Саха сирин баһылыга “Кыайыы-75” өрөспүүбүлүкэтээҕи пуондаҕа баҕа өттүнэн үп киллэрэллэригэр ыҥырда
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев “Кыайыы-75” өрөспүүбүлүкэтээҕи пуондаҕа баҕа өттүнэн 100 тыһыынча солкуобайы укта уонна бу пуондаҕа үбү угалларыгар ыҥырда.
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
2020 сыл – дойдубутугар, биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар бэлиэ сыл. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 75 сыла! Бу сэрии ыар бааһы хаалларбатах, чугас дьонун сүтэрбэтэх ыала диэн суоҕа буолуо уонна кинилэр хорсун быһыыларынан муҥутуурдук киэн туттуу бэлиэтэ. Мин эһэм Андрей Титович Титаров Сталинград анныгар сэриилэспитэ, кыргыспыта, Доннааҕы фронт 65 аармыйатын 252 стрелковай дивизиятын 932 стрелковай полкатын пулеметчига этэ.
Улуу Кыайыы күнэ дойдуга дьиҥнээхтик өлбөт үйэлээх хорсун быһыыны көрдөрөр улуу бырааһынньык, норуот хорсун быһыытын, улуутун уонна күүһүн бэлиэтэ.
75 сыл устата Улуу Кыайыы – уопсастыба сомоҕолоһуутун чаҕылхай холобура, дойдубут дьонун-сэргэтин улуу патриотизмнарын холобура. Төрөөбүт дойдуну, Ийэ дойдуну таптааһын холобура, бэйэни толук ууруу уонна дьоруойдуу быһыы холобура норуоппут кэриэстэбилин илдьэ сылдьар.
“Я знаю, никакой моей вины
В том, что другие не пришли с войны,
В то, что они – кто старше, кто моложе –
Остались там, и не о том же речь,
Что я их мог, но не сумел сберечь, —
Речь не о том, но все же, все же, все же…”
Бу тыллары фронтовик-поэт Александр Твардовскай суруйан хаалларбыта. Кырдьык, биһиги буруйбут суох, ол эрээри биһиги туспутугар сэриилэспит дьоҥҥо кэриэстэбилбит, чиэспит, дойдубут историятыгар ытыктабылбыт баар. Фроҥҥа уонна тыылга, Улуу Кыайыы туһугар кырдьаҕастар, дьахталлар, оҕолор бары күүстэрин ууран үлэлээбиттэрэ.
Саха сиригэр үбүлүөйдээх Кыайыы сыла “Эһиги хорсун быһыыгыт — көлүөнэлэр сүрэхтэригэр” девиһинэн ааһар.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр “Кыайыы” өрөспүүбүлүкэтээҕи пуондаҕа үбү хомуйууга биирдиилээн дьон, үлэ кэлэктииптэрэ кыттар үтүө үгэстэрэ олохсуйда. Онон бу үбүлүөйдээх сылынан мин учреждениелар, предприятиелар, тэрилтэлэр салайааччыларыгар, урбаанньыттарга, өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторугар “Кыайыы-75” өрөспүүбүлүкэтээҕи пуондаҕа баҕа өттүгүтүнэн харчынан усунуоһу киллэрэргитигэр ыҥырабын. Киирбит үбү-харчыны 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии оҕолоругар тус аадырыстаах социальнай көмөҕө, ахтыы-кинигэлэри, Аҕа дойду Улуу сэриитин, бэтэрээннэр тустарынан киинэлэри таһаарыыга, өйдөбүнньүктэри чөлүгэр түһэриигэ, сэрии хонуутугар өлбүт Саха сирин буойуннарыгар монуменнары өрөмүөннээһиҥҥэ, уопсастыбаннай аахсыйалары тэрийиигэ ыытыахтара.
Билигин хас биирдиибит үрдүк чиэһи сүгэр – Улуу Кыайыы нэһилиэнньигэ буолууну.