Саха сирин баһылыга атырдьах ыйын 1 күнүттэн эрэгийиэн таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы режимин биллэрдэ
Саха сирин баһылыга атырдьах ыйын 1 күнүттэн эрэгийиэн таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы режимин биллэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын Айсен Николаев “Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар ойуур баһаардарыттан үөскээбит эрэгийиэн таһымнаах ойуурдарга ыксаллаах быһыы-майгы режимин олохтуур туһунан” Ыйааҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьиҥ таһымнаах иһитиннэрэр порталыгар таҕыста.
Докумуоҥҥа эрэгийиэн таһымнаах ЫБМ режимэ “Уус Алдан улууһун сиригэр-уотугар муниципальнай көрүҥнээх ойуурдарга ыксаллаах балаһыанньаны, Сунтаар улууһугар “Ыксаллаах балаһыанньа” режимин киллэриинэн, ойуурдарга төрдүс кылаастаах уһуннук турбут баһаар кутталынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин, илин эҥэр уонна арҕаа оройуоннарын сирдэригэр-уоттарыгар кураанах этиҥнээх бөрүкүтэ суох күн-дьыл усулуобуйатын түмүгэр, ойуур баһаардарын ахсаана уонна иэнэ улааппытынан биллэрилиннэ диэн этилиннэ.
Саха сирин баһылыга бэйэтин ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар ойуур баһаардарын умулларыыга миэрэлэри ылыналларыгар уонна эрэгиийэн көрүҥнээх ойуурдарга ыксаллаах быһыы-майгы режимин усулуобуйатыгар нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабатын хааччыйалларыгар сорудахтаата. Муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарыгар муниципальнай тэриллиилэр сирдэригэр-уоттарыгар эрэгийиэн көрүҥнээх ойуурдарга ыксаллаах балаһыанньаны туоратыыга бары кыахтарынан уонна үбүнэн хааччыйарга этилиннэ.
СИА.