэҥ хабааннаахтык ыытыллыаҕа. Мииринэйгэ, Удачнайга, Айхалга, ону тэҥэ атын бөһүөлэктэргэ куорат тупсаҕай эйгэтин оҥорууга бырайыактар торумнаналлар.

Чугастааҕы сылларга оройуон бары бөһүөлэктэригэр уонна сэлиэнньэлэригэр түргэн тэтимнээх интэриниэт киириэҕэ.

Ыйаахха ойуччу болҕомто тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа уурулунна.

“Докумуону олоххо киллэриигэ АЛРОСА уонна сир баайын атын хостооччулар кыттыахтара, “, — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

Кини чугастааҕы нэдиэлэҕэ 2030 сылга диэри Мииринэй оройуонун сайдыытын туһунан ыйаах сөбүлэһиннэриллэн, илии баттаныаҕа диэн иһитиннэрдэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0