Саха сирин баһылыга Өлүөнэ муостатын көдьүүһүн дакаастыаҕа

13.02.2019
Бөлөххө киир:

Өлүөнэ эбэни туоратар массыына суолун тутуу Арассыыйа дьоһун геополитическай кыһалҕатын быһааран, Охотскай муораттан Иркутскай уобалаһыгар диэри арҕааҥҥы уонна илиҥҥи чааһын ситимниэҕэ. Мөлүйүөнүнэн квадратнай килэмиэтир сүҥкэн сир-уот дьоһуннук уонна хаачыстыбалаахтык сайдыаҕа. Маныаха Саха сирин баһылыга Айсен Николаев “Якутия24” телеханаалга бу ыарахан сыаналаах инфраструктура эбийиэгин экэниэмикэҕэ көдьүүһүн туһунан сүрүн болҕмтону  ыытааччы ыйытыытыгар хоруйдууругар туһаайбыта.  

Дойду бөдөҥ субъегын салайааччыта Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу кэлэр өттүгэр орто уһун болдьоххо ороскуотун толуйуоҕа диэн санаалаах.

Өлүөнэ муостата экэниэмикэҕэ олоччу көдьүүстээх. Мин бары суоттааһыннары Арассыыйа экономическай сайдыыга миниистирэ Максим Орешкиҥҥа туттарбытым уонна билигин тустаах биэдэмистибэ түмүгүн кэтэһэбит. Биһиги суоттааһыммытын-ааҕыыбытын бигэргэттэхтэринэ, экэниэмикэ федеральнай министиэристибэтин өйөбүлүн ылар кыахтанабыт. Бу биһиэхэ быйыл муостаны бырайыактааһыҥҥа уонна салгыы тутууга чопчу быһаарыыны ылынар кыаҕы биэриэҕэ”, — диэтэ Айсен Николаев.

Саха сирин Ил Дархана аҕалар аргуменнарыгар бэлиэтээбитинэн, регион хотугу таһаҕаһы тиэйиигэ хас эмэ миллиард кээмэйдээх ороскуоту хас эмэ төгүл аччатыаҕа, ону тэҥэ ас-үөл уонна атын табаардарга сыананы намтатыаҕа. Саха сирин экономистара ааҕалларынан, Дьокуускай куорат оройуонугар  туоратар муостаны тутуу өрөспүүбүлүкэ хас биирдии ыалыгар ый ахсын биэс тыһыынча солкуобай кэриҥин кэмчилиэҕэ.

Маны сэргэ Ил Дархан Саха сиригэр тутуллар муостаҕа икки көрүү баарын бэлиэтээтэ. Бастакыта — бу эбийиэк дойдуга ураты экономическай көдьүүһү биэриэ суоҕа, тоҕо диэтэххэ, бу муоста биир эрэ куоракка аналлаах. Онон бу боппуруоска дойдуга саҥа кыахтар баар буоллахтарына, 10-15 сылынан эрэ эргиллиэххэ сөп. Маннык сыһыан соторутааҕыта диэри былаас федеральнай уорганнарыгар баһыйар этэ диэн Айсен Николаев эбэн эттэ.

Өлүөнэ муостата – бу Саха сиригэр, Иркутскай уонна Магадан уобаластарыгар эрэ буолбакка, дойдуга бүттүүнүгэр улахан кэскиллээх диэн иккис көрүүнү  Саха сирин баһылыга олох сөптөөҕүнэн ааҕар. Бу улахан кээмэйдээх туһалаах сир баайыгар тиийэр кыаҕы биэрэр, регион бырамыысыланнаһа, экэниэмикэтэ уонна социальнай олоҕо-дьаһаҕа сайдарыгар көмөлөһүөҕэ. Тырааныспар ноҕуруускатын аччатыы түмүгэр кэккэ инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэрэр кыахтаныахпыт.

Маны сэргэ Айсен Николаев муоста суоҕа Арассыыйа саамай бөдөҥ субъегын сайдыытын дьиҥнээхтик хааччахтыаҕа диэтэ. Тоҕо диэтэххэ, Саха сирин арҕаа уонна илин өттө сибээһэ суох кэриэтэлэр. “Халыма”, “Өлүөнэ”, “Бүлүү” федеральнай массыына суолларын тутууга уонна өрөмүөннээһиҥҥэ Арассыыйа тырааныспарка министиэристибэтин нөҥүө  ыытыллыбыт киэҥ хабааннаах үлэ даҕаны экэниэмикэҕэ сөптөөх көдьүүһү биэрбэтэҕэ. Регион баһылыга бэлиэтээбитинэн, балар бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнэрэ суох.

“Өлүөнэнэн туоратар муостаны тутуу “Өлүөнэ”, “Халыма” массыына суолларын “Бүлүү” суолун кытта ситимниэҕэ. Бу Арассыыйа Хотугу эргимтэтин улахан чааһын  төрүттүөҕэ, ол Илин Сибиири Охотскай муора  пуортарын кытта ситимниэҕэ. Историяҕа аан бастаан Арассыыйа Охотскай муораҕа, соҕуруу кыраныыссаларынан,  Владивосток уонна Хабаровскай оройуонугар Транссиб уонна БАМ  нөҥүө илиҥҥи бэйэтин  муораларын биэрэктэригэр, быдан хотугулуу тахсар кыахтаныаҕа”, — диэн  эттэ Айсен Николаев, маныаха өрөспүүбүлүкэ бэйэтин позицията олохтооҕун дакаастыа диэн туран.

СИА.          

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0