Саха сирин Арктикатыгар хайа бырамыысыланнаһын кластерын тутуохтара

Ааптар: 
07.09.2022
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар министиэристибэтэ, Айылҕа ресурстарын уонна экологияҕа министиэристибэтэ, «Росатом» уонна Саха сирэ Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа Саха сирин арктическай зонатыгар хайа бырамыысыланнаһын сайыннарар туһунан сөбүлэҥ түһэристилэр. Федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи былаастар, госкорпорация бэрэстэбиитэллэрэ кыттаннар, Усуйаана уонна Дьааҥы улуустарын бырамыысыланнаһа, социальнай-экэнэмиичэскэй туруга сайдыаҕа.

«Өрөспүүбүлкэ Усть-Куйга, Депутатскай бөһүөлэктэргэ уонна Хайыр сэлиэнньэтигэр социальнай эбийиэктэри тутуоҕа, дьиэ-уот пуондатын саҥардыаҕа, ол иһигэр саҥа кыбаарталлары тутуоҕа, хаарбах дьиэлэри көтүрүөҕэ. Арассыыйа Сыыппараҕа министиэристибэтин кытта Арктика оройуоннарын түргэн интэриниэтинэн хааччыйыыга бырайыагы толкуйдуубут. Бу, биллэн турар, Усуйаанатааҕы хайа бырамыысыланнаһын кластерын сиринэн-уотунан эмиэ ааһыаҕа», — диэн Айсен Николаев этэр.

Усуйаана Усть-Куйгатыгар кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутуу былааҥҥа баар. Инвестиция кээмэйэ 235 млрд солкуобайга тэҥнэһэр. Манна 5111 үлэ миэстэтэ арыллыаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0